top of page
mukuchubook

Уу хоруутун чинчийдилэр

Обновлено: 20 окт. 2022 г.

Алтынньы 18 күнэ. Мукучу. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин иһинэн үлэлиир «Мелиорация уонна тыа хаһаайыстыбатыгар туһаныллар сирдэри уунан хааччыйыы управлениета» судаарыстыбаннай бүддьүөт тэрилтэтэ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччыта Михаил Алексеевич Алексеев, Россия үтүөлээх мелиоратора, Россия суруналыыстарын чилиэнэ Анатолий Егорович Петров - Уу Туолата кэллилэр.

СПКХ "Сайылык" (салайааччы Дьяконов П. А. ) Беларусь трактордары биэрэн Дьиикимдэ уу хоруутун саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри чиндийдилэр. Чиҥнээнини билистилэр. Ханна уу тохтуурун көрдүлэр. Улуустааҕы сир комитетын специалиһа Стрекаловскай А. А. сылдьыста. Үлэ түмүгүнэн акт оҥоһуллар буолла.

Баай опыттаах специалист Анатолий Егорович “Дььикимдэ - кэрэ, үтүө сир эбит”, - диэн сөхпүтүн - махтайбытын биллэрдэ, бэрт сүргэтэ көтөҕүллүбүт көрүҥнээх.

Быйыл Кэбээйибит улууһугар СР бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко кэлэ сылдьан биэрбит сорудаҕын (поручениетын) олоххо киллэрэргэ үлэ саҕаланна.


Им Ия Николаевна, суруналыыс


Ааҕааччыбыт Дария Софроновна санаатын үллэстэр: «Дьиикимдэм - биһикпин ыйаабыт оҕо сааһым күндү ахтылҕана билигин да кэрэ, дьикти көстүүтүнэн дьону сөхтөрө турарын ааҕан астынным. Ахтыбыт да эбиппин, өссө былыргытын көртөрө буоллар Аһыыкай аартыгыттан саҕалаан Куруҥ Тумуһаҕынан, Сыгынах аннынан, Дулҕа кытыытынан, Чыычаахтаах аартыгар дылы күһүн бурдук араас суорда буһан, ыыс араҕас тыалга хоҥкуйан суугунуу турарын Кэҕэлээххэ, Сыгынахха, Дулҕаҕа туспа бурдук бааһынатыгар дьон бөҕө буолааччы, үлэ күөстүү оргуйар этэ. Бу санаатахха кэрэ да көстүү этэ. Эбэм билигин да үөрэхтээх киһини, специалиһы сөхтөрбүккүттэн үөрдүм, киэн тутуннум, үйэлэргэ дьоҥҥун арчылыы аһата тур дуу».






478 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page