top of page
mukuchubook

Подкаст 18. Остуоруйа эйгэтэ, хоһоон хонуута

Обновлено: 23 окт. 2023 г.




Ахсынньы 21 күнүгэр “Арчы” дьиэтигэр бэрт интэриэһинэй тэрээһин ааста. Валентина Григорьевна Григорьева - Нарыйа Элясова быйыл сахалыы, нууччалыы тылларынан таһаарбыт саҥа кинигэтин билиһиннэрдэ. «Хорсун куобах», “Куба Сарыабына”, “Кыыс уонна бөрө”, “Бөрө оҕото”, “Үлэ - дьол, олох”, “Чудо олень”, "Туруйалар" остуоруйаларын ааҕан иһитиннэрдэ уонна кэлбит оҕолор (Танара орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ) доргуччу аахтылар. Ааҕыыга автор сүбэлэри биэрдэ, элбэх билиилээх буолалларыгар баҕарда.

Көхтөөх ааҕааччыбыт Яковлева Маргарита Ивановна олоххо буолбут кыыс туһунан бэйэтин тылынан, онтон сиэнэ Э. Я. бэйэтэ сөбүлээбит остуоруйатын кэпсээтилэр.

Олохтоох автор Валентина Кондакова - Айтыына бэйэтэ саҥа айбыт «Киһи уонна уот”, “Тойон Ыҥырыа” диэн остуоруйаларын билиһиннэрдэ. Оҕолор болҕойон иһиттилэр.

Бу дьоро күн иккис түһүмэҕинэн улахан дьоҥҥо (нэһилиэк баһылыга Левин Н. И. кыттыылаах) Валентина Григорьева саҥа тахсыбыт “Олох суола” кинигэтин обзора буолла. Биир дойдулаахтарбыт тустарынан хоһооннорун автор бэйэтэ аахпытын долгуйа иһиттибит, араас кэмнэри истиҥник - иһирэхтик ахтан - санаан аастыбыт.

Ити курдук, үлэ түбүгүн быыһыгар остуоруйа эйгэтигэр уонна хоһоон хонуутугар ыалдьыттаатыбыт.


Хаартыскалар, видеолар

Тэрээһини сырдатта

Ия Николаевна ИМ.

Хаартыскалар “Арчы” дьиэтин

фондатыттан ылылылыннылар.

23.12.2022 сыл

39 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page