Литература сылыгар, Андрей Кривошапкин 75 сылыгар ананар.
Үөрэҕирии эйгэтигэр сүҥкэн өҥөлөөх, кырдьаҕас учуутал, салайааччы, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Спиридонов Михаил Степанович Сэбээн Күөлгэ үлэлээбит кэмнэригэр Андрей Васильевич Кривошапкинныын алтыспыт кэмнэрин туһунан сэһэргээтэ.
- Бүгүн , алтынньы 17 күнүгэр кэрэ - бэлиэ, үтүө күн тосхойдо. Норуодунай суруйааччыбыт, общественнай деятель, талааннаах биир дойдулаахпыт Андрей Васильевич Кривошапкин 75 сааһын туолла. Михаил Степанович, ханнык кэмнэргэ Сэбээн Күөлгэ бииргэ үлэлээбиккиний?
- Сэбээн Күөлгэ 1973 - 1974 үөрэх дьылларыгар биология, химия предметтэрин үөрэппитим, икки сыл үлэлээбитим. Андрей Васильевич дириэктэрдиир сылларын кэмэ этэ, Ленинградтааҕы А. И. Герцен аатынан государственнай педагогическай институту бүтэрэн кэлэн үлэлии сылдьара. Мин оҕолору походтарга илдьэ сылдьарым. Андрей Васильевич бу кэскиллээх, айылҕалыын алтыһар туһалаах үлэни таба өйдөөн өйөөбүтэ. Походка барыыны тэрийсэрэ, аһынан хааччыйара. Айылҕаҕа сылдьан, палаткаҕа хонон таас, мас, үүнээйи хомуйарбыт, киинэ устар, хаартыскаҕа түһэрэр этибит. Бүтэн кэлэн баран быыстапка тэрийэрбит.
- Оскуола дириэктэрэ үлэлиир истиилэ хайдах этэй?
- Андрей Васильевич олус деликатнай киһи, чинчийэр, үөрэтэр хайысхалаах буолааччы. Барытын былааннаан үлэлиирэ, оннук ирдиир, толотторор истииллээх салайааччы этэ. Мунньахтарын барытын ымпыгар - чымпыгар тиийэ толкуйдаан ыытара. Кини араас дьону оҕо иитиитин курдук уустук эйгэҕэ түмэрэ. Кылаас салайааччылара, учууталлар, төрөппүттэр, оҕолор бары олус убаастыыллара, тылын ылыналлара.
- Михаил Степанович, Эн өр сыллар усталарыгар салайар үлэҕэ үлэлээн кэллиҥ. Дьэ, Андрей Васильевич салайар үлэҕэ ханнык истиилин Эн чопчу туһанныҥ?
- Былааннаахтык үлэлиирин биһирээн оннук истиили тутуспутум. Урут оҕону, төрөппүттэри дьүүллээһин, сууттааһын хабааннаах хайысха дэлэйдик туттуллар кэмигэр кини ону туттубат этэ. Сиэрдээхтик кэпсэтэн, өйдөтүү үлэтин ыытарын туттубутум. Ол ону төрөппүт да, оҕо да ылынар эбит.
- Андрей Васильевич киһи быһыытынан хааччыстыбаларын ааттаталыаҥ дуо?
- Киһи бэрдэ киһи, олус чиэһинэй, эппиэтинэстээх, эппит тылын булгуччу толорор, бэрт үлэһит үтүө киһи.
- Ааҕааччы быһыытынан ханнык айымньыларын сөбүлүүгүнүй?
- Элбэх айымньылардаах, “Дьылҕам кытыла” романын олус сөбүлүүбүн. Үчүгэйдик суруйар, бэйэтэ бэйэтигэр ирдэбиллээх автор.
- Михаил Степанович, Эн биолог быһыытынан Андрей Кривошапкин дойдутун хайдах ойуулуугунуй?
- Сэбээн Күөл олохтоохторо кэпсэтинньэҥ, аһаҕас дууһалаах, айылҕаҕа чугас дьон буолаллар. Хайа быыһыгар, микроклимакка олороллор. Халыҥ хаар суох, ото - маһа аҕыйах, тымныы дойду. Тирэх (тополь) мас күһүн түүтүн ыһан кэбиһэр. Били “Тополиный пух, жара, июль...” диэн ырыа баар дии, оннук курдук (күлэр). Күөллэрэ, хайа күөллэрэ буолан ып - ыраастар, түгэҕэ биллибэт дириҥнэр.
- Андрей Кривошапкины кэлин ханна, хаһан көрсүбүккүнүй?
- Кэлин парткомҥа, обкомҥа үлэлиир кэмнэригэр хаста да көрсүбүтүм. Мукучуга Вячеслав Штырову арыаллаан кэлэ сылдьыбыта. Бу сайын улуус ыһыаҕар кэлэ сырыттаҕына дьиэбэр ыҥыран дириэктэрбэр оскуолаҕа үлэлээбит үлэбин отчуоттаабытым. “Улуус ыһыаҕын үчүгэйдик тэрийбиттэр”, - диэн тус санаатын эппитэ.
- Андрей Васильевиһы литература уонна үбүлүөйдээх сылынан, күнүнэн эҕэрдэлиибин. Доруобайдык сырыттын уонна айымньылаах, общественнай үлэлэригэр ситиһиилэри, дьиэ кэргэнигэр дьолу - соргуну баҕарабын.
Интервьюну ылла
Им И.Н., Мукучу модельнай библиотеката, 10 №-х филиал матырыйаала туттулунна.
17.10.2015 сыл
Comments