top of page
mukuchubook

Үөрэммит, үлэлээбит сиргиттэн - Мукучуттан санаа тиһиликтэрэ


(«Үлэ, идэ үөрүйэҕинэн» кинигэ туһунан)


Байҕал курдук баай сахабыт тылын баһылаабыт, дириҥ историялаах Танарабыт оскуолатыгар үөрэҕи-билиини иҥэриммит, үлэлээн суол-иис хаалларбыт Васильева Анна Николаевна үлэлэрин сырдатар кинигэни аахтым. Санаабын үллэстэрбин «Т.Е. Сметанин 70 сааһыгар” диэн (162-174 с.с.) Кэбээйигэ олорон 1989 сыллаахха суруйбут дакылаатыттан саҕалыым. Биир дойдулаахпыт, суруйааччы үбүлүөйдээх 85 сылыгар аналлаах тэрээһиҥҥэ 2004 сыллаахха бу үлэни маассыынканан охсон бэчээттэммит барыйаанын ыраахтан (бэйэтэ да билбэтинэн) билсэр сыаллаах дакылаатын аахпытым. Ити курдук тутуһан тураммын билсиспэтэрбин даҕаны сибээһим саҕаламмыта диэххэ сөп. Олохсуйбут улууспар сахабыт тылын сүмэтин иҥэриммит, эгэлгэтин баһылаабыт, ис кыахтаах учуутал баарын туһунан Роза Андреевнаттан истибитим. Кэлин тэрээһиҥҥэ Кэбээйигэ Анна Николаевна трибунаҕа туран аахпыт дакылаатын (218-230 сс) олус болҕойон истибитим. «Суруйарын курдук саҥарар эбит», - диэн санааҕа кэлбитим. Тэрээһин кэмигэр кылгастык да буоллар билсиспиппит, “Убаастыыр киһибит Иван Егоровичтаах кийииттэрэ эбиккин”, - диэбитэ.

Араас сахалыы эйгэлээх тэрээһиннэри тэрийэ сылдьаммыт Роза Андреевналыын дьүүллүүр сүбэ састаабын аттарарга болҕомтобутун ууран үлэлиирбит. Ол курдук Анна Николаевна баар састаабыгар долгуйан да көрбөт этибит. Тыҥааһыннаах үлэҕэ сыана быстаҕына ким да утары саҥарбатыттан искэр үөрэҕин эрэ.

Кинигэ тула санаабын этэр буоллахха чопчулуур түһүмэхпэр киириим. Кинигэ тахсыбытын туһунан аан бастаан Анна Дорофеевнаттан истибитим, өр-өтөр буолбатаҕа автор тус илии баттаһыннаах (илииһи билиһиннэрии) кинигэтин тутан үөрбүтүм.

Өскөтүн ааҕааччыга кинигэни ааҕыыны сүбэлиир, угуйар буоллахпытына Мукучуга сыһыаран, тыктаран, сырдатар үгэстээхпит, онон Мукучуга сибээстээх тиэмэҕэ, ис хоһоонугар иилии эргийэ туруум.

Ыкса эҥэрдэспит, үксүн да сүбэлиир, арыт сэмэлиир убай туттубут улахан киһитин Степан Ильич туһунан истиҥник суруйбут. (138-140 сс)

(147-149 сс.) Сунтаартан төрүттээх биир дойдулааҕым, Улахан Учуутал, Кэргэн, Ийэ, Эбээ Анна Николаевналыын сыһыаннарын тустарын аахтым.

(232-239 сс.) 2003 сыллаахха «П.А. Слепцов-Ойуунускай 110 сылыгар анаммыт улуус түһүлгэтэ Тыайаҕа» дакылаатын истиэх буолбуппут да, хомойуох иһин, тэрээһин салҕыы буолара тохтоон истибэккэ хаалбыппытын кинигэттэн булан билистим.

“Григорий Кобяков 60 сылыгар ыыттыллыбыт бастакы улуус айар талааннаахтарын көрүү түмүгүттэн...” (295-296 сс.) диэн бэлиэтээһиҥҥэ Мукучуттан оҕолорго Лилия Прокопьева 3 миэстэ буолбут, улахан дьоҥҥо Валентина Ивановна Кондакова 2 миэстэҕэ тиксибит. Айар дьоҕурдаах олохтоох авторбыт, арчыһыт Айтыына бастакы кинигэтин соторутааҕыта сүрэхтээбиппит, кинини бу күрэх кынаттаабытын, эр санааны сахпытын туһунан тус санаатын үллэстибитэ.

«Сэһэним сэргэннэр, кэпсээним кэрэхсэннэр» (Танара оскуолатын 90 сыллаах үбүлүөйүгэр) (301-304 сс.) диэн ыстатыйатыгар болҕомтом хатанна. Ааҕаат да ол кэмнээҕи кэрдиис кэмнэргэ киирэн хааллым: кытыастар кыһыл хаалтыс, горн, лааҕыр, интэринээт, учуутал таһыччы үрдүк аптарытыата. Үөрэммит сиригэр үлэһит буолан эргиллии, аксакаллары, үлэ маяктарын кытта алтыһыы барыта баар эбит.

Танара орто оскуолатын кытта 1982 сыллаахха уонна «Истиҥ көрсүһүү Анна Дорофеевна Ивановалыын» диэн ааттаах түспүт хаартыскалара бааллар. Анна Дорофеевна: «Ити хаартыска миэхэ суох, хата көрөн үөрдүм», - диэбитэ.

Библиотекарь буоларым быһыытынан «Кинигэни кэрэхсээн» диэн түһүмэҕин ордук сэҥээрдим. Болҕомтобун Роза Андреевналыын оҥорсубут кинигэ тарта. «Ахтыы аналын толордун!» (Егор Иванович Дьяконов кэриэстэбилигэр «Сүппэт эркээйини хаалларда» кинигэҕэ аан тыл) киирбит. Бу аан тылы кинигэ оҥоһуллар кэмигэр хаста да аахпытым. Улахан буукубаттан суруллар «Учууталга, мындыр салайааччыга, дьиппиэ, дьирээ үлэһит, эрэллээх кэргэн, аҕа, эһээ» туһунан сүгүрүйүү бэлиэтэбуолар диэн тоһоҕолоон суруйбут.

«Сүтэрбит доҕору булбуттуу» ( «Танара оскуолата» кинигэни ааҕан баран) диэн төбөлөөн Анна Николаевна 15 түһүмэхтээх өйдөбүнньүк кинигэҕэ тус сыанабылын биэрбит.

«Эһиэхэ бар дьоммор эҕэрдэм истиҥэ» түһүмэххэ олунньу 10 күнүгэр 1999 сыллааха Дьяконов Егор Ивановичка сыралаах үлэтин 40 сылынан хомоҕой тылынан, дириҥ ис хоһоонноох эҕэрдэтэ баар. Автор бэйэтэ дьүһүйэринии «Тастыын талба, истиин эриэккэс, талаанныын чаҕылхай кэрэ» киһибитин Павлова Галина Прокопьевнабытын истиҥник эҕэрдэлээбит. Музей дьиэҕэ Мукучулардыын көрсүһүүгэ анаан айбыт эҕэрдэтэ эриэккэһэ долгутар.

«Үйэни уһатар үтүө санаа көстүүтэ» түһүмэххэ Анна Николаевнаны эҕэрдэлээбиттэрэ киирбит. Биһиги Анна Дорофеевнабыт нууччалыы суруйара үгэс буолбутун курдук нууччалыы эҕэрдэлэрэ бааллар. «Үтүө өйдөбүлүнэн ахтабын, саныыбын» диэн Люция Васильевна Кириллова истиҥ эҕэрдэтэ киирбит.

Тыл туһунан бэрт кылгастык тохтуум кинигэ бастакы илииһигэр «котоку» диэн тылы наһаа истиҥник, уруурҕуу аахпытым, тута Сунтаарбар, оҕо сааспар эргилинним. Кэбээйигэ аныгы олоххо хото туттуллубат тыл. Анна Николаевна ураты кэбээйилэрдии истииллээх суруйарын бэлиэтиэхпин баҕарабын: дьиппиэ диэн тылы атын суруйууларга, айымньыларга бу диэн таба түбэһэн ааҕа иликпин. «Дьорҕоот дьокутаат» диэн Михаил Эверстов туһунан суруйбутун хаһыакка ааҕан турабын, ити курдук автор киһи уобараһын уот харахха ойуулуур үгэстээх.

Түмүктээн эттэххэ, кинигэ «Үлэ, идэ үөрүйэҕинэн» диэн аата да этэринии эдэркээн даҕаны, уопуттаах даҕаны учууталларга, саха тылын эйгэтин тарҕатааччыларга тирэх, көмө буолуо дии саныыбын. Уопсайынан Үлэ киһитин, саха тылын маастарын уобараһа арыллыбыт.

Бу «лис» курдук халыҥ кинигэ сүрэхтэниитэ Кэбээйигэ буолбутун туһунан истэн эрэ хаалбыппыт, ол эрээри, хата, ситэ баттаан улуустааҕы онлайн тэрээһиҥҥэ үөрэ-көтө кыттыһабын диэн санаабын тиэрдэбин, тэрийбит дьоҥҥо махталбын этэбин.


Им Ия Николаевна,

Мукучу нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ,

СӨ култууратын туйгуна,

Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнин

Кэбээйи улууһунааҕы бастакы

сүһүөх тэрилтэ бэрэссэдээтэлэ.

10.2.2024 сыл



194 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page