Үлэҕитигэр туһалаах буоллун
Түбүктээх үлэ быыһыгар сылдьар кэммитигэр бэлэх тутаммыт үөрдүбүт аҕай. Ол курдук «Мукучу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Анна Ивановна Сысоева сканердаах өҥнөөх принтер бэлэхтээтэ. Элбэх дьон, ааҕааччы сылдьарын көрөн Анна Ивановна үөрдэ уонна эттэ: «Дьэ, туттуҥ. Бу тэрил үлэҕитигэр туһалаах буоллун», - диэтэ.
Үлэҕэ номнуо туттуннубут, быыстапка аатын бэчээттээн таһаардыбыт.
Им И.Н.,
Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.
04.03.2022 сыл
Comments