top of page
mukuchubook

Төрөөбүт дойдуга таптал


Мукучубут сайдарын иһин үлэлээбит

Егоров Архип Афанасьевич төрөөбүтэ

80 сылыгар ананар


Егоров Архип Афанасьевич (1942 - 1997 сс.). Мукучуттан төрүттээх, педагогическай үлэ ветерана, Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Танара орто оскуолатыгар саха тылын уонна литературатын учууталынан, директорынан 1969 - 1982 сс. үлэлээбитэ. «Мукучу» совхоз рабочкомунан, парткомунан уонна агрофирма директорынан үлэлиир кэмигэр нэһилиэги газтааһыҥҥа, Хампа - Мукучу - Мастаах ЛЭП тардыытыгар Онопров Ст. И. кытта сүҥкэн кылааты киллэрбиттэрэ. 1981 сыллаахха учууталлары кытта музей дьиэтин туппуттара. РСФСР, САССР үөрэҕириитин Министерстволарын грамоталарынан наҕараадаламмыта.

Киһиэхэ эрэ бэриллибэт айылҕаттан айар талааннааҕа. Ол курдук 9 кылааска үөрэнэ сылдьан айбыт хоһоонуттан быһа тардыыны билиһиннэрэбит:

«Индиянан, Ганганан

Ыраах сири чиэрэстиир

Эрдээх летчик буолуом дуо?

Ханнык баҕар үлэһит

Буолуум, баҕар, кэнники

Син биир сыалбын ситиһиэм,

Норуот иһин үлэлиэм!»

Алтынньы 24 күнүгэр библиотекаҕа «Төрөөбүт дойдуга таптал» диэн патриотическай ис хоһоонноох тематическай тэрээһин буолла. И. Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ (салайааччы Афанаьсева В. А.) аҕа саастаах көлүөнэ дьон тылларын бэрт болҕойон иһиттилэр.

ИТ киин Мукучу специалиһа Саввинов А. П. видео көрдөрдө.

Табаарыһа, үөлээннээҕэ Каратаев Семен Сергеевич оҕо саастарын, студеннаабыт кэмнэрин, үөрэммит оскуолаларыгар бииргэ үлэлээбит сылларын саас сааһынан кэпсээтэ. Архип Афанасьевич 1969 сылтан ыла олоҕун тиһэх күннэригэр диэри төрөөбүт дойдутугар үтүмэн кылааты киллэрбитин сиһилии сырдатта.

Аймах балта Мальцева Галина Васильевна төрдүлэрин - уустарын кэпсээтэ. Биир идэлээҕин педагог, директор, ирдэбиллээх салайааччы уобараһын толору арыйда. “Үлэтэ барыта Сайылыгын сайдарын туһугар туһуламмыта”, - диэн сыаналаата.

Аймаҕа Кычкин Николай Михайлович аан бастаан Баҕадьаҕа көрбүтүттэн ыла бэрт интэриэһинэйдик кэпсээтэ, ученай буолар баҕалааҕын, салайарга дьоҕурдааҕын, киэҥ билиилээҕин тоһоҕолоон эттэ. Кийиитэ Елена Григорьевна “Бэрт культурнай, интеллигентнэй, болҕомтолоох киһи этэ”, - диир.

Чугас ыаллара Кудрина Каролина Борисовна: “Үлэтигэр сырыттахпына толлор этим, дьиэтигэр эйэҕэс буолааччы, Архип Афанасьевич дьиэ кэргэнигэр наһаа нарыннык, харыстабыллаахтык сыһыаннаһар этэ”, - диэн кэргэн, аҕа өттүнэн ойуулаата. Историческай личность быһыытынан киэн туттарын биллэрдэ.

Левин Николай Иванович : “Оскуолаҕа 1 кылааска киирэрбэр директордыыр этэ. 1993 сыллаахха командировкаҕа бараары самолет күүтэ сырыттахпына көрсүбүтүм, “Дойдугар үлэлии кэллиҥ”, - диэн үөрбүтүгэр эгди буолбутум. 1996 сыллаахха Баҕадьа оскуолатын юбилейын тэрийэрбитигэр “Совхоз көмөтө”, - диэн ынах, сылгы этэ биэрбитэ, ас астаабыппыт. 1997 сыллаахха 55 сыллаах юбилейын видеотын көрдөрдүгүт, Архип Афанасьевич саҥатын монтажтаан оҥоруохха наада. 55 сааһыгар сылдьан олохтон туораабыт... эр киһиэхэ эдэр саас ...”. Баһылык эдэр ыччаттарга туһаайан санаатын эттэ, үөрэхтэригэр ситиһиилэри баҕарда.

Түмүк тылы Архип Афанасьевич тапталлаах кэргэнэ, биир идэлээҕэ, доҕоро Егорова Мария Григорьевна эттэ. Үлэлээбит, бииргэ олорбут кэмнэрин сэһэргээтэ, кинигэ тахсыытын сырдатта. «Төрөөбүт дойдубар туох үчүгэйи оҥордум?» - диэн санаанан салайтара сылдьарбытыгар кырдьаҕас ааҕааччыбыт сүбэлээтэ.

Тэрээһин сүрүн сыалын ситтэ, ол курдук Архип Афанасьевич Егоров дьиҥ чахчы норуот иһин үлэлээбит диэн эдэрдиин эмэнниин биир бигэ санааҕа кэллибит.

Бары хаартыскаҕа түстүбүт. Тэрээһини «Дайан» СК специалиһа Сидоров Е. С. видеоҕа уһулла.


Им Ия Николаевна,

Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ,

суруналыыс

25.10.2022 сыл





265 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page