top of page
mukuchubook

Олимпиадаҕа кытыннылар


Биһиги нэһилиэккэ төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу тыыныгар иитэр тэрээһин кэмиттэн кэмигэр өрүү ыытыллар. Биллэрин курдук, муус устар 27 күнэ - Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр бэлиэ күн. Саха Автономнай Советскай Социалистическай Республиката (САССР) 1922 сыллаахха муус устар 27 күнүгэр тэриллибитин, ону сэргэ судаарыстыба бэлиэлэрин: былааҕы, гиэрбэни уонна өрөгөй ырыатын хас биирдии гражданин билэр ытык иэһэ буолар. Ол чэрчитинэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи национальнай библиотека "Саха сирин бэлиэлэрэ: Мин патриоппын" диэн олимпиаданы тэрийэн ыытар.

Муус устар 26 күнүгэр Мукучу модельнай библиотекатын (сэбиэдиссэй Им Ия Николаевна) көҕүлээһининэн, Танара орто оскуолатын иитэр үлэҕэ кафедратын өйөбүлүнэн (салайааччы Местникова Евдокия Александровна) алын уонна орто сүһүөх кылаастарга олимпиада ыытылынна. Алын сүһүөххэ иккистэн төрдүскэ диэри кылаастан 41 үөрэнээччи, орто сүһүөххэ 6, 7, 8-с кылаастан 23 оҕо көхтөөх кыттыыны ыллылар. Тургутукка оҕолор 9 ыйытыкка хоруйдаатылар уонна "Аныгы кэм геройа" диэн тиэмэҕэ өйтөн суруйдулар. Тэрээһин түмүгэр кыттыбыт үөрэнээччилэргэ туоһу суруктар туттарылыннылар.

Светлана Самсонова, Мукучу

27.4.2023 сыл




83 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comentarios


bottom of page