Саха Сирин улуу поэта Ойуунускай Платон Алексеевич
130 сааһын туолуутугар анаан суруйдум.
Оҕо сылдьан аан бастаан
Ойуунускай олоҥхотун ааҕарым.
Киэһэ аайы чүмэчи уотугар
Аҕам Киргиэлэй оллоонноон олорон,
Аахтаран истэрин сөбүлүүрэ.
Онтон ыла саха тыла,
Төрөөбүт тылым абылаҥа,
Ийэ үүтүн кэриэтэ
Эппэр-хааммар иҥмитэ.
Оччолорго алаас ыала
Олоҥхону сөбүлүүрэ.
Мин сахалыы кутум,
Дьиҥнээх төрүт тылым –
Айыы дьон санаата, кэс тыла
Саха ыала, саха омук сиэрэ,
Тыл иччилээх имэҥэ
Уоттаах төлөннөөх тыл
Абылаҥын сөхпүтүм.
Эдэр ыччат көлүөнэ
Ытыктааҥ Ийэ тылы –
Саха тылын байытыҥ!
Саха тылынан саҥаран
Омуктардыын алтыһыҥ!
Григорьева В.Г. – Нарыйа Элясова
Мукучу
11 ноября в зале ИТ центра Мукучу проведены библиотечные уроки по теме:
“Былатыан Ойуунускай уонна Кэбээйи” для учащихся 5-11 классов ТСОШ
Comments