Жирков Семен Гаврильевич төрөөбүтэ
100 сылыгар ананар
С. Г. Жирковка аналлаах ыйдааҕы тэрээһин түһүмэҕэ саҕаланна. Ол курдук алтынньы 21 күнүгэр Танара орто оскуолатын актовай залыгар нпк арыллыыта буолла. Киирии тылы нэһилиэк тэрийэр хамыыһыйатын аатыттан Им И. Н. эттэ, “Үлэ. Дьылҕа. Дьол” диэн саҥа тахсыбыт кинигэни обзордаата. Оскуола директора Эверстов Е. П. Семен Гаврильевичтыын алтыспыт кэмнэрин кэпсээтэ. Директоры солбуйааччы Аммосова Т. К. нпк хаамыытын билиһиннэрдэ, хас биирдии кыттааччыларга ситиһиилэри баҕарда.
“С. Г. Жирков тус олоҕо, үлэтэ” диэн түһүмэххэ «С. Г. Жирков игирэ убайа Мыттыа» үөлээннээҕэ, учуутал Н. П. Егоров ахтыытыгар олоҕуран Л. А. кэпсээтэ (2 миэстэ). К. О. уонна С. А. (3 миэстэ) иккиэн бииргэ бэлэмнэнэн «С. Г. Жирков - мындыр мас ууһа» диэн тиэмэни билиһиннэрдилэр, пластининынан пулемет оҥорбуттарын көрдөрдүлэр, кэлин кээмэйин тутуһан маһынан оҥорор былааннаахтар.
«Тыа сирин техникатыгар үлэ” диэн түһүмэххэ илиитин уруултан араарбат суоппар диэн үлэтин эһээтин аатын сүгэр К. К. (3 миэстэ) сырдатта. Кирилл Петрович газ 66, бензин таһар, онтон пожарнай массыыналарга суоппардаабыт.
М. С. (1 миэстэ) ”Следуя мечте” диэн тус баҕа санаатын толорбут эһээтин Александр Афанасьевич туһунан билиһиннэрдэ. ЗИЛ 131, газ 66, камаз курдук улахан техникаларга үлэлээн Саха сирин устун ыраах айаннарга сылдьыбыт.
С. Б. (2 миэстэ) “Холобур буолар күндү киһим” диэн үлэтигэр хос эһээтин Павлов Кирилл Титович туһунан кэпсээтэ. Кини тракторист, тоҕус уолу үлэһит гына иитэн таһаарбыт, Леонид Кириллович аҕатын туйаҕын хатаран СХПК “Сайылык” тэрилтэҕэ трактористыыр.
И. А. (2 миэстэ) “Эһэм чемпион суоппар” диэн интэриэһинэй теманы арыйда.
“Бастыҥ механизатор” диэн үлэни И. Д. (1 миэстэ) бэрт интэриэһинэйдик сырдатта. Сидоров Иван Еремеевич сырдык уобараһын арыйда.
“Эһээм Никииппээр” диэн бэрт сахалыы ааттаах үлэтин эһээтин аатын сүгэр Н. Е. (3 миэстэ, “Кэрэхсэбиллээх үлэ” анал аат) кэпсээтэ. Мөлтөх суолу аахсыбакка, күүстээх - уохтаах буолан суоппардаан нэһилиэк сайдыытыгар кылаатын киллэрбит.
С. А. (2 миэстэ) “Тумус туттар киһим - эһээм Степанов Степан Асамович” диэн үлэтигэр тимир көлө - трактор доҕордоох, туруу үлэһит киһи уобараһын сырдатта.
В. А. (1 миэстэ) “Киэн туттар эһээбит Николай Афанасьевич Кычкин” диэн дакылаата истээччилэр сэҥээриилэрин ылла. Кини тугу үлэлээн РСФСР үтүөлээх механизаторыгар тиийэ үүммүтүн толору дакаастаата. Эбээтин Вера Афанасьевна хоһоонунан түмүктээтэ.
Массыына уруулун тутаҥҥын
Уһун да суолу бардаҕыҥ,
Трактор көлөнү тэһииннээн
Үлэни - хамнаһы кыайдаҕыҥ.
“Булчуттар, ферма үлэһиттэрэ уо.да.а.” диэн түһүмэххэ Г. А. (1 миэстэ) “Чемпион булчут - Каратаев Николай Петрович” дакылаатын билиһиннэрдэ. 1987 сыл түмүгүнэн туруоруллубут былааны 155, 8 % толорон Чемпион - булчут аатын сүкпүт эһээтин туһунан суруйбут.
И. уонна К. Кычкиннар (2 миэстэ) эһээлэрин Борисов Степан Иванович булчут уобараһын киэн тутта билиһиннэрдилэр. Кини тулуурдаах айанньыт, сонордоох булчут, баартаах сааһыт эбит. “СР үтүөлээх наставнига” диэн бочуоттаах аат иҥэриллибит.
Н. С. (1 миэстэ) “Мукучу бастыҥ балыксыттара” диэн бэрт киэҥ тиэмэни сырдатта. Испииһэк оҥорбут, 15 бастыҥ балыксыттар хаартыскаларын түмпүт, удьуор балыксыттары үөрэппит. Бастыҥ балыксыт диэн саамай үлэһит, тулуурдаах, дьаныардаах дьон буолалларын дьиҥ чахчы итэҕэйбитин биллэрдэ.
Экспертэр Кычкина А. Д., Самсонова С.Н., Им И. Н. кыттааччыларга ыйытыы биэрдилэр, темаларын төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээтилэр, хас биирдии оҕоҕо тустаах сүбэлэри биэрдилэр. (Дьүүллүүр сүбэ аатыттан информацияны бэлэмнээтэ Им И. Н.)
Үлэнэн Албан аатырбыт биир дойдулаахпыт Жирков С. Г. төрөөбүтэ 100 сылыгар анаммыт Мукучу нэһилиэгин научнай практическай конференциятыгар "В первых рядах создателей изобилия (дояры, пастухи, КМФ, фуражиры,телятники и др.) секцияҕа барыта 13 үлэ киирбитин экспертэр Новикова К. Е., Павлова Е. С. (Танара оскуолата), Васильева Е. Н. (Мукучу гимназията) иһиттибит сыаналаабыт.
Үлэлэр бары тиэмэлэригэр эппиэттииллэр. Саамай кыра кыттааччы Я. Э. (2 кылаас, сал.Степанова М.И.) сүөсүһүт дьиэ кэргэн туһунан олус бэркэ кэпсээтэ. "Сонун хайысхалаах үлэ" диэн анал номинацияҕа Танара оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ М. Д. (сал. учуутал Гоголева Е. В.) тигистэ. Маныаха кини эбэтин Николаева Д. И. күннүктэрин көрдөрдө. Эбээтэ күн аайы сүөһүтэ, куруолуктара хаһан төрөөбүттэрин, төһө хортуоска үүммүтүн, хас бааҥка оҕурсууну туһаабыттарын уо.д.а. барытын бэлиэтэммитин сөхтүбүт. Күннүккэ тирэҕирэн бу үлэ төһө баҕар кэҥиэн, киэҥник сырдатыллыан сөп эбит диэн бэлиэтээтибит.
Эмиэ анал номинацияларынан бэлиэтэннилэр элбэх оҕолоох Гаврильевтар дьиэ кэргэн икки оҕото Г. А., Г. А. (МГ). Бу икки оҕотун иккиэннэрин ийэлэрэ Гаврильева Е. А. бэлэмнээбит. Оҕолор чемпион - ыанньыксыт хос эбээлэрин Федорова Е. Н., сүөсүһүт эһээлэрин Андреев А. А.туһунан сиһилии кэпсээтилэр.
Бу бөлөххө үс сүһүөҕүнэн үлэлэри көрдүбүт. Миэстэлэспит оҕолортон уратылар бары анал номинацияларга тиксэннэр төрөппүттэрин үөртүлэр. Экспертэр ааттарыттан бука бары кыттыбыт оҕолорго, көҕүлээбит, көмөлөспүт учууталларга, төрөппүттэргэ дириҥ махталбытын тиэрдэбит. (Дьүүллүүр сүбэ аатыттан информацияны бэлэмнээтэ Новикова К. Е.)
Икки үөрэх кыһатын үөрэнээччилэригэр туһаайыллыбыт нпк сүрүннүүр модераторынан агро хайысхалаах Танара орто оскуолатын директоры солбуйааччы Аммосова Татьяна Климовна бэрт чуолкайдык, бэрээдэктээхтик, дириҥ ис хоһоонноохтук үлэлээбитин тэрийэр хамыыһыйа дьоно бэлиэтээтэ.
Тэрийэр бөлөх
Хаартыскалар бэрийэр бөлөх фондатыттан ылылыннылар
Comentários