Зоя Петровнаны, ытыктыыр киһибитин үбүлүөйгүнэн истиҥник эҕэрдэлиибит. Эйигин ааҕааччы быһыытынан сырдатыахпытын баҕарабыт. Филиалбыт фондатын уста - туора аахпыт киһинэн биирдэстэринэн Эн буолаҕын. Библиотекаҕа киирэн кэллэххинэ: «Ханнык литератураны биэриэххэ сөбүй?» - диэн ыарахан суоту суоттаан эрэрдии толкуй бөҕөҕө түһэҕин. Дьэ, оннук толкуйдатар ааҕааччы буолаҕын. Билииҥ - көрүүҥ киэҥэ сөхтөрөр. Үүнэн иһэр ыччаттарбытыгар Эйигин холобур оҥостобут.
Кинигэлиин доҕордоһон олоҕуҥ өрүү интэриэһинэй буоллун.
Мукучу модельнай библиотекатын,
ИТ киин коллектива
5.12.2022 сыл
Comentarios