Олунньу 3 күнүгэр улуус администрациятын отчуота буолла. Мунньах буолуон иннинэ делегация састаабыгар баар салайааччылартан улуус библиотекатын директора Ионова А. Г., пресс сулууспа бэрэстэбиитэлэ Попова А. П. сырыттылар.
Анна Гаврильевна оҕолору эҕэрдэлээн бэлэхтэри туттарда: А.П. - бастыҥ дизайнер (МПИТ-2022 улуустааҕы күрэххэ), стикерпак күрэх кыайыылаахтарыгар К.С., П.А. (республикатааҕы МПИТ-2022). МПИТ-2022 улуус таһымнаах күрэххэ кыттыбыт “Bionic” хамаандаҕа (П.А., А.А., И.Д.) 10000 туттарда. Маны таһынан Мукучу гимназиятыттан элбэх оҕону кытыннарбытын иһин специалиска Саввинов А. П. оонньуур набор бэлэхтээтэ.
Попова А. П. библиотека базатыгар ИТ киин аһыллыбытын олус сэргээтэ, ситимнээх үлэ бара турарын биһирээтэ.
Отчуот кэнниттэн улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Сусоев А. В. сырытта. Библиотека, ИТ киин үлэтин кытта билистэ, библиотекаҕа толору хааччыллыылаах эбии тутуу туһунан сүбэлэстибит, сметата оҥоһуллан бэлэмнэнии үлэтэ бара турарын иһиттибит, араас граннарга кыттарга сүбэлэстибит.
Модельнай библиотека,
ИТ киин Мукучу коллектива.
6.2.2023 сыл
Хаартыскалар манна бааллар
Хаартыскаҕа ИТ киин, Попова А.П. түһэрдилэр
Comments