Улуу Кыайыы 80 сылын көрсө “Мукучу нэһилиэгэ” МТ дьаһалтатын баһылыга Левин Н.И. анал хамыыһыйа тэрийдэ: “Олохтоох көҕүлээһини өйүүр өрөспүүбүлүкэтээҕи бырагырааманан (ППМИ) былырыыҥҥы 2022 с. Кыайыы пааматынньыгын саҥардыы үлэтин түмүктүүр түһүмэҕэ буолла. (ноутбукка көрдөрө-көрдөрө быһаарар). Пааматынньык үөрүүлээх арыллыыта Кыайыы 80 сылын көрсө ыам ыйын 9 күнүгэр буолара былааннанар. Истиэндэлэргэ информацияларынан сырдатыы үлэтэ хааччыстыбалаахтык барыахтаах.“ Хамыыһыйа нэһилиэк историятын, уратытын учуоттаан хас да тиэмэлэргэ арааран үлэ барарыгар сүбэлэстэ. Ол курдук Танара орто оскуолатын иһинэн чинчийэр бөлөх тэриллэр, “Мин мантан сэриигэ барбытым....” истиэндэни бэлэмниир, модельнай библиотека уонна ИТ киин сэрии ветераннарын тустарынан чуолкайдаан бэлэмниир. Хас биирдии хамыыһыйа чилиэнэ буолар мунньахтарга отчуоттаан, сырдатан иһиэхтээх диэн быһаарыныы ылынныбыт. Им И.Н., Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, суруналыыс. 26.10.2023 сыл
top of page
bottom of page
Comments