top of page
mukuchubook

Мукучу түһүлгэтигэр Бараховскай диктант тэрийдибит



Исидор Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар ананар

Барахов (Иванов) Исидор Никифорович Саха сирин автономиятын төрүттэспит биллиилээх партийнай уонна государственнай деятель бүгүн 125 сылын туолар күнэ. Нэһилиэкпитигэр республикабыт билииллээх дьонугар аналлаах сквергэ араас тематическай тэрээһиннэр ыытыллаллар. Исидор Никифорович олоҕун, оҥорбут дьыалатын сырдатыы үлэлэрэ буолаллар (хаартыскаҕа көрүөххүтүн сөп).

Улуустааҕы библиотека кыраайы үөрэтэр салаата (сэбиэдиссэй Спиридонова А. Н.), олохтоох библиотека уонна ИТ киин Мукучу специалистара республиканскай акцияҕа кытынныбыт. Нэһилиэк араас араҥатыгар сырдатар үлэ ыытылынна, Исидор Барахов баай ис хоһоонноох музейын телеграмм каналын ссылкатын (сигэтин) тарҕаппыппыт.

Киирии тыл этиллибитин кэнниттэн күөх экраҥҥа Дьокуускай 18 № - дээх оскуола бэлэмнээбит “Исидор Никифорович Барахов” диэн медиа уруогун көрдөрдүбүт. Кыттааччылар Мукучу гимназиятын 10, И. Е. Левин аатын сүгэр Танара орто оскуолатын 11 кылаастарын үөрэнээччилэрэ, орто, аҕа саастаах ааҕааччыларбыт 25 ыйытыктаах тургутууну аастылар, сорудаҕы 45 мүнүүтэ устата толордулар. Кэлэн кыттыбыт дьоммутугар махтанан тураммыт Ульяна Петровнабыт буһарбыт минньигэс алаадьытынан күндүлээтибит.

Мукучу регистрацияламмыт түһүлгэтигэр Чагда (библиотекарь-модератор Ноговицына Т.В., 9 киһи), 1 Лүүчүн (библиотекарь-модератор Андреева Д.А., 8 киһи) киирэллэр.




Уопсайа 10 улахан киһи үрдүк баалга толордулар.

Ити курдук, араас көлүөнэ дьон Бараховскай диктаҥҥа кыттыыны ыллылар.


Ия Николаевна ИМ,

Мукучу нэһилиэгин

библиотекатын сэбиэдиссэйэ, суруналыыс

14.2.2023 сыл



172 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page