top of page
mukuchubook

«Эдэр ааҕааччы-2023» күрэх

Обновлено: 23 февр. 2023 г.


Олунньу 16 күнүгэр “Кэнчээри” уһуйааҥҥа кыра уонна оскуола иннинээҕи саастаах оҕолорго Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр саха тылын уонна суругун-бичигин күнүгэр аналлаах «Эдэр ааҕааччы-2023» диэн күрэх ыытылынна. Сүрүн сыала: төрөөбүт тыл сүмэтин, эриэккэһин кэрэтин иҥэрии, ийэ тылынан киэҥ туттуу, өрө тутуу, Ийэ-дойдуга бэриниилээх буолуу. Хоһоон ааҕааччыларга ирдэбиллэр: уус-ураннык аһаҕастык, холкутук ааҕыы, дьоҥҥо-сэргэҕэ тириэрдии, таҥаһа-саба, туттара-хаптара.

Дьүүллүүр сүбэ бэрэсэдээтэлинэн Мукучу нэһилиэгин библиотекатын сэбиэдиссэйэ Им Ия Николаевна, чилиэннэринэн уһуйаан сэбиэдиссэйэ Егорова Елизавета Егоровна, методиһа Иванова Зоя Алексеевна буоллулар.

Оҕолору 3, 4, 5, 6 саастарынан арааран сыаналаатылар. 3 саастаахтарга: сүрүн кыайыылаах - С.А., «Саас», Михайлова Д.И., Гоголева Т.А., 4 саастаахтарга - 1 үрдэл, С.А, “Мин дойдум» С.Данилов, сал. Стрекаловская С.Г., Гоголева Т.А., 5 саастаахтарга - 1 үрдэл, И.С., “Сахам сирин таптыыбын", сал. Кычкина Т.П., Софронеева Р.А., 6 саастаахтарга сүрүн кыайыылаах - Л.А., "Саллаат сүрэҕэ" Т. Сметанин, сал. Кычкина Т.П., Софронеева Р.А.

Кытааччылары күрэххэ бэлэмнээбит иитээччилэргэ, уһуйааччыларга, төрөппүттэргэ барҕа махталбытын тириэрдэбит.


Матырыйааллар “Кэнчээри” уһуйаан

фондатыттан ылылыннылар.

13 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

תגובות


bottom of page