top of page
mukuchubook

“Пушкин үйэлэр тухары ааттанар” бэсиэдэ


Улуу Пушкин күнүгэр ананар

Танара орто оскуолатын иһинэн арыллыбыт “Быйаҥ” үлэ, сынньалаҥ лааҕырын (начальник Афанасьева М. В.) оҕолоругар анаан “Пушкин үйэлэр тухары ааттанар” диэн бэсиэдэ буолла. Александр Сергеевич олоҕуттан, айар үлэтиттэн сэбиэдиссэй сырдатта. Остуоруйаттан саҕалаан араас жанрдаах кинигэлэрин кытта билистилэр. Ордук сахалыы тылбаастаммыт кинигэлэри сэҥээрдилэр.

“У Лукоморья” диэн сөбүлүүр айымньыларыттан быһа тардан бары күргүөмүнэн аахтылар. видео

Ити курдук оҕо-аймах сөбүлүүрүн, биһириирин, ааҕарын тухары Пушкин айымньылара күндүтүйэн иһиэхтэрэ диэн эрэнэбит.


Им И.Н., сэбиэдиссэй, суруналыыс

Матырыйааллар лааҕыр фондатыттан ылылыннылар,


6.6.2023 сыл








164 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page