top of page
mukuchubook

Прокопий Степанов уонна «Күннээх сарсыарда»

Обновлено: 30 янв. 2023 г.




Ахсынньы 21 күнэ. ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Российскай Федерация суруналыыстарын чилиэнэ Степанов Прокопий Егорович 90 сылын томточчу туолла. “Прокопий Степанов уонна “Күннээх сарсыарда” диэн библиотечнай уруокка Мукучубут гимназиятын үөрэнээччилэрэ (учуутал Васильева Е. Н.) ыалдьыттаатылар. Суруйааччы олоҕун, айар үлэтин туһунан билистилэр, электроннай слайдалары көрдүлэр.






Эһиэхэ, күндү ааҕааччыларбытыгар, анаан бэчээккэ тахсыбыт матырыйаалларбытын, бэйэбит кыттыһан оҥорбут бородууксуйаларбытын билиһиннэрэбит. Ааҕыҥ, истиҥ, сэҥээриҥ.


Прокопий Степанов уонна «Күннээх сарсыарда»

Үлэ, тыыл, педагогическай үлэ ветерана, улууска, республикаҕа биллэр суруйааччы, ССРС суруйааччыларын союһун чилиэнэ, Российскай Федерация суруналыыстарын чилиэнэ, «Кэбээйи - айар талаан үөскүүр түөлбэтин» биир чаҕылхай киһитэ Прокопий Егорович Степанов төрөөбүт сирин - Кэбээйитин туһунан истиҥник иһирэхтик саныыра «Кэбээйигэ ыалдьыттаа» диэн айымньытыгар көстөр:

Кэлэ сырыт Кэбээйигэ

Ыалдьыт буолан тус хоту,

Сынньаныаҕыҥ этэҥҥэ,

Астыктык, санаа хоту.


Аан бастаан үскэл дьонун

Хайгыы көрөн сөҕүөҕүҥ,

«Үүт маас дойдуҥ соботун

Санатаҕыҥ ээ», - диэҕиҥ.


Ленанан устан сэргии

Күнтэн, күөхтэн үөрүөҕүҥ,

Кэһии тэҥэ кэрэхсии

Кээчэрэтин саллан сиэҕиҥ…


Ийэлээх аҕата Тыайа нэһилиэгин «Олох саҥардар» колхоз биир бастыҥ үлэһиттэрэ этэ. Бииргэ төрөөбүт эдьиийэ Анна Егоровна туһунан 1945 сыллаахха сэтинньи 30 күнүгэр тахсыбыт хаһыаттан билэбит: «Олох Саҥардар» колхоз агитатордара Лугинова М. С., Степанова А., Софронов И., Сметанин П.»

Олунньу 28 күнүгэр 1950 сыл. «Олох саҥардар» колхоз агитатора Степанова Анна Егоровна агитационнай-маассабай үлэни үчүгэйдик ыытар. 16 быыбардааччылар сыһыарыллыбыттарыттан 7 бэсиэдэни оҥорбут, депутакка кандидаттар автобиографияларын үөрэтиини саҕалаабыт».

Ыам ыйын 12 күнэ. «Олох саҥардар» колхозка ааспыт сыллардааҕар быйыл ынахтара эрдэ төрөөбүттэр. Үүтү ыаһын сылын аайы үрдээн иһэр. Степанова, Попова бастаатылар (передовица) көрдөрүүтүнэн».

Манна даҕатан эттэххэ, Степанова Анна Егоровна кыыһа Татьяна Афанасьевна Новгородова улуустааҕы «Билии» обществоҕа үлэлии-хамсыы сылдьар.

Прокопий Егорович оҕо сааһа булчут, балыксыт, отчут - масчыт саха төрүт дьарыгын баһылаабыт дьиэ кэргэҥҥэ ааспыта. Аҕата уоттаах сэрии кэмигэр наҕараадатын туһунан хаһыат саһарбыт лиистэрэ кэпсииллэр:

«Түүлээх соҕотуопкатыгар бастаабыт бириэмийэтин туһунан Совнарком 1941 муус устар 30 күнүн уурааҕа.

Оройуоннааҕы тэрилтэлэринэн киллэриллибит матырыйааллары көрөн баран комиссия уурар.

3. Түүлээх соҕотуопкатын 1941 сыллаахха 1 квартал былаанын толорууга ахсаан уонна хаачыстыба да өттүнэн үрдүк көрдөрүүлэри ситиспит түүлээх булдун бастаан иһээччитин бириэмийэлииргэ.

3 бириэмийэ 500 (биэс мөһөөх) солкуобайынан.

14 пункт Кэбээйи оройуонун стахановец булчута Егор Васильевич Степановы. Кини нуорматын 213,2% толорбут».

Дьэ, бу курдук улууспутугар булчуттар эйгэлэрин историятыгар бэйэтин тус суолун - ииһин хаалларбыт кыраҕы харахтаах булчут сыдьаана Дьөгүөр уола Борокуоппай удьуорун утумнаан, суоллаан айар олоҕун тухары булчуттары ойуулаан сурукка-бичиккэ тиһэрэ кини анала буоллаҕа.

Михаил Иннокентьевич Левин салайааччылаах Бартыһаан Дьөгүөрэп оскуолатын бүтэрбитэ. Саха тыллаах баарын тухары, «кэрэ кэскил кыраайбыт» Кэбээйибит кэрэхсэнэрин тухары аата ааттана турар Иван Романович Петровтан, улууспут өрөгөйүн ырыатын авторыттан, саха тылын баһылаабыт маастарыттан аан бастакы литературнай билиитин ылбыта, хоһоон рифматын, тутулун туһунан бастакы өйдөбүлү чиҥник иҥэриммитэ, саха бөдөҥ классиктарын, суруйааччыларын Суорун Омоллоон, Эллэй, Күннүк Уурастыырап ааттарын истибитэ, үйэлээх айымньыларын билбитэ, дириҥник хорутан ырытарга уһуйуллубута.

1948 сыллаахха Сангаар орто оскуолатыгар үөлээннээхтэрин уонна убайын, Кэбээйи кыраайы үөрэтэр музейын төрүттээччи Петр Денисович Степанов, советскай-партийнай үлэһит Архип Данилович Аргунов курдук үтүө дьон буола үүммүт Кэбээйи ыччаттарын кытта таас чохтоох Сангаарга суолу тэлбиттэрэ, аартыгы аспыттара. Сэрии кэннинээҕи Сангаарга араас омугу кытта алтыһан улуу убайбыт Кулаковскай «Нуучча ньургунун кытта / Туруулаһар доҕор буол» диэн алҕаабытыныы тэҥҥэ кэпсэтэр, алтыһар үтүө суолу тутуспута, устар ууну сомоҕолуур суруйааччы буола үүммүтэ.

1955 сыллаахха учительскай институт кэнниттэн учуутал умсугутуулаах үлэтин Лүксүгүнтэн саҕалаабыта, 1956 сыллаахха төрөөбүт Дьөгүөрэбин оскуолатыгар идэтинэн история учууталынан анаммыта. Дьэ, бу сылларга литературнай дьарыга киэҥник аһыллыбыта. Үөрэнээччилэрин утумнаахтык уһуйан барбыта. Учууталынаан 1957 сылаахха Иван Романович Петровтыын саха тылын сүмэтин ыччаттарга иҥэрэр хайысхалаах үлэлэрин суола холбоспута.

«Үүнэр көлүөнэ уолаттарым,

Үчүгэйкээн кыргыттарым

Дьолу айсан дьоҥҥо биллиҥ,

Дойдубутун байытыҥ…» -

диэн учуутала Иван Петров алҕаабытыныы үөрэнээччилэрин, солбуйааччыларын киэҥ илбистээх литература аартыгар киллэрбитин киэн тутта ааттаталыыбыт: Иннокентий Левини, Иван Егоровы, Василий Ивановы, Петр Максимовы. Ол туоһутунан «ырааҕынан-чугаһынан ыһылла сылдьар» «Күннээх сарсыарда» куруһуок чилиэннэриттэн биирдэстэрэ Петр Максимов «Ыраас ымсыы» кинигэтигэр суруйар:

Прокопий Степановка

Уран тылга у´аарыллан

Умуллубут сарыаллаах,

Тыыннаах тылтан таҥыллан

Тырыбынас ымыылаах

Тыл-өс «күннээх сарсыардата»

Томтор үөһэ сандаарбыта…


…Устар ууну сомоҕолуур

Уран тыллаах убайбыт,

Уһуйуугун салгыы тур!

Кэбээйигэ ийэ тылбыт

Күннээх саҥа сарсыардатын

Күлүмнэтиий, чаҕылытыый!..

диэн баҕа санаа бастыҥа иҥмит.

Прокопий Егорович иһирэх аата төрөөбүт сирбитигэр Кэбээйибитигэр ааттана, иһиллэ турар, ол туоһутунан үүнэр көлүөнэ сүһүөх ыччаттар кини талааныгар сүгүрүйэн туран айар үлэтин үөрэтэллэр, хасыһаллар, чинчийэллэр. Куокуйдааҕы Лугинов аатынан литературнай музей «Күннээх сарсыарда» сылаас тыынын норуокка сырдата, тарҕата, сардаҥатын күлүмнэтэ сылдьара махталлаах суол.

«Күннээх сарсыардаҕа» дьарыктаммыт мэник-тэник оҕолор күн бүгүн эбээ, хос эбээ, эһээ, хос эһээ буолан олордоллор, сааһырдаллар да, учууталларын, угуйааччыларын, сирдээччилэрин маҥхайбыт төбөлөрүн төҥкөтөн, истиник иһирэхтик махтанар тылларын суруйааччы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр эт кулгаахпынан истэн үөрбүтүм.

Педагогическай үлэ ветерана, Дьөгүөрэп оскуолатын 60-с сыллаах выпускнига, «Күннээх сарсыарда» куруһуок биир таһаарыылаах чилиэнэ, Кэбээйи олохтооҕо Владимир Георгиевич Попов санаатын бу курдук тириэрдэр: «1957 сылаахха литературнай куруһуокка сылдьарбыт. Ол кэмҥэ «Саһарҕа» диэн ааттаах этэ. Оҕолор бэйэбит «Сарыал» диэн литературнай хаһыаты таһаарарбыт. Онно оҕолор суруйбут хоһоонноро тахсаллара. Куруһуокка дьарыктанарбытын сөбүлүүр этибит. Ордук үчүгэйдик И. Левин суруйара. «Күннээх сарсыардаҕа» сылдьыбыппытыттан киэн туттабыт. Прокопий Егорович элбэх талааннаах суруйааччыны таһаарбытыгар махтанабыт.»

Тыайа нэһилиэгиттэн элбэх оҕо ийэтэ, эбээтэ, үлэ ветерана, Дьөгүөрэп оскуолатын 1961 сыллаах выпускницата Ноговицына-Полятинская Татьяна Васильевна куруһуокка дьарыктаммытын туһунан маннык бэлиэтээһиниттэн билэбит: «Саҥа олох». 1960 сыл. кулун тутар 9 күнэ. Кэбээйи орто оскуолатыгар ааспыт сыллаахха эдэр литератордар куруһуоктара тэриллибитэ. Оскуола директора Егор Егорович Эверстов, история преподавателэ П. Е. Степанов салайаллар.

Кинилэр куруһуок кыттыылаахтарын литература теориятын, суруйааччылар, поэттар айымньыларын кытта билиһиннэрэллэр. Ити үөрэнээччилэр тылларын сайыннаралларыгар, таба саҥаралларыгар көмөлөһөр.

Оҕолор айымньыларын куруһуок занятиетыгар дьүүллэһэллэр, онтон бастыҥнара литературнай хаһыакка суруйаллар. Үчүгэй хоһооннору 9 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ Таня Ноговицына уонна Петя Максимов суруйдулар. Куруһуок кыттыылаахтара биир дойдулаахтара поэт Тимофей Сметанин бэчээттэмэтэх хоһооннорун хомуйаллар, үөрэтэллэр бэйэлэрин айымньыларынан оройуоннааҕы олимпиадаҕа бэлэмнэнэллэр.»

П. Кобяков

Үөрэнээччилэриттэн 1963 сыллаах выпускницата, 1996 сыллаахтан дьаныһан туран улууспут историятын үөрэтээччи, ол иһигэр «Күннээх сарсыарда» историятын ырытар, сурукка-бичиккэ Иванова Роза Андреевна киллэрэр.

65 сылын томточчу туолбут оройуоммут хаһыата Прокопий Егорович айар үлэтигэр олук уурбута диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол курдук 1956 сыллаахха аан маҥнайгы «Төрөөбүт алааһым» диэн хоһооно күн сирин көрөн бастакы сүрэхтэниитэ ааспыта. Кэлин 1963 сыллаахха олохтоох «Ленинец» хаһыаппытыгар солбуйааччы редакторынан таһаарыылаахтык үлэлээбитин дьон-сэргэ, күүтэр-кэтэһэр ааҕааччылар, ону тэҥэ хаһыат историята умнубат.

Кэбээйибититтэн тахсыбыт «Кыым» анал корреспонденнарыттан биирдэстэринэн Прокопий Степанов буолар. Алданынан, хоту улуустарынан хотуулаахтык хорутан үлэлээбитэ. Тирэх ылбыт, кэмигэр күүс-көмө буолбут, үтүө үлэтинэн бэйэтин суолун-ииһин хаалларбыт, көстүбэт утаҕынан ситимнэспит уруккунан «Ленинец», билиҥҥинэн «Дабаан» хаһыат редакцията буолар.

Автор саамай элбэх ыстатыйалара, айымньылара саха сирин үрдүнэн саха тыллаах, саха саҥалаах 1922 сылтан таптаан ааҕар, сирдьит оҥостор кырдьаҕас «Кыымыгар» тахсыбыттара. «Кыымныын» сибээһин быспатын туоһутунан «Кыым» хаһыат - мин дьылҕабар» диэн ыстатыйатыгар аһаҕастык билинэн турардаах.

1949 сылтан ыла дьарыктанарын туһунан кырдьаҕас «Кыым» маннык эппит: «Суруйааччы, суруналыыс Прокопий Степанов 1972-1975 сыллардаахха Аччыгый БАМ-ҥа «Кыым» хаһыат бэйэтин корреспонденынан үлэлээбитэ. «Тимир ыллык тилигириир» диэн рубрика аннынан барар элбэх уочаркалары, суоллааҕы бэлиэтээһиннэри, ыстатыйалары бэчээттэппитэ. Кини быйыл 75 сааһын туолар. Онон Прокопий Егорович Степановы үтүмэн үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн туран, тус олоҕор дьолу-соргуну, чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, уһун үйэни баҕарабыт! «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтэ».


Ия Николаевна ИМ

30.08.2009 сыл

Сангаар

Иванова Роза Андреевна хомуйбут архыыбыттан,

иккиэн суруйбут сценарийбыт матырыйааллара туһанылыннылар.

"Кыым" хаһыакка бэчээммитэ.


Эл слайдалар, видео ссылкалара (хоһоону аахта Мичил Софронов, техническай редактор Анна Ноговицына, рекдактор Им И.Н. )


Төгүрүччү сайдыылаах

Ааҕааччы санаата


Прокопий Егорович мин олус убаастыыр учууталым, 8 кылааска Кэбээйигэ кэлбит сылбар үөрэппитэ. Кэпсиирин биһиги олус интириэһиргээн истэр этибит. Тыла ууһа бэрт, куолаһа лоп бааччы этэ. Саас Промышленнайга ыыппыттарыгар бастаан аһыйбыппыт ахан. Хата Промышленнайга кэргэммитэ. Мин онус кылааска сырыттахпына кэлэн литературнай куруһуок тэрийбит буолуохтаах. Төгүрүччү сайдыылаах, боростуой, саха саарына буоллаҕа. Мукучулар маладьыастар, аахтым.


Жиркова Дария Софроновна,

23.12.2022 сыл.

Кэбээйи




125 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page