top of page
mukuchubook

Туһалаах дьарык



Ахсынньы 10 күнүгэр “Арчы” дьиэтигэр бэрт интэриэһинэй тэрээһин буолла. “Сөптөөхтүк тыынан оһуохайы таһаарыы, тойугу туойуу” диэн маастар кылааһы “Күн дьоно” этнофольклорнай бөлөх салайааччыта Евдовия Ивановна Павлова ыытта. Араас эрчиллиилэргэ үөрэттэ, хамсаныылары көрдөрдө, бэйэтэ туойда, хомуска оонньоон дьиэрэттэ, бөлөҕүн туһунан сырдатта. Биир дойдулаахпыт Октябрина Николаевна Кыһыл Сыырга сахалыы эйгэни тарҕатарыгар тирэх буолан кини айбыт оһуохайын тылыгар хамсаныытын көрдөрө - көрдөрө түһүлгэни тэниттэ. Хас биирдии киһиэхэ туоһу сурук туттарда. Модельнай библиотекабытыгар кинигэлэри бэлэхтээтэ.

Светлана Самсонова - Сиибиктэ биир дойдулааҕар бэйэтин кинигэтин бэлэхтээтэ.

Бу курдук дьарыктанаммыт күммүтүн олус туһалаахтык атаардыбыт. “Арчы” дьиэтин специалиһын Кондакова В. И. ситимнээхтик үлэлииргэ сүбэлэстилэр.

Үтүө санаалаах киһи ыалдьыттаан кэрэ бэлиэни хаалларда.

Көрсүөххэ диэри, Евдокия Ивановна!


Хаартыскалар, видеолар





Ия Николаевна ИМ,

Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ,

РФ суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ

13.12.2022 сыл


304 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page