top of page
mukuchubook

“Саха чулуу уола - Өксөкүлээх Өлөксөй” тематическэй тэрээһин




Саха литературатын төрүттээччи, сырдатааччы, саха сирин бастакы учууталларыттан биирдэстэрэ, саха норуотун фольклорун хомуйааччы уонна тылын үйэтитээччи - Алексей Елисеевич Кулаковскай - Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 146 сылын көрсө, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн ыытыллыбыт “Өксөкүлээх сардаҥата” диэн норуот аахсыйатыгар кыттыһан Мукучутааҕы олохтоох библиотека “Саха чулуу уола - Өксөкүлээх Өлөксөй” диэн тематическэй тэрээһини ыытта.

Тэрээһиҥҥэ И. Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын саха тылыгар уонна литературатыгар учуутала Самсонова С. Н. салайааччылаах 6 уонна 7 кылаас үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.

Сэбиэдиссэй Им И.Н. киирии тылы эттэ, библиотекарь Афанасьева В.Н. “Саха бастын суруйааччыта - А.Е. Кулаковскай” быыстапканы билиһиннэрдэ, ол кэнниттэн “Айар тыл аҕата, уран тыл маастара - А.Е. Кулаковскай” электроннай презентация нөҥүө оҕолорго Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун олуктарын уонна айар үлэтин туһунан кэпсээтэ. Тэрээһин “Өксөкүлээх сардаҥата” аахсыйа бэлиэтэ “тыыннаах чүмэчини” уматыынан түмүктэннэ.

Алгыһынан саҕаламмыт өлбөт-сүппэт уус-уран тылбыт сүмэтэ сайда, чэчирии турдун!


Афанасьева В. Н.

17.3.2023 сыл





39 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page