Сэтинньи 30 күнүгэр «Олоҥхо уонна Хомус алыптаах эйгэтэ…» диэн бэрт интэриэһинэй тэрээһин Мукучу гимзаниятыгар буолла. Саха тылыгар, литературатыгар учуутала Евдокия Николаевна иилэ - саҕалаан ыытта.
Тэрээһин күрэхтэһии форматынан буолла. «Нон стоп”, “Созвездие”, “Сириус”, “Торнадо” диэн оҕолор хамаандалара кытыннылар. “Олоҥхо оҕо хараҕынан” уруһуй күрэҕэ, “Олоҥхо биһиги кэскилбит” диэн олоҥхолооһун биитэр уустаан - ураннаан өйтөн этии, “Дьүрүһүй, Хомуһуом!” хомус күрэҕэ, “Олоҥхо - саха норуотун энциклопедията, бары күндүтэ мустубут музейа” олоҥхону билиигэ түһүмэхтэр бэрт сэргэхтик аастылар.
Сыанабыл биэрэр бөлөх уустук соҕус үлэни көрүстэ эрээри, уопсай санааҕа кэлэн маннык түмүктэри таһаарда.
"Бастыҥ уруһуйдьут" - Г. А ,А. А., П. Т.
"Бастыҥ олоҥхоһут" - В. Ю.
"Бастыҥ хомусчут"- И. С.
“Олоҥхону бөлөҕүнэн бастыҥ толоруу иһин” - "Сириус" бөлөх
Уопсай түмүк 1 миэстэ -“Торнадо”, 2 миэстэ - “Созвездие”, 3 миэстэ - “Нон-Стоп”.
Айымньылаахтык үлэлээбит оҕолорго, салайааччыларга махтанабыт. Өрүү да үлэҕит таһаарыылах буоллун. Ситиһиилэри!
Ия Николаевна ИМ,
модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ,
суруналыыс.
Хаартыска гимназия фондатыттан ылылынна.
Comments