“Ньукулай Луугунап норуот хараҕынан” декада
Сайылык бөһүөлэгин төрүттээбит Кычкиннар сыдьааннара Гаврильева У. П. төрөөбүт уһаайбатыгар, балаҕаныгар бэрт интэриэһинэй тэрээһин балаҕан ыйын 28 күнүгэр буолла. Норуодунай суруйааччы Н. А. Лугинов «Суор” айымньытын Танара орто оскуолатын 11 “а”, “б” кылаастарын үөрэнээччилэригэр ырытыы ыытылынна. Уот суох буолан уруккулуу кырааһыын лампанан сырдатынныбыт. Бэрт дьикти эйгэ сатыылаата.
Бу уустук айымньыны саха тылын, литературатын учуутала Евдокия Николаевна бэрт тиийимтиэтик быһаарда, сүрүн баһын дорҕоонноохтук ааҕан билиһиннэрдэ. Ырытыыга ордук уолаттар көхтөөх кыттыыны ылбыттара үөрдэр.
Сэһэргэһии кэмигэр оскуоланы бүтэрээри сылдьар мукучубут ыччаттара айымньыга баар күлүүс тыллары арыйаннар маннык бигэ түмүккэ кэллилэр: айылҕаны харыстааһын, сөбүлүүр идэни талан үлэһит буолан төрөөбүт дойдуга төннөн кэлии, булт сиэрин-туомун тутуһуу, олоҕу сыаналааһын.
Им И. Н.,
Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.
Comments