Кэбээйибит улууһа төрүттэммит күнүгэр,
улууска Айылҕа харыстабылын сылыгар ананар
Муус устар 20 күнүгэр Мукучубут нэһилиэгин «Арчы» дьиэтигэр айылҕабытыгар сүгүрүйүү, сиэр - туом, тылы харыстааһын тиэмэлэригэр оҕолору, улахан дьону кытта аһаҕас кэпсэтии буолла. Айтыына арчылааһын, ыраастааһын сиэрин-туомун толордо.
Платонова Марина Ивановна олохтоох дьаһалтаны кытта сүбэлэһэн баран үөрэх кыһаларыгар сиэр-туом тиэмэтигэр өйдөтөр үлэни ыыта сылдьар. Бу күн кэлэн араас саастаах мустубут дьоҥҥо Эдьиий Дора айылҕаны кытта ситимнээх үлэтин туһунан сиһилии кэпсээтэ. Эдьиий Дора Танара орто оскуолатын 1978 сыллаахха бүтэрбитэ. Оҕо эрдэҕиттэн истиҥ, нарын дууһалаах, айылҕатыттан аһыллан, айылҕаҕа үлэлэһэр, Ийэ сир алдьаныытын-кээһэниитин абырахтыыр, силимниир, ону сэргэ сахатын норуотугар үөрэтии, сэрэтии, эмтээһин үлэлэрин ыытар. “Туох барыта иччилээх, ханна баҕар бардаххытына, сиргитин-уоккутун аһата сылдьыҥ, айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһыҥ, бэйэҕит кэннигититтэн бөҕү, сыыһы хаалларбакка хомуна сылдьыҥ”, - диэн тоһоҕолоон эттэ. Түүн мээнэ сылдьымаҥ, айдаарымаҥ, түүҥҥү өттүгэр атыттар, хараҥа күүстэр сылдьаллар. Саҥарар тыл эмиэ иччилээх, мээнэ саҥарбат буолуҥ, бэйэҕит тускутугар үөрэнэҕит, онон кыһаллан бэйэ туһугар үөрэнэн сайдыҥ, олоххо тардыһыылаах инникигэ былааннаах буолуҥ. Олох кэрэтин өйдүү үөрэниҥ, айылҕаны харыстааҥ. Көрсүбүт киһигитин кытта дорооболоһор буолуҥ, итинэн эһиги бэйэҕитигэр үтүөнү тардаҕыт, дорооболоспот буолуу кэхтии бэлиэтэ. Атын сиргэ бардаххытына, сири-дойдуну аһатар буолуҥ, онон эһиги ол сиргэ бэйэҕитин билиһиннэрэҕит. Эдьиий Дора маһа турар сирэ бу улахан энергия түһэр сирэ, аһаҕас сир, манна айдаарыллыбат, бу ыраастанар, көрдөһөр, алгыстанар, эмтэнэр сир буоларын быһыытынан чуумпутук сылдьыллар сир. Ити курдук Марина Ивановна бэрт үчүгэй интириэһинэй кэпсэтиини ыытта. Мустубут дьон араас ыйытыыларга хоруй ыллылар.
Кондакова Валентина Ивановна-Айтыына итэҕэл, сиэр-туом туһунан билиһиннэрдэ. Тыл сөҕүмэр күүһүн, тылы толкуйдаан саҥарары, үөхсүү, үөҕүү тыллар киһиэхэ бэйэтигэр, оҕолоругар дьайарын кэпсээтэ. “Федоров Афанасий Семеновичка Арчылааһын уһуйааныгар баран үөрэниҥ, саха итэҕэлин, сиэрин- туомун билиҥ”, - диэн ыҥырда. Хас биирдии дьиэҕэ харысхал быһыытынан чуораан баар буоларын туһугар сүбэлээтэ.
“Саха тыла байҕал уутунуу баай”, - диэн саҕалаата Самсонова Светлана Николаевна. “Сахабыт тылын сүмэтин сүөгэйин эккитигэр-хааҥҥытыгар иҥэринэн, таптыы, харыстыы улаатыҥ, саха төрүт дорҕооннорун, дифтону, саҥарар саҥаҕытыгар, суруккутугар-бичиккитигэр таба туһана үөрэниҥ, күөмчүлээмэҥ, нууччалыы дорҕоону кыбытымаҥ. Нэһилиэкпитигэр Ийэ тылбытын харыстыырга турунуоҕуҥ, ол тула түмсүөҕүҥ”, - диэн ыҥырда.
Бу курдук мустан, төбүрүөннээн олороммут итэҕэл, сиэр-туом эйгэтин иһинэн нэһилиэкпит ааспыт, билиҥҥи, кэлэр кэмнэрин тула аһаҕас кэпсэтии буолла.
Тэрийэр хамыыһыйа
21.4.2023 сыл
Comments