top of page
mukuchubook

Олоҥхону тылбаастааһыҥҥа холонуу



Учуутал, сүбэһит сылыгар ананар

Мукучубут олохтооҕо, ситимнээхтик үлэлиир киһибит, бочуоттаах сынналаҥын кэмигэр тылбааһынан дьарыктанар учуутал идэлээх ааҕааччыбыт Любовь Николаевна Григорьева санаатын маннык үллэстэр: “Мин олонхоттон букатын ыраах киһи буоллаҕым... Поэзия, тылбаас да эйгэтигэр С.Н. Самсонова - Сиибиктэ угуйан киирдэҕим. Ол гынан баран, икки сыллааҕыта урут бииргэ үөрэнэ сылдьыбыт үөлээннээҕим: «Олонхону тылбаастыырга көмөлөс», - диэбитин ылынаммын, быйыл бүтэрдим.

Амма бөдөҥ олонхоһута Сэбиэскэй Союз суруйааччыларын союһун чилиэнэ Екатерина Иванова "Аландаайы-Куландаайы Бухатыыр" олонхотун тылбаастаатым, билигин ырытыыны бара сылдьар. Кинигэ буолан тахсарын дуу, суох дуу - билбэтим... Бу бастакы холонуум буолан бука сыыһа-халты ханна барыай?... Эбиитин поэзияттан отой ыраах киһибин. Кэбээйи улууһугар, Мукубутугар олонхо эйгэтэ ситэн-тупсан, силигилээн тахсарыгар ис сурэхпиттэн баҕарабын!»


Им И.Н., библиотекарь, суруналыыс

9.2.2023 сыл

3 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page