Мукучу гимназиятыгар олунньу 17 күнүгэр "Өс хоһооно-өбүгэ номоҕо" диэн төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах бэрт интэриһинэй тэрээһин буолла. Дьон сүргэтэ көтөҕүллүбүт, кыралыын улаханныын сахалыы таҥнан кэлбит буоланнар сахалыы эйгэ тэнийбит.
Нэһилиэк библиотекатын сэбиэдиссэйэ Новгородов С. А. туһунан, “Арчы” дьиэтин специалиһа Валентина Ивановна Кондакова саха итэҕэлигэр тыл үрдүк суолтатын туһунан быһаардылар.
Өс хоһоон хонуута сириэдийэ сайыннын диэн сыаллаах кылааһынан өс хоһоонугар аналлаах эркин хаһыат көмүскээһинэ буолла. Бары ох курдук оҥостон кэлбиттэр. Ол туһунан дьүүллүүр сүбэ бэрэстэбиитэлэ Айтыына санаатын билиһиннэрэбит: “Төрүт тылбыт, суругун-бичигин нэдиэлэтинэн сүрүннээн оҕолорго кылаастарынан “Саха тылын төһө билэҕин?” диэн күрэх ыытылынна. Оҕолор төрөөбүт тылларынан өс хоһооннорун, ребустары, кроссводтары оҥорбуттар, тэттик кэпсээннэри суруйбуттар, ону барытын кылаастарынан хаһыат таһаарбыттарын кэпсээтилэр, билиһиннэрдилэр. 10 кылаас ордук үчүгэйдик толору билиһиннэрэн астынар гына кэпсээтилэр. В. С. учуутал курдук лоп бааччы сахалыы кэпсээтэ, саҥа лииһи кофенан илитэн эргэ тэтэрээт курдук оҥорбуттарын С. К. билиһиннэрдэ. Хаһыаттар аныгылыы, сонун, киэҥ эйгэлээхтэр”.
"Дьоллоох түгэн" литературнай оонньуу тыҥааһыннаахтык ыытылынна.
Гимназия хамыыһыйата (тыл предметин учууталлара) бэрт айымньылаахтык тэрийбитэ өтө көстөр. Үлэлэригэр бэриниилээх специалистар айалларын, түмэллэрин тухары сахабыт тыла сайда, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бара туруо диэн эрэллээхпит.
Ия Николаевна ИМ,
Хаартыскалар гимназия фондатытттан ылылыннылар
18.2.2023 сыл
Comments