Саха тылын, суругун-бичигин күнүгэр ананар
Олунньу 18 күнүгэр нэһилиэк библиотекатыгар төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи “Сахалыы дьыктаан” диэн акцияҕа улахан дьон кытынна. Бу тэрээһиҥҥэ улуус библиотекатын кыраайы үөрэтэр салаатын специалиһа Спиридонова А. Н. модератордаата.
Алтан Сарын «Киэһээ айан» айымньытыттан тиэкис кэлбитин Танара орто оскуолатын саха тылыгар, литературатыгар учуутала Самсонова С. Н. аахта.
Тиэкис ис хоһоонунан сорудахтар бэрилиннилэр: сөптөөх варианы быһааран суруйуу, синонимныы суолталаах тылынан (1 тыл) солбуйуу, тыл ситимигэр киллэрии, тыллар суолталарын быһаарыы, тиэрминнэри быһаарыы диэҥҥэ кыттааччылар бэйэлэрин санааларын, көрүүлэрин суруйдулар.
Тиэкис уустук, ол эрээри биһигини маннык түмүктэр үөрдэллэр: “Бастыҥтан бастыҥ суруксут” - Андреева Прасковья Васильевна, нэһилиэк социальнай үлэһитэ, “Бастыҥ суруксут” - Кычкина Татьяна Петровна, “Кэнчээри” уһуйаанын иитээччитэ, “Үчүгэй суруксут” - Эверстова Надежда Ивановна, Танара орто оскуолатыгар асчыта.
Кыттааччыларбытыгар, тиэкиһи ааҕааччыбытыгар (диктаторга) Светлана Николаевнаҕа махтанабыт, үлэҕитигэр, олоххутугар ситиһиилэри баҕарабыт.
Ия Николаевна Им,
сэбиэдиссэй, суруналыыс
Хаартыскаҕа Ноговицына А. И. түһэрдэ.
20.2.2023 сыл
Г.В. Баишев-Алтан Сарыҥҥа ыытыллыбыт үлэлэр:
1. Өлүөхүмэ улууһун бары оскуолаларыгар уонна нэһилиэнньэҕэ бүттүүн дьыктаан суруйдулар.
2. Сунтаарга библиотечнай уруоктар ыытылыннылар.
3. Ньурба улууһугар Алтан Сарын айымньытынан диктант суруйдулар.
4. Мэнэ Хаҥалас, Майаҕа "Этиҥнээх ардах" кэпсээнинэн литературнай композиция.
5. Ленскэй оройуон,Нотуора оскуолата,"Этиҥнээх ардах ", тыл+айар үлэ уруога (тыл кырааската+уруһуй)
6.Үөһээ Бүлүү, Харбалаах оскуолата Алтан Сарын тиэрминигэр аналлаах уруоктар, ''Тыл оонньуута''
7. Нам, И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы оскуолата Алтан Сарыҥҥа аналлаах кылаас чаастара
8. Өймөкөөн улууһа. Сордоҥноох орто оскуолата-Алтан Сарын айымньытынан диктант суруйбуттара.
9. Кэбээйи улууһа, Алтан Сарын айымньытынан дьыктаан суруйбуттара
10. Таатта Харбалаах оскуолата, оҕолор интернеттэн матырыйаал хомуйан, презентация оҥорон, иһитиннэрии оҥорбуттара, сахатыйбыт тыллары айымньыларыттан булан, тылдьыт курдук оҥорбуттара
11. Чурапчы Төлөй оскуолата, сахалыы дьыктаан суруйуу.
Улуустааҕы уус-уран ааҕыы " Маарыкчаан ааҕыылара"
12. Муома, Улахан Чыыстай оскуолата. Олохтоох библиотеканы кытта дьыктаан ыытылынна.
Comments