top of page
mukuchubook

Үлэнэн үйэтитиллибит



Жирков Семен Гаврильевич төрөөбүтэ 100 сылыгар,

Кэбээйи улууһа төрүттэммитэ 85 сылыгар ананар




Советскай хозяйственнай деятель, Российскай Федерация уонна Саха республикатын үтүөлээх агронома, Ленин, Октябрьскай революция, Үлэ Кыһыл Знамя, Хотугу сулус орденнарын кавалердара, 8-с ыҥырыылаах ССРС Үрдүкү Сэбиэтин депутата, "Туйгун үлэтин иһин", "Улуу кыайыыга килбиэннээх үлэтин иһин" мэтээллэр, Кыһыл болуоссакка Улуу Кыайыы Парадын кыттыылааҕа, Кэбээйи уонна Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Жирков Семен Гаврильевич төрөөбүтэ сылыгар аналлаах "Үлэнэн үйэтитиллибит" диэн тэрээһиннэр далааһыннаахтык тыа хаһаайыстыбатын нэдиэлэтигэр ыытылыннылар. Тэрийэр хамыыһыйаны председатель “Мукучу нэһилиэгэ” МТ баһылыга Левин Николай Иванович салайан ыытта.

Сэтинньи 17 күнүгэр сарсыардаттан "Дайан" СК олохтоох оҥорон таһаарар бородууксуйа дьаарбаҥката тэрилиннэ. Тыа дьонун түбүктээх үлэтин үтүө түмүгэ бу күргүөмнээх түһүлгэҕэ арылынна.

Гаврильева А. А. санаатын үллэһиннэ: “Тыа хаhаайыстыбатын дьаарбанката бэрт көдьүүстээхтик ааста. Уопсайа 4 тэрилтэ (Танара орто оскуолата, оҕо дьоҕурун сайыннарар тэрилтэ, “Унаардаах”, “Сайылык”), 2 чааhынай хаһаайыстыба (Татаринов В.А., Гуляева И.Ф.) кытыннылар. Кыттааччылартан биирдэстэрэ биhиги тэрилтэбит - Тыа хаhаайыстыбатын онорон таhаарар «Сайылык» кээпэрэтиибэ кытынна. Уопсайа 9 бородууксуйа көрүҥүн атыыга таhаарбыппыт: ынах этэ, ынах иhэ (комплект), мииннэ буhарар ынах этиттэн набор, фарш, чохочу, ынах иhиттэн эриллибит халбаhыы, ынах быара, убаhа этэ, убаhа иhэ (комплект). Ону таhынан амсатыыга буспут чохочуну, ынах иhиттэн эриллибит халбаhыыны, үтэhэлээх эти таhаарбыппыт. Нэhилиэнньэ олус көхтөөхтүк кэлэн атыыласпыта. Дьаарбанкаҕа тэрилтэбитигэр 34300 солк. дохуот киирбитэ, ону таhынан 281800 солк. атыылаhарга заявкалаабыттара. Бу сыл дьаарбанкатын уратыта диэн оскуола үөрэнээччилэрэ бизнес-инкубатор дьыалатынан: саахарнай ваата, шаурма, коктейль уо.д.а. бородууксуйаны эрчимнээхтик атыылаабыттара, дьону - сэргэни сэргэхсиппиттэрэ. Түмүгү сарсыҥҥы күнүгэр таhаарбыттара. Тэрилтэбит наҕараада, бэлэх бөҕөтүн ылан олус үөрдүбүт. Түгэнинэн туhанан олохтоох дьаhалтаҕа махтаныахпытын баҕарабыт. Бу буолбут тэрээhиннэр үрдүк таhымнаахтык аастылар. Бу сыл тыа хаhаайыстыбатыгар улахан болҕомтону уурбуттара көстөр.

5 чаастан “Арчы” дьиэтигэр нэһилиэкпит кырдьаҕаһа Николаев Данил Никифорович алҕаан уот иччитин алаадьынан күндүлээтэ, кымыһынан айах тутта. 2014 сыллаах Олоҥхо ыһыаҕар тойук күрэҕэр кылаан бириис хаһаайката, СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна, Көһөҥө Бүөтүр аатынан стипендиатка Раиса Семеновна Маркова - Жиркова ийэ олоҥхоһут Петр Решетников - Көһөҥө Бүөтүр "Айыы Дьураҕастай" олоҥхотуттан быһа тардан толоруутун премьерата буолла. Оҕотуттан саҕалаан кырдьаҕаһыгар тиийэ болҕойон, сэҥээрэн иһиттибит.

[17.11, 19:41] Жиркова Раиса Семеновна: “Наһаа бэртик ааспытыттан, олуһун үөрдүбүт. Үчүгэй тэрээһини тэрийбиккитигэр улахан махтал! Николай Иванович, дьоһун киһиэхэ туспа анаан-минээн, дьоһуннаахай МАХТАЛБЫТЫН тиэрдэбит! Кини кэтит көхсүгэр, киэҥ санаатыгар көмүскэллээх курдук сананан, ырыабыт-тойукпут таҕыста диэн, сүрдээхтик астынныбыт!”

Олоҥхо дойдутугар


Мукучу нэһилиэгэр сэтинньи ый 17 күнүгэр 5 чаастан «Арчы» дьиэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, өр кэмҥэ Таатта оройуонун Петр Алексеев аатынан сопхуос дириэктэрэ, 1971-1975 сылларга СССР Верховнай Сэбиэтин дьокутаата, Кэбээйи уонна Таатта оройуоннарын бочуоттаах олохтооҕо Семен Гаврильевич Жирков төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах дьоһун тэрээһиҥҥэ эдэр - эмэн дьон тоҕуоруһа муһунна. Бука бары кулҕаах - харах иччитэ буолан, олоҥхону истээрибит ис куттуун иһийэн төбүрүөннээн олордубут.

Тэрээһин саҕаланыытыгар СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, үлэ, баартыйа бэтэрээнэ, улуус бочуоттаах олохтооҕо Николаев Данил Никифорович аал уот иччитин айах тутан аһатта, этэҥҥэ буолууну, дьолу - соргуну көрдөһөн алгыс тылын эттэ. Ол кэнниттэн саха норуотун бастакы суруйааччылара уутуйан үөскээбит талыы - талба Таатта сириттэн кэлбит күндү ыалдьыппыт, Көһөҥө Бүөтүр аатынан стипендиатка, Олоҥхо ыһыаҕын (2014 с.) тойук күрэҕэр кылаан бириис хаһаайката, СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгуна, хара саһыл түүтүнэн кыбытыллан тигиллибит сахалыы мааны сонноох, дьабака бэргэһэлээх Далбар хотун Раиса Семеновна Маркова - Жиркова алгысчыттан көҥүл ылан бэйэтин билиһиннэрдэ уонна олбоҕор олорон олоҥхолоон киирэн барда.

Киириитигэр бухатыыр төрдүн - ууһун, төрөөбүт - үөскээбит сирин - дойдутун, дьиэтин - уотун, дьүһүнүн - бодотун уустаан - ураннаан олус үчүгэйдик ойуулаан истээччи болҕомтотун тарта. Киһи барыта күннээҕи кыһалҕатын умнан дьикти кэрэ эйгэҕэ, олоҥхо дойдутугар киирэн иһийэн иһиллээтэ. Истэ олорон, “Ноо!” - диэн сэргээбитин, сөхпүтүн - махтайбытын биллэрэн саҥа аллайда. Олоҥхоһут бэйэтэ иһирэхтик иэйэн, куолаһа чөллөрүйэн, кылыһаҕа кыҥкынаан ырыата - тойуга ырааҕынан ыырданна, куйаарынан куйуһуйда.

Оо, илбистээх - имэҥнээх улуу сахам тыла барахсан! Эн баар буолаҥҥын, күн бүгүҥҥэ диэри тыыннаах тиийэн кэллэхпит, саха омук аатын ааттатан, саха буолан сандааран олордохпут, эбээт! Кырдьыга да оннук! Хомуһуннаах тыл хоһооно ураты умсулҕаннаах, анала үрдүк айыылартан айдарыылаах... Олоҥхоһут этэн - тыынан эҕилдьитэн, хомоҕойдук хоһуйан, ыллаан ыҥсалытан киһи кутун - сүрүн тутан, олоҥхо дойдутугар сылдьан илэ харахпынан көрбүт, аптаах - алыптаах эйгэҕэ киирэн кыл түгэнэ кыттыспыт саҕа сананным. Айыы Дьураҕастай бухатыыр орто дойду дьонун олоҕун араҥаччылыыр аналын толорон, айыы кыыһын быыһаан, кыайан - хотон кэлэн дьол - соргу тосхойдо, уостубат уйгу - быйаҥ буолла.

Ийэ олоҥхоһут Петр Егорович Решетников-Көһөҥө Бүөтүр “Айыы Дьураҕастай” диэн олоҥхотуттан быһа тардыыны мустубут дьон олус сөбүлээн иһиттибит. Олоҥхону истэр кэмҥэ Семен Гаврильевич Жирков олорбут алааһын күөлүттэн Чымаадайтан минньигэс амтаннаах соболору муҥхаһыт Давид Лазарев бэрсибитин мииннээн буһаран ыалдьыттары күндүлээтилэр. Биллэрин курдук, олоҥхо – саха героическай эпоһа. Киһи кыаҕын, күүһүн-уоҕун, үтүөтүн, чулуутун уруйдуур айымньыны – олоҥхону аныгы кэмҥэ санаатах ахсын күн аайы истибэккин. Бу сүҥкэн суолталаах тэрээһини, дьоро күнү нэһилиэк дьонугар-сэргэтигэр анаан тустаах хамыыһыйа иилээн-саҕалаан ыыппытын бэлиэтиир тоҕоостоох (бэрэссэдээтэл - Мукучу нэһилиэгин аҕа баһылыга Левин Николай Иванович). Олоҥхону дуоһуйа истэн баран, толору астаах сандалы тула олорон собо миинэ, итии чэй иһэ-иһэ, ирэ-хоро санааны сайа этэн истиҥ сэһэргэһии буолла, инники үлэ былаана торумнанна.

Түмүкпэр, сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан тураммын, Раиса Семеновнаҕа саха норуотун чулуу айымньытын кэһиилэнэн кэлэн кэпсээбиккэр, ыллаабыккар-туойбуккар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Өрүү маннык олох үөһүгэр, бар дьонуҥ ортотугар кэрэни кэрэхсэтэ, үтүөнү үксэтэ этэҥҥэ сылдьыҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ диэн аптаах саха тылынан алгыс бастыҥын аныыбыт.

Светлана Самсонова,

Танара орто оскуолатын саха тылыгар,

литературатыгар уонна төрүт култуураҕа учуутала.

Сэтинньи 18 күнүгэр 10 чаастан "Дайан" СК "Үлэнэн үйэтитиллибиттэр” диэн иһитиннэрии түһүмэҕэ Танара орто оскуолатын үрдүкү кылааһын уоланнарын литературнай монтаһынан арылынна. «Мукучу нэһилиэгэ» МТ баһылыга Левин Николай Иванович,тыа хаһаайыстыбатын оҥорон таһаарар “Сайылык” кээпирэтииб салайааччыта, улуус мунньаҕын депутата Дьяконов Петр Аркадьевич, Танара орто оскуолатын директоры солбуйааччы Аммосова Татьяна Климовна, оҕо дьоҕурун сайыннарар тэрилтэ эбии үөрэхтээһинин педагога Саввинова Мария Ивановна уонна үөрэнээччилэргэ аналлаах нпк - ҕа бастакы миэстэни ылбыт ТОО 3 кылааһын үөрэнээччитэ Местников Сайаан, МГ 5 кылааһын үөрэнээччитэ Андросова Айыллаана кыттыыны ыллылар. Информационнай слайдаларынан үлэлэрин сырдаттыллар.

Салҕыы "Үлэ. Дьылҕа. Дьол." саҥа тахсыбыт кинигэни билиһиннэрии, санаа атастаһыытын түһүмэҕэр дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуоллаах сценаҕа Семен Гаврильевич кыргыттарын: СӨ үөрэҕириитин, култууратын туйгунун, СӨ педагогическай үлэ бэтэрээнин, Таатта улууһун бочуоттаах олохтооҕун Раиса Семеновнаны уонна СӨ култууратын туйгунун, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитин Лариса Семеновнаны олохтоохтор үөрэ - көтө көрүстүбүт.

Модельнай библиотека библиотекара Афанасьева В. Н. кинигэ тутулун, ис хоһоонун сырдатта. Ол курдук, кинигэ 5 түһүмэхтээх:

1. Ийэ, аҕа сылааһын илдьэ сылдьар оҕолорун ахтыылара

2. Хаан тардыыта аймах - билэ, доҕор - атас дьон ахтыылара

3. Олох киэҥ аартыгар таһаарбыт, үлэҕэ уһуйбут дьоһун үлэһиттэрин ахтыылара

4. Дьон махтала - үрдүк аат!

5. Ытык кырдьаҕас киһибит тэттик санаалара

Хомуйан оҥордулар: Раиса Семеновна Маркова - Жиркова, Маргарита Николаевна Николаева, Николай Николаевич Колодезников, Владимир Семенович Малгин. Эрэдээктэрдэр: Георгий Михалович Артемьев, Анна Константиновна Посельская

Ытык Күөл “Таатта” хаһыат редакциятыгар таҥыллан 200 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт, мелованнай 220 лиистээх, 40 иллюстрациялаах. Халыҥ хахтаах, А4 форматтаах.

Сэбиэдиссэй кинигэ аналыгар, тылыгар - өһүгэр санаатын үллэһиннэ.

ИТ киин Мукучу специалиһа Ноговицына А. И. биир дойдулаахпыт үтүө аатын үйэтитэр өйдөбүнньүк быһыытынан НВК Саха фондатыттан видеолар хомулланнар Gr - кодунан сыһыарыллыбыттарын тоһоҕолоон быһаарда.

Ийэ, аҕа сылааһын илдьэ сылдьар оҕолорун ааттарыттан Раиса Семеновна, Лариса Семеновна истиҥ тылларын иһиттибит.

Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр өр үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Мукучу нэһилиэгин, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо Иванова Клара Дмитриевна бэрт иһирэх ахтыытын иһиттибит.

Саха ССР ИДьМ милициятын туйгуна, СӨ баһаары утары сулууспа туйгуна, ветерана Иванов Алексей Григорьевич тус санаатын тиэртэ. Аймахтара кинигэ таһа ойуулаах торду бэлэх ууннулар.

Тыа хаһаайыстыбатыгар өр сылларга үтүө суобастаахтык үлэлээбит, билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Мукучу совхоһун туһунан “Төрүт үгэһи төлөрүппэккэ” диэн кинигэ автора Егорова Мария Григорьевна аймах, үлэһит быһыытынан кэпсээтэ, кинигэтин бэлэхтээтэ.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, туйгуна, Кэбээйи улууһун, Мукучу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Кириллова Люция Васильевна санаатын иһиттибит.

“Сайылык” кээпирэтиибин бухгалтера Гаврильева Анна Алексеевна чопчу «Айылҕаттан айдарыылаах салайааччыбыт С. Г. Жирков» диэн Артемьев Г. М. ыстатыйатын сөбүлээбитин туһунан санаатын эттэ.

Танара орто оскуолатын библиотекара, Россия суруналыыстарын союһун чилиэнэ Новикова Ксенья Егоровна Семен Гаврильевич бэлэхтээбит кинигэтин фондатын билиһиннэрдэ, кинигэ ис хоһоонун, тылын ырытта.

4 кинигэ ааптара, ырытааччы, кириитик. Танара орто оскуолатын саха тылыгар, литературатыгар учуутала, СӨ үɵрэҕириитин туйгуна, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ Самсонова Светлана Николаевна Жирков С.Г. тэттик санаатыгар “Өбүгэлэрбитин кэриэстиэҕиҥ” диэн ыстатыйатын ырытта.

Сахалыы куттаах Жирковтар аймахтарыгар библиотека, ИТ киин коллектива кытыйа бэлэхтээтилэр.

Левин Н. И. эҕэрдэлээтэ, бэлэхтэри туттарда.

“Арчы” дьиэтигэр сибиэһэй бородууксуйанан бэрт минньигэс аһынан Семен Жирков аймах - билэ дьонноро күндүлээтилэр. Төгүрүк остуол тула кэскиллээх этиилэр аһаҕастык санаа атастаһыытын сиэринэн барда.

5 чаастан Сэмэн Жирков "Бар дьон туһугар анаммыт олох" диэн документальнай киинэ күөх экраҥҥа анонса буолла.

Тыа хаһаайыстыбатын эйгэтигэр үрдүк көрдөрүүлээх дьону бэлиэтээһин, быыстапка түмүгүн таһаарыы, кыайыылаахтары эҕэрдэлээһин тэрилиннэ. Тэрилтэлэр икки ардыларыгар күрэххэ “Эмис собо”, “Эмис убаһа этэ”, “Өлгөм ас” диэн номинациялар кыайыылааҕынан тахсан И. Е. Левин аатынан Танара орто оскуолата агро хайысхалааҕын бигэргэттэ. Биирдиилээн чааһынай хаһыыйыстыба күрэҕэр “Өлгөм ас” номинацияҕа Гуляева Ирина Филипповна тигистэ. “Сайылык” кээпирэтиипкэ “Эмис ынах этэ» номинация ананна уонна Бастыҥ муҥутуур кыайыылааҕынан буолла. Дьүүллүүр сүбэҕэ Федорова Е. И. өр сылларга тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит, “Ытык сүбэ” чилиэнэ, баһылык, тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Алексеева Т. А. үлэлээтилэр. Сыаналаах бириистэри тутаннар дьон үөрүүтэ үгүс буолла.

Жирковтар кыргыттара наҕараадалааһын түһүмэҕэр улуус баһылыгар Левин И. И., нэһилиэк баһылыгар Левин Н. И., библиотека сэбиэдиссэйигэр Им И. Н. Таатта улууһун баһылыгын М. М. Соров илии баттаһыннаах махтал суругун, нпк кыттыбыт оҕолорго, улахан дьоҥҥо дьиэ кэргэн аатыттан эҕэрдэ суруктары туттардылар, ырытыы оҥорбут дьоҥҥо кинигэ бэлэх ууннулар, ыкса алтыһан үлэлээбит киһилэригэр Им И. Н. арыллыбыт кинигэ бэлиэни үрүҥ көмүс оҥоһугу туттардылар.

Сарсыныгар сэтинньи 19 күнүгэр Лаачыма Эбэҕэ күүлэй муҥха тэрилиннэ. Тааҥнааҕынан сибээстээн илийбэт курдук саппыкы кэппиттэр. Ким да туора турбакка бары көхтөөхтүк кыттыыны ыллылар. Муҥха сылдьыыга аан бастаан сүрэхтэммит ыалдьыттарбытын күн чаҕылыччы көрөн уруйдуу көрүстэ. Көрүөх бэтэрээ өттүгэр күн киирэн суһуктуйан барда. Муҥха коллективнай үлэ көрүҥэ буолар, араас ньыманы тутталларын биһирии көрдүлэр, иһиттилэр, кыттыстылар. Эбэбит күндүлээтэ. Хараҥаны баттаһа дьон, норуот дуоһуйа, астына тарҕаста. Лариса Семеновна: “Айылҕа араас көрүҥүн көрдөрдө”, - диэн астына бэлиэтээтэ.

[19.11, 07:10] Жиркова Раиса Семеновна: Өбүгэбит түөлбэлээн олорон,

Үөскээбит-диэлийбит, Мукучу сириттэн, Бу ахтыы-көрсүһүү күннэрбит солуннара, Сири-дойдуну сирийэ көттүлэр! Санаан-оноону үөртүлэр, Сүргэ-тыыҥҥа күүһү эптилэр! Сайаҕас санаалаах элбэҕин туоһулаатылар! Сиргэ-халлааҥҥа диэри, Самааннык ис сүрэхтэн, Сымнаҕас-сырдык дьоммутугар, Сылаанньыйа махтанабыт!


Семен Гаврильевич Жирков кыргыттара,

Раиса, Лариса, 2022 сыл

Ханна да сылдьалларын тухары ыалдьыттарбыт хаартыскаҕа түһэрэ, видеоҕа уһула, санааларын сурукка тиһэ, тарҕата сырыттылар.

Сарсыарда айаҥҥа туруннулар.

[20.11, 13:05] Жиркова Раиса Семеновна:

Суол уһун, Айан киэҥ, Сир - дойду үгүс! Үтүө киһи сыһыана, Ону барытын киэргэтэр!

Силистиир - үйэлиир, Өйү-санааны чочуйар,

Күүһү-күдэҕи тилиннэрэр! Майгы мааныта, Тыл мындыра,

Сүрэх сылааһа, БУОЛУОҔУҤ!


Хаартыскалары манна көрүөххүтүн сөп https://drive.google.com/drive/folders/1PDUDf0x-nXlULnL1OHxp7KIhf8uyTNsg?usp=sharing



Тэрийэр бөлөх

Матырыйааллар бөлөх

фондатыттан ылылыннылар.

17 - 20. 11. 2022 сыл





124 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page