П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 130 уонна
СӨ Учуутал, Уһуйааччы сылыгар ананар
«П. А. Ойуунускай уонна Кэбээйи улууһа» диэн тэрээһинннэри тэрийэр бөлөх үлэтин салҕыыр. Ол курдук ахсынньы 21 күнүгэр ИТ киин саалыгар «П. А. Ойуунускай уонна Мукучу» диэн түһүмэххэ «П.А. Ойуунускай уонна И. Р. Петров» диэн түһүмэҕи өр сылларга утумнаахтык хасыһан үөрэппит оскуола библиотекара Новикова К. Е. иилээн-саҕалаан ыытта, бэрт итэҕэтиилээхтик кэпсээтэ. Танара орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччилэрэ электроннай слайдалары болҕойон иһиттилэр.
Нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ “Долгутуулаах долгуннаах олох суола” диэн И. Р. Петров уустук олоҕун арыйар сыаллаах Элиэнэ Эбэни кытта ситимнээн суруйбут ырытыытын билиһиннэрдэ.
Ксенья Егоровна «Өркөн өй» диэн судургута суох ыыппыт оонньуутугар үөрэнээччилэр көхтөөхтүк кыттыннылар. Дьүүллүүр сүбэ председателэ, саха тылыгар, литературатыгар учуутала Е. Н. Васильева: “Киирсиилээх оонньуу түмүгүнэн бастакы хамаанда биир баалынан чорбойон кыайыылаах таҕыста уонна бүгүҥҥү күҥҥэ оҕолор билиилэригэр билии эбиннилэр», - диэн бэлиэтээтэ, махтанна.
И.Н. ИМ,
сэбиэдиссэй, суруналыыс.
Хаартыскаҕа Ноговицына А.И., И.Н. Им түһэрдилэр
22.12.2023 сыл
Comments