top of page
mukuchubook

Олоҥхо - норуот баайа



Сэтинньи 22 күнүгэр Мукучу модельнай библиотеката, ИТ киин республикатааҕы Олоҥхо дьыктаанын тэрээһинигэр кытыннылар. Платон Алексеевич Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхоттон быһа тардыыттан текст кэлбитэ. “Олоҥхо дьыктаанын туйгуна” диплом «Кэнчээри» уһуйаан иитээччитигэр Михайлова Диана Ивановнаҕа ананна.

Тэрээһин иккис түһүмэҕинэн “Норуот баайа – уус - уран айымньы” диэн кинигэ быыстапкатын кытта билсиһии буолла. Мукучу кууһун, түөлбэтин олоҥхоһуттарын Кырса Сөдүөт уонна Куоҕас Уйбаан сыдьааннара Гаврильева Ульяна Петровна, Борисова Евдокия Ивановна бэрт интэриэһинэй иһитиннэрии оҥордулар.

Олоҥхо киэҥ куйаара ааҕааччылары тарда туруохтун.


Ия Николаевна ИМ,

сэбиэдиссэй, суруналыыс.

30.11.2022 сыл

Хаартыска библиотека фондатыттан ылылынна.











40 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page