top of page
mukuchubook

“Таптыыр сахам тылынан...” акцияҕа кытынныбыт






Саха тылын, суругун - бичигин күнүгэр ананар


Республикатааҕы “Таптыыр сахам тылынан...” акцияҕа И.Е. Левин аатын сүгэр Танара орто оскуолатын уонна Мукучу гимназиятын үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Акция тургутук быһыытынан икки көрүҥүнэн: онлайн уонна үгэс буолбут ньыманан буолла. Бу тэрээһиҥҥэ улуустааҕы оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ Попова Л. Г. модератордаата, нэһилиэк библиотеката тэрийистэ, биһиги социальнай партнердарбытын: саха тылыгар, литературатыгар учууталларын Васильева Е.Н., Самсонова С.Н., гимназия библиотекарын Егорова Л.И., Танара орто оскуолатын завучтарын Софронов М.В., Эверстова Л.С. кытта ыкса үлэлэстибит. Бу ыгым (оскуолаттан көһүү саҕаланыытын) кэмигэр бары бииргэ сомоҕолоһон үлэлээбиппитигэр истиҥник махтанабыт.

Акция интэриэһинэй түһүмэҕинэн тиэмэ ис хоһоонун, суолтатын арыйыы буолла диэн санааҕа кэллибит. Оҕолор үлэлэрин билиһиннэрэбит.

С.К. “Мин ыраах айаҥҥа сылдьар суоппар буолуохпун баҕарабын. Мин үлэм аата дальнобойщик диэн. Куоратынан, Бүлүүнэн эргийэн барыахпын баҕарабын. Ийэбэр, эдьиийдэрбэр, убайдарбар харчы биэриэм. Онон идэни таба тайаныы диэн дьол буолар дии саныыбын”.

Е.И. “Мин биллиилээх спортсмен буолуохпун баҕарабын уонна дьоҥҥо туһалаах, элбэх хамнастаах үлэһит буолуом. Холобур, полиция”.

И.Д. “Хас биирдии киһи дьоло араас буолар, сорох дьоннор сөбүлүүр идэлэрин талар буоллахтарына эмиэ дьоллоох буолуохтарын сөп. Сөбүлээбэт идэҕин талбыт буоллаххына хомойуоҥ дии. Баһаарынай дьону быыһыыр буоллаҕына дьоллоох буолар. Быраас, учуутал уопсайынан хас биирдии идэ олус туһалаах. Бэйэҥ сүрэххин истиэххэ наада, бу эн олоҕуҥ, атын киһи гиэнэ буолбатах”.

Г.Н. “Бибилэтиэкэҕэ элбэх кинигэ баар, холобур, остуоруйа, кэпсээн, олоҥхо, араас хаһыаттар, сурунааллар. Дьоннор кинигэ ыла кэлэллэр. Мин улааттахпына учуутал буолуохпун баҕарабын. Оҕолору ааҕарга, суруйарга, суоттуурга үөрэтиэм. Үчүгэй учуутал буолуом. Дьон элбэх кинигэни аахтаҕына өйдөөх буолар. Кинигэни элбэхтик ааҕыҥ!”

П.Н. “Кинигэ билиҥҥи кэмҥэ олус наадалаах. Ааҕар киһи өйдөөх буолар. Бибилэтиэкэҕэ араас кинигэлэр бааллар. Ааҕарбын олус сөбүлүүбүн. Кинигэ араас жанрдаах буолар, холобур мин сөбүлүүр жанрым - фантастика уонна мистика, онтон сөбүлүүр кинигэм - “Гарри Потер”. Кинигэ - бараммат баай. Мин санаабар бибилэтиэкэ олус наадалаах. Кинигэ элбэх билиини биэрэр, ол иһин кинигэ ааҕар киһи өйдөөх буолар. Бибилэтиэкэҕэ сылдьыҥ, кинигэни ааҕыҥ”.

В.А. “Бибилэтиэкэҕэ элбэх кинигэ арааһа баар: олоҥхо, остуоруйа, чабырҕах. “Ньургун Боотур” диэн олоҥхо баарын билэбин. Кинигэ элбэх билиини биэрэр, туһаны аҕалар. Элбэхтик ааҕыҥ”.

А.К. “Биһиги бибилэтиэкэбит олус баай. Араас кинигэлэр бааллар, араас дьон сылдьан ааҕаллар, уларсаллар, оҕолоругар аахтараллар, билиилээх, үөрэхтээх буоллун диэннэр. Оччоҕо өйдөрө сайдар, элбэҕи билэр буолаллар. Бибилэтиэкэ саамай наадалаах билиҥҥи кэмҥэ. Биһиги эбээбит маннааҕы бибилэтиэкэҕэ үлэлии сылдьыбыта. Үлэтин олус сөбүлүүр этэ. Бибилэтиэкэ баар буолан биһиги бу үөрэнэ олоробут. Оҕолор, бибилэтиэкэҕэ элбэхтик сылдьыҥ, кинигэтэ уларсан ааҕыҥ. Оччоҕо эрэ билиилээх киһи буолуоххут”.

Е.А. “Бибилэтиэкэҕэ элбэх араас кинигэ бөҕөтө баар. Бибилэтиэкэҕэ кэлэн кинигэ ааҕаҕын, уларсаҕын, көрөҕүн. Билиҥҥи кэмҥэ кинигэ ааҕар олус туһалаах. Кинигэ ааҕан өйдөөх буолаллар, сыыһата суох суруйарга үөрэнэҕин, баай саҥалаах, тыллаах буолаҕын. Билигин оҕолор сахалыы кинигэни наһаа аахпаттар, ол иһин биһиги баай тылбыт сүтэн эрэр. Сахабыт сиригэр элбэх суруйааччылар бааллар. Интэриэһинэй хоһоонноохтор, кэпсээннээхтэр, сэһэннээхтэр. Мин сөбүлүүр суруйааччым - Тимофей Егорович Сметанин. Кини биһиги улууспутуттан төрүттээх. Саамай сөбүлүүр остуоруйам - “Күөрэгэй”. Онно биир кыыс уонна кутуйахтар тустарынан кэпсэнэр. Мин кинигэни наһаа аахпаппын да буоллар биирдэ эмит ааҕабын. Элбэхтик ааҕарга кыһаллыам. Билиҥҥи оҕолорго элбэҕи ааҕарга, бибилэтиэкэҕэ сөбүлээбит кинигэни таларга сүбэлиибин. Бибилэтиэкэ олус атын дойду. Онно туох баҕар буолуохха сөп, көтүөххүн да сөп. Ол иһин бибилэтиэкэ диэн туһалаах дьиэ”.

А.М. “Дьоннор кыра эрдэхтэриттэн улаатан баран туох идэлээх буолалларын толкуйдууллар. Бастаан көрдөххө идэни талыы чэпчэки баҕайы курдук, ол эрээри оннук буолбатах. Холобур, сөбүлээбэт эбэтэр сатаабат идэҕэр үлэлээтэххинэ бэйэҕэр да, атыттарга да куһаҕан. Онтон арай сөбүлүүр, сатыыр идэҕэр үлэлээтэххинэ бастыҥ үлэһит буолаҕын, бэйэҥ да дьоллоох буолаҕын”.

Я.Н. “Хас киһи аайы бэйэтэ баҕа санаалаах. Идэни бэйэҥ сөбүлүүргүнэн талыахтааххын. Сөбүлээбэт идэҕэр туох да сатаммат, туһата суох буолуон сөп. Идэни талыаххын иннинэ бэйэҕин санааҕын, баҕа санааҕын истиэххин наада. Билигин ирдэнэр идэлэр: быраас, учуутал, баһаарынай, олус наадалаахтар. Бэйэҥ суолтаҕын билээри араас идэлэри боруобалаан билиэххэ сөп. Ийэм эдьиийэ - учуутал, суруйааччы. Мин көрөрбүнэн кини идэтин сөбүлээн үлэлиир. Кини үлэтин ыстааһа түөрт уон сыл. Мин улааттахпына дизайнер буолуохпун баҕарабын. Идэни талыы оҕоҕо улахан сыал - сорук. Мин санаабар, идэни таба тайаныы - дьол”.

Аныгы үйэ ааҕааччылара санааларын этэргэ дьулуһаллар, өйтөн суруйуулар автордара саамай сүрүнэ тус санааларын истиҥник, аһаҕастык этэннэр суруйбуттара биһирэнэр.

Матырыйаалы бэчээккэ бэлэмнээтэ

Им И.Н., библиотекарь, суруналыыс.

14.2.2023 сыл

Хаартыскалар






92 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page