top of page
mukuchubook

«ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан

 



Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах «ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан (тургутук) Мукучу сиригэр олунньу 15 күнүгэр “Арчы” дьиэтигэр ыытылынна. Өрөспүүбүлүкэтээки тэрээһини миэстэтигэр олохтоох библиотека, Танара орто оскуолатын саха тылыгар, литературатыгар учууталларын бөлөхтөрө, алын кылаас методическай холбоһуга кыттыһаннар тэрийдилэр.

Киирии тылы Егорова Е. Е., «Мукучу нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы эттэ, төрөөбүт тылбыт, сахалыы сурукпут-бичикпит көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэ турарыгар санаатын тиэртэ.

Дьыктаан тиэксин учуутал Васильева Е. Н. аахта. Бэйэлэрин билиилэрин холоно кэлбит кытааччыларбытыгар махтанабыт. Ити курдук дьыктааны ыытыы тэриллибитэ 10 сыллаах тэрээһиҥҥэ кытынныбыт.

 

Сыһыарыы

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах

«ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…»

өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан (тургутук) түмүктэрэ

 

 (3 – 4 кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытыылар)

Кыттааччы уопсай ахсаана - 10

Добун сурук 1 үрдэл – Б. С. – 13 б

Добун сурук 2 үрдэл – М. С. – 12,5 б

Добун сурук 3 үрдэл – Н. С. – 10 б

 

(5 – 6 кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытыылар)

Кыттааччы уопсай ахсаана - 2

Добун сурук 1 үрдэл - А. А. – 10 б

Добун сурук 2 үрдэл - А.Н.– 7 б

(7 – 8 кылаас үөрэнээччилэригэр ыйытыылар)

Кыттааччы уопсай ахсаана - 8

Добун сурук 1 үрдэл - Е.А.– 13 б

Добун сурук 2 үрдэл - А. М.-11 б

Добун сурук 3 үрдэл А. А.-10,5 б

 

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр аналлаах

«ТАПТЫЫР САХАМ ТЫЛЫНАН…»,

өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан түмүктэрэ

Улахан дьон - 8 киһи

«Бастыҥтан бастыҥ суруксут” - Егорова Елизавета Егоровна, «Мукучу нэһилиэгэ» МТ дьаһалтатын баһылыгын солбуйааччы

“Бастыҥ суруксут” – Яковлева Маргарита Ивановна- пенсионерка

“Үчүгэй суруксут” – Иванова Марианна Афансьевна, дьиэ хаһаайката, Ионова Зинаида Ивановна – пенсионерка, Степанова Вилена Егоровна - бухгалтер 

9-11 кылаастар үөрэнээччилэрэ - 6 оҕо

«Бастыҥтан бастыҥ суруксут” – К. С.

“Бастыҥ суруксут” – П.А.

“Үчүгэй суруксут” – А.А., М. Д.


Им И.Н., сэбиэдиссэй

16.2.2024 сыл

 

272 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page