Тохсунньу 25 күнүгэр Мукучу нэһилиэгэр сахалыы сиэри - туому тутуһан, саха итэҕэлинэн аал - уоту аһатан, сирбит дойдубут иччилэриттэн, Үөһээ үрдүк Айыылартан, Үрүҥ Аар Тойоҥҥо махтанан, үҥэн, сүгүрүйэн, көрдөһөн, бар дьоммут этэҥҥэ олороллорун туһугар, саҥа үүммүт сылга арчыланыы, алгыстаныы сиэрэ - туома ыытылынна. Быстах хомуурга сылдьар буойун уолаттарбытыгар сырдык айыы күүһүнэн көмүскэл, харысхал ыытылынна.
Аал уоту аһатан, кэлбит дьону ыраастааһыны, арчылааһыны Валентина Кондакова - Айтыына ыытта.
Оһуокай түһүлгэтин Дьокуускайдааҕы культура уонна искусства коллеһын 3 курсун студентката, практиканка Раиса Саввинова тэниттэ.
Бэрт сэргэх тэрээһин буолан ааста.
Хаартыскалар, видеолар бу сигэҕэ бааллар https://drive.google.com/drive/folders/1kN9OztGv9f3FLMKpgZ8uezh3355SddF6?usp=share_link
Тэрийэр бөлөх
Commentaires