“Дабаанныын бииргэ” диэн хаһыакка 2023 сыллаахха сурутууга аналлаах акция буолан ааспыта. Нэһилиэкпит баһылыга Левин Н. И. бу тэрээһиҥҥэ үлэлииригэр Гаврильева У. П. сыһыарбыта. Ульяна Петровна хаһыат кэлиитэ уустуктардааҕын аахсыбакка дьоннору сурутууга көҕүлээбитэ. Общественнай үлэҕэ эппиэтинэстээхтик сыһыаннаспытын иһин редакция аатыттан махтал сурук уонна бэйэлэрэ оҥорбут бородууксуйаларын - халандаары ыыппыттарын тутан үөрүүтүн биллэрэр.
Им И.Н.,
Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ
30.1.2023 сыл
Comments