top of page

Норуот уус-уран айымньытын тарҕатыы

Обновлено: 26 мая 2024 г.


Быйыл улууспутугар норуот уус-уран айымньытын сыла биллэриллибитэ. Кулун тутар 12 күнүгэр Кэбээйигэ бу эйгэҕэ үлэлэри сырдатыы, инники былааннары торумнааһын, республикатааҕы ыһыаҕы тэрийиигэ концепция оҥоһуллуутугар туһаайыллыбыт улуусатааҕы төгүрүк остуол ыытылынна.

СР геокультурнай сайдыы Институтун салайааччылара, специалистара тэрилтэ үлэтин туһунан сиһилии кэпсээтилэр, консультация биэрдилэр. Мукучу делегацията: олохтоох нэһилиэк баһылыга Левин Н.И., «Дайан» СК директора Борисова К.Б., кэрэ эйгэ оскуола салайааччыта Степанов Р.К., модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ, суруналыыс Им И.Н. кыттыыны ыллылар. Түөлбэбит уратытын ыйан тураммыт нэһилиэккэ ыытыллар үлэлэри билиһиннэрдибит, араас туһааннаах идеялары эттибит, этиилэри киллэрдибит.



 
 
 

Comments


Подпишитесь

  • Facebook
  • Черный Instagram Иконка
  • Черные Одноклассники Иконка
  • unnamed
  • unnamed (1)

©2020 Мукучинская модельная библиотека.

bottom of page