Аан дойду таһымнаах «Бөдөҥ этнографическай диктант - 2022» диэн акцияҕа кыттыыны ыллыбыт. Гимназия 6, 7, 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэннэр ИТ киин Мукучу залыгар тургутууну уопсайа 19 киһи ааста. Модератор, библиотекарь Афанасьева В. Н. киирии тылы эттэ, туох сыаллаах мустубуттарын, кинигэлэри обзордаата, үлэ хаамыытын чопчу быһаарда. ИТ киин специалиһа Саввинов А. П. оҕолор бөлөҕүнэн кэлиилэрин хааччыйда, 20 ыйытыыга эппиэттээтилэр, 70 баалга икки кыттааччы толордо.
Мукучу гимназиятыгар 26, И. Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатыгар 13, нэһилиэкпит иһигэр уопсайа 58 киһи (офлайн) кыттыыны ылла.
Им И. Н.,
сэбиэдиссэй
Comments