top of page
mukuchubook

«Мукучу» совхозка үлэлээбит кэмнэрим (ахтыы)


«Мукучу» совхозка үлэлээбит кэмнэрим


Мин, Николаев Данил Никифорович, «Мукучу» совхозка кэлиэм иннинэ республика 3 оройуонугар: Ньурбаҕа, Тааттаҕа, Үөһээ Бүлүүгэ үлэлээн, уопсайа 18 сыл үлэ стажтаах кэлбитим. 3 сыл сельсовет председателинэн, 7 сыл хону убригадирынан үлэлээбитим. 1971 с. Чита куоракка советскай- партийнай оскуоланы бүтэрбитим. Экономист - тэрийээччи диэн идэлээхпин.

«Мукучу» совхоз 1976 сыллаахха «Кэбээйи» совхозтан арахсан, туспа 5 отделениелаах совхоз буолан олороро. Совхоз директора Саввинов Егор Иванович төгүрүк сылы быһа агитациялаан биһигини 1978 сыллаахха атырдьах ыйыгар самолетунан көһөрөн ылбыта. Онтон ыла мэлдьи манна олоробут уонна үлэлээбиппит. Иккиэн отпуска ылан соҕуруу Кавказ диэки барбыппыт. Баран истэхпитинэ тыа хаһаайыстыбатын министерствотыгар ыҥыран ыланнар сөбүлэҥмин ылбыттара. Вера кэлээт да главнай экономиһынан үлэлээн барбыта. Мин арыый да хойутаан кэлбитим. «Мукучу» совхозка уопсайа 20 сыл үлэлээбитим, 3 сыл профком председателинэн, 8 сыл кадр инспекторынан уонна бригадирынан, управляющайынан үлэлээбитим. Биһиги маҥнай кэлиибитигэр совхоз материальнай-техническай базата олох мөлтөх этэ. Арыый үчүгэй көстүүлээх икки этажтаах саҥа контора баара. Совхоз бөһүөлэк киинигэр буолан киин аппарат үлэлиирэ.

Совхоз главнай прорабынан Иванов Степан Иванович үлэлээн испитэ, кыһын ортотугар ССКП райкомунан рекомендациялааннар комсомол райкомугар секретарынан үлэҕэ ылбыттара. Маастарынан Терехов Иван Филиппович үлэлээбитэ, өр буолбатаҕа, дьиэтээҕи балаһыанньатынан Кэбээйигэ көспүтэ. Кини оннугар Гуляев Федор Дмитриевич Баҕадьаттан кэлэн үлэлээбитэ.

Ол да буоллар кыралаан тутуулар син барар этилэр. Сыл аайы отделениелар аайы хотоннор, котельнайдар тутуулара барара. Сылгы, ынах сүөһү элбэх этэ.

Оту оттооһуҥҥа ударнай үлэ барар этэ. Совмин бастакы солбуйааччыта Платонов Степан Николаевич манна кэлэ сылдьан, ходуһалары көрөн сөҕөн-махтайан баран, техниканан хааччыйыыга көмөлөһүөх буолан эрэннэрэн барбыт. Ол киһи дьаһала толоруллан 3 толору механизированнай звено тэриллэн 20-чэ сылы быһы үлэлээбиттэрэ.

Ходуһалар өлгөмнүк үүнэллэрэ, биир звено биир ходуһаҕа сайыны быһа үлэлииллэрэ. Главнай инженеринэн Григорьев Петр Петрович үлэлээбитэ. Командировкаларга элбэхтик сылдьара, араас техникалары, запчастары булан-талан аҕалара. Сатаан кэпсэтэр, тылын-өһүн ылыннарар киһи этэ.

Совхозка катер баар этэ. Сайын аайы Сангаарга, Якутскайга бараннар булбут табаардарын, малларын аҕалаллара. Онон техника өттүнэн сэбилэниибит үчүгэй этэ.

Директорбыт Саввинов Егор Иванович 1979 с. бүтүүтүттэн ыалдьар буолан барбыта. Ыарыытын туһунан хаһан да үҥсэргээбэт буолара. Уһун ыарахан ыарыыттан 1981 с. өлбүтэ.

1980 с. кыһын Васильев Гаврил Данилович ананан кэлбитэ. Старшай прорабынан үлэлэтээри Кэбээйиттэн Софронеев Иван Афанасьевиһы көһөрөн аҕалбыта.

Тутуу үлэтэ арыый да тэтимнээхтик саҕаланан барбыта. «Түөк» учаастагар типовой үлэ-сынньалаҥ лагера тутуллубута.

Мастаахха 4 квартиралаах дьиэни улаатыннаран, саҥа оскуола тутуллубута. Мукучуга музыкальнай оскуола тутуллан аһыллыбыта. Отделениелар аайы хотоннор, котельнайдар тутуллубуттара. Үчүгэй баҕайытык үлэлии сырыттаҕына, Васильев Гаврил Даниловиһы 1986 с. саҥатыгар ууратан кэбиспиттэрэ. 1986 с. сааһыары Онопров Степан Ильич директорынан ананан кэлбитэ. Степан Ильич урут директорынан үлэлээбит буолан улахан опыттаах киһи этэ. Тыа хаһаайыстыбатын бары салаа үлэтин ымпыгын-чымпыгын олус үчүгэйдик билэрэ, хотон тутуутун көрөөт да бэйэҕэр кэпсээн биэрэрэ. Уопсайынан олус мындыр киһи этэ. Харса суох сырыы бөҕөнү сылдьара. Сангаарынан, Якутскайынан сылдьан кэлэн баран үргүлдьү Чагдаҕа, Арыктаахха баран кэлэрэ. Контораҕа элэкис көстөн ааһара. Кини үлэлиир кэмигэр биһиги нэһилиэкпитибитигэр газ киирбитэ, күнүстэри-түүннэри сырыы бөҕөнү сылдьыбыта. Газ котельнайдарын, плиталарын кини элбэхтик аҕалтартаабыта. ГРП уонна АГРС таас дьиэлэрин туттарбыта. Онопров С. И. үтүөтүнэн, кини көмөтүнэн Мукучуга эрдэ газ киирбитэ. Нэһилиэнньэҕэ газ киириитэ – бу социальнай революция. Урут маһынан олорор эрдэхпитинэ, оо, төһөлөөх маһы оттубуппут буолуой?! Нэһилиэнньэ олохтоохторун сүрүн үлэлэрин 50 % чэпчээтэ. Степан Ильич күүскэ ыалдьан, соһуччу биһиги кэккэбититтэн олохтон туораабыта.

Бригадир быһыытынан үлэбин Мукучу отделениетыгар саҕалаабытым. Управляющай Кычкин А. А., мин старшай бригадир, бригадир көмөлөһөөччүтэ бастаан Ионов С. С., кэлин Иванов К. Д. буолбута.

Биһиги үлэҕэ киирэрбитигэр отделениеҕа 16 ыанньыксыт үлэлиирэ. Ону биһиги 22 ыанньыксыкка тириэрдибиппит. Үүт ыаһыныгар мэлдьи былааны аһара толорор этибит. Үс сиринэн сайылык баар этэ: Көтөх Бэрэ, Тоҥуулаах, Хонуу үрэх. Тоҥуулаах, Хонуу үрэх сайылыктарын тутуу отдела оҥорбута.

Үлэлиирим саҕана үлэһит илии олох тиийбэт этэ. Сайын оскуола оҕолоро, үлэ-сынньалаҥ лааҕыра баар буолан, арыый тыын ыларбыт. Кырдьаҕас ыанньыксыттарга уоппуска биэрэрбит, ол оннугар 2-лии оҕоҕо биир ыанньыксыт нагрузкатын толору туттарарбыт. Уоппуска ылбыт рабочайдарбыт кэтэх хаһаайыстыбаларыгар оттууллара.

Ардахтаах дьылларга суолбут-ииспит алдьанан фермалартан арыыны аҕаларбытыгар эрэйдэнэр этибит. Үксүн ДТ-75 тракторынан сылдьарбыт.

Студеннар тутар этэрээттэрэ кэлэн элбэх үлэни оҥорбуттара. Ферма территориятын барытын саҥа бүтэйинэн эргиппиттэрэ. Көтөх Бэрэ территориятын эмиэ эргиччи саҥа бүтэй оҥорбуттара.

Ньирэйдэр мэччийэлэригэр анаан быыс оҥоһуллубута. Көтөх Бэрэ ыанньыгын бостууктара абыраммыттара. Оҕолор киинэ көрөллөрүгэр анаан хаптаһын дьиэ оҥоһуллубута.

Уопсайынан бары сайылыктарга үлэлиир усулуобуйа туох баар кыахпытынан тэрийэ сатаабыппыт.

Кыстыкка киириигэ эмиэ элбэх тэрээһин үлэлэр саҕаламмыттара. Балаҕан ыйын ортотугар Чиҥнээни Бэрэтигэр откормочнай площадка сыл аайы тэриллэн 400-чэ ынах сүөһүнү өлөрөн государствоҕа туттарарбыт. Чиҥнээнигэ элбэх оту, комбикорманы тиэйэн аҕалтарар этибит. Аһыыр да нормалара улахана бэрт этэ. Улахан тымныылар түстэхтэринэ биирдэ забойдуур этибит. Нэһилиэнньэ бары тахсан көхтөөхтүк кытталлара.

Отделениеҕа мэлдьи 2 ДТ-75 трактор оту таһар этэ. Ону таһынан хозчаскка эмиэ 2 ДТ-75 трактор нэһилиэк олохтоохторун отторун-мастарын таһар этэ. Тиэйэр-таһар үлэ туох да наһаа элбэх этэ.

Сыл аайы Бакыр базатыгар 1000 комбикорм, 700-чэ тонна туус, 600 тонна горючай кэлэн сүөкэнэрэ. Ону таһынан Золотинкаттан 300 тонна комбикорм, фураж кэлэрэ. Бүлүү нефтебазатыттан 400 тахса тонна горючай таһыллара. Бу үлэлэри хаһаайыстыбаннай чаас механизатордара толорор этилэр.

Отделениеҕа сыл аайы хотон сыбаҕын үлэтэ кыайтарбакка эрэйдиирэ. Ону директор Онопров Степан Ильич кэлэн, ити эрэйи суох гыммыта. Тутар этэрээт студеннара бары хотоннору цеменинэн сыбаан кэбиспиттэрэ. Сайылыкка көһөөппүтүн кытта бары хотоннор ремоннарын тэрилтэлэр от үлэтигэр киириэхпитигэр дылы бүтэрэн кэбиһэр этилэр. Дьэ, бу наһаа үчүгэй тэрээһин этэ. Күһүн эрдэ сылаастык-сымнаҕастык кыстыкка киирэрбит.

Эбии аһылыгы оҥорорго иһит-хомуос тиийбэт буолара. Ону эмиэ Степан Ильич быһаарбыта. 22 ыанньыксыкка барыларыгар биирдии тонна объемнаах полубочка емкость оҥотторбута, тутуу отделынан. Хотоннор, ыанньык киэннэрэ, механизацияламмыттара. Ынахтары дойканан ыаһын, хотон сааҕын ТСН транспортерынан таһаарыы олохтоммута. Хотон сааҕын үксүн Т-16 шасси трактор таһаарара. Сыл аайы кэриэтэ саҥа шасси трактор ылар этибит. Отделениеҕа 9 хотоҥҥо почти 1000 сүөһү кыстыыра. Күһүҥҥү забойтан ордубут эппитин складка ууран кэбиһээччибит, 1 кварталга туттараары. Мин үлэлиир бириэмэбэр эт-үүт былаанын мэлдьи толорор этибит.

Мин манна кэлэн, лабыкта хомуйуутугар, кыһын стоговоһунан анньан ылар курдук куорам-дьааһык курдук оҥорторон тиэйтэрэр буолбутум. Урут «Үөдүгэй» совхозка үлэлээбит опыппын тарҕатан оҥорторбутум. Наставник Борисов Степан Ивановичка үчүгэйдик чертежтаан, размерын суруйан биэрбитим. Ол түмүгэр лабыктаны элбэҕи хомуйар буолбуттара. Борисов Степан Иванович Саха АССР үтүөлээх наставнига буолбута.

Кадр инспекторынан 1983 сыллаахтан үлэлээн барбытым. «Мукучу» совхозка уопсай үлэһитин ахсаана 500-чэ киһи этэ, биэс отделениелаах: Мукучу, Баҕадьа, Мастаах, Арыктаах, Чагда. Бары сылгы, ынах сүөһүнү иитиинэн дьарыктанар этибит. Мастаах отделениетыгар күөх кырса баар этэ. Итини таһынан совхозка 20-чэ кадровай булчут баара. Элбэх түүлээх тутуллан Иркутскай базатыгар ыытыллара.

Кадр боппуруоһугар этэр буоллахха, улахан масштабтаах дуоһунастар, специальностар райком, партком номенклатуратыгар киирэннэр, онно сөбүлэһиннэрэн эрэ баран приказ тахсар этэ. Кыра дуоһунастары директор бэйэтэ быһааран кэбиһээччи.

Сыл аайы ахсынньы ыйыгар сыллааҕы отчет туттарар этим. Маҥнайгы сылбар эрэйдэнэн баран, кэлин үөрэнэн, үчүгэйдик оҥорор буолбутум. Сылга 400-тэн тахса приказ суруллар этэ.

Туох да киһиргэһэ суох, 5 нэһилиэк рабочайдарыгар «Үлэ ветерана» медалы представление оҥорон бэрдэрбитим, 1945 с. төрүөхтэригэр дылы. Пенсияҕа тахсар дьоҥҥо эрдэттэн докуменнарын оҥорон ыытарым. Биир да документ төннөн кэлбэт этэ.

Аны байыаннай учет баара. Форма-6 оҥорон сыл аайы военкоматтары кытта сверкалаһан баран военком визалаатаҕына эрэ отчету тутар этилэр. 40-н тахса таблицалаах статистическай отчеттар баар этилэр. Олору толорон ыытыы син үлэлээх этэ. Кадр инспекторын үлэтэ син сылаалаах, эридьиэстээх үлэ этэ. Отпуска диэни аанньа ылбат этим, ый бүтүүтэ бухгалтер Афанасьев Христофор Николаевич булгуччу ыҥыран үлэбэр киллэртэрэр этэ. Бэйэм кэтэх сылгылардаах этим. Оттоору отпуска ылар этим. Дьон-сэргэ бары окко көхтөөхтүк турунан туран үлэлииллэрэ.

Профком председателэ Михайлов Егор Прокопьевич 1992 сыллаахха пенсияҕа баран хаалбыта. Ити сыл профсоюзнай конференциянан профком председателинэн быыбардаан кэбистилэр. Аны ити дуоһунаска үлэлии сатаатым. Профкомҥа үп-харчы улам, улам кэмчитийэн иһэр кэмигэр түбэспит эбиппин. Ол да буоллар «Урожай-90» товардарын барытын ылан иһэбит. Үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара үлэлээбэт буолан испиттэрэ. Коллективнай договор усулуобуйатын сыл аайы уларытан иһэбит. Барыта аччааһын өттүгэр баран испитэ. 1994 сылтан совхозка букатын харчы кэлбэт буолбута.

Олус эрэйэ бэрдин иһин, үп-харчы кырыымчыгынан 1995 сыллаахха үлэбиттэн уурайан Баҕадьа отделениетыгар управляющайынан үлэлии барбытым. Профкомҥа үлэлиир бириэмэбэр Павлов Степан Степанович этэ. Баҕадьаҕа үлэлиир бириэмэбэр совхоз ыһыллан, сүөһү-ас аччаан эрэр кэмэ этэ. Рабочайдарга хамнас суотугар эт-арыы биэрэр буолбуппут. Харчы олох суоҕа. Тиэйэр-таһар үлэбитин Мукучулар толорор этилэр. 1997 сыллаахха сайын наһаа ардахтаах буолан от былаанын толорботохпут. Оттообут оппут да качествота куһаҕан этэ. Атын оройуоннартан от көрдөһөр аакка барбыппыт. Директор Архип Афанасьевич от көрдөөһүнүгэр миигин командировкалаабыта. Мин «Таатта» совхозтан 200 тонна от атыылаһар курдук договордаһан кэлбитим. 1997 сыллаахха ахсынньы ыйыгар директор Егоров А. А. олохтон туораан хаалбыта. Булбут оппун 1998 сыллаахха олунньу ыйтан манна таһан аҕалтарбытым. Бэйэбит совхозпут массыыната шофердар Павлов Н. С., Дьяконов И. И., Кычкин А. С., Ноговицын Л. И. уопсайа 100 тоннаны таспыттара. Атынын Мэҥэ-Хаҥалас «Сельхозтехника»-та таһан абыраабыттара. Муус устар санатыгар бүтэн кэлбиппит. Сүөһү-сылгы кыстыгы этэҥҥэ туораан тахсыбыппыт.

Советскай система саҕана 1 солкуобайдаах бородууксуйаҕа государство 4 солкуобайы төлүүр этэ. Онон комбикорма, туус, горючай, запчасть, техника кэлэр этэ. Совхоз саҕана үчүгэйдик олорбуппут, киһи бары үтүө суобастаахтык үлэлиирэ. Үлэтэ суох киһи суох этэ. Сорох салаа үлэлэргэ үлэһит илии тиийбэт этэ, ордук сүөһү иитиитигэр.

Мин бу сүрүн үлэм туһунан ахтыы оҥордум. Оттон общественнай үлэм туһунан эттэхпинэ маннык: 1986 сыллаахтан ССКП чилиэнэбин, үйэлээх сааспар үлэлиирим тухары нагрузка олох төлөрүйбэт киһитэ быһыылаахпын, 10-ча сыл нэһилиэк депутатынан быыбардана сылдьыбытым, 16 сыл маннайгы сүһүөх партийнай тэрилтэ секретарабын (сирэй секретарь, сороҕор солбуйар секретарь). Пропагандист, агитатор уо.д.а.

«Мукучу» совхозка 20 сыл үлэлээн баран эргиэн систематыгар барбытым. Онно киин складка 3 сыл склад заведующайынан үлэлээн баран пенсияҕа тахсыбытым. Үлэлээбитим устатыгар киһиттэн итэҕэс үлэлээбэтэх курдук сананабын. Санаабар, туох баар билиибин-көрүүбүн, дьоҕурбун, кыахпын биэрэн туран үлэлээбитим.

Николаев Данил Никифорович,

улуус бочуоттаах олохтооҕо,

тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах ветерана,

СР бочуоттаах ветерана.



222 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Kommentarer


bottom of page