top of page
mukuchubook

1 ПОДКАСТ. Мукучу модельнай библиотеката «Mukuchubibl" саҥарар» диэн подкаст оҥордо. СҮРЭХТИИБИТ.

Обновлено: 4 июн. 2022 г.



Күндү ааҕааччыларбыт! Мукучу модельнай библиотеката аан бастаан ПОДКАСТ оҥордо. Эһиги болҕомтоҕутугар бу сигэни (ссылканы)​ баттааҥҥыт истэргитигэр ыҥырабын. Сэҥээриэххит диэн эрэнэбин.


«Mukuchubibl саҥарар” бырайыак автора, редактора Им И. Н.

​ «Таптыыр сахам тылынан …» республикатааҕы акцияҕа кыттыы САССР төрүттэммитэ 100, Кэбээйи улууһа тэриллибитэ 85, Төрүт түөлбэ сылларыгар , саха тылын, суругун - бичигин нэдиэлэтигэр ананар Олунньу 12 күнүгэр Саха Республикатын Национальнай библиотеката, Оҕо ааҕыытын киинэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан тэрийбит «Таптыыр сахам тылынан …» республикатааҕы акциятыгар Мукучу нэһилиэгэр ​ Танара орто оскуолатын 16 үөрэнээччитэ тургутууну аастылар. 3 кылаастан саҕалаан 8 кылаас үөрэнээччилэрэ кытыннылар. Алын сүһүөх кылаас үөрэнээччилэрин Кычкина Мария Павловна, Иванова Ирина Ивановна, 5-8 кылаас үөрэнээччилэрин саха тылын уонна литературатын учууталлара Васильев Афанасий Спиридонович, Самсонова Светлана Николаевна салайан үлэлэттилэр. Модельнай библиотекаттан модераторынан Афанасьева Варвара​ Николаевна, онтон үөрэх кыһатыгар научнай - чинчийэр үлэҕэ директоры солбуйааччы Аммосова Татьяна Климовна буоллулар. Тургутуу икки түһүмэхтээх, 9 ыйытыыга хоруйдарын таллылар уонна бэриллибит тиэмэҕэ ис хоһоонун, суолтатын арыйан тус санааларын суруйдулар. Үлэлэри анал ирдэбиллэргэ олоҕуран библиотекардар бэрэбиэркэлээтибит уонна маннык саҥааҕа кэллибит: «Акция сүрүн сыалын - соругун ситтэ. Кыттыбыт уонна кытыннарбыт дьоммутугар махтанабыт». Кыттааччылар тус санааларын билиһиннэрэбит: Кинигэ - сыаната биллибэт кылаат Н. С.: «Мин «Эриэппэни» аахпытым. Оҕонньордоох эмээхсин сиэмэ олордубуттар, хас да күнүнэн эриэппэ улааппыт. Оҕонньор тардыбыта сатамматах, эмээхсиҥҥэ эппит, кэлбит: «Тугуй?», - диэбит, оҕонньор эппит: «Эриэппэни ылыахха», - диэбит. Тарпыттара кэлбэтэх. Оҕолорго эппиттэригэр кэлбиттэр, тардыбыттар, онтон куоскаҕа, кутуйахха эппиттэр, тардабыттар, дьэ сатаммыт. Кинигэни ааҕар үчүгэй». С. Ю. «Кинигэҕэ сонуннары, кэпсээннэри уонна остуоруйалары суруйаллар. Кинигэлэр ааттаахтар, барытын билиэххэ сөп. Мин ийэм библиотекаҕа үлэлиир. Дьоннорго кинигэ биэрэр уонна кыракый справочниктаах, онно хаһан биэрэллэрин, ханна үөрэнэллэрин, үлэлииллэрин уонна ааттарын толору суруйар. Ийэм аата Афанасьева Варвара Николаевна диэн. Онно оҕолор кэлэн араас кинигэ талаллар уонна оҕолорго эмиэ справочниктаахтар, кинилэр ааҕа хаалыахтарын сөп. Ийэлэрэ, аҕалара, эһээлэрэ эбэтэр эбээлэрэ кэлэн ылаллар. Кинигэни аахтаххына өйдөөх буолаҕын». Г. О.: «Биһиэхэ библиотека кулууб аттыгар баар. Онно ремонт буолбута. Элбэх кинигэ баар. Дьүөгэм ийэтэ үлэлиир. Мин кинигэ уларсабын, ааҕан бүтэрдэхпинэ аҕалан биэрэбин, онтон атын кинигэни ылабын. Дьиэбэр баран ааҕабын, көрөбүн. Мин остуоруйалары, кэпсээннэри сөбүлүүбүн. Оҕолор эмиэ кэлэн ааҕаллар уонна ылаллар». А. Н. : «Кинигэ дьоҥҥо билиини биэрэр. Кинигэ баар буолан биһиги сатаан ааҕабыт, суруйабыт. Оттон кинигэтэ суох биһиги тугу да билиэхпит суоҕа, кыайан ааҕыа суохпут. Өссө кинигэҕэ элбэх араас остуоруйалар бааллар. Оҕолор кыайан кэпсэтэр буолаллар, элбэҕи билэллэр. Остуоруйаттан дьоннор ытыыллар, кыыһыраллар, соһуйаллар. Кинигэҕэ тугу барытын суруйаллар. Биир кинигэҕэ кыыл туһунан буолуон сөп, атыҥҥа туох эрэ туһунан. Хас сыл аайы кинигэ уларыйан иһэр». А. А. : «Билиҥҥи үйэҕэ элбэх киһи кинигэ аахпат. Кинигэни хаһан баҕарар ааҕыахха сөп. Кинигэ элбэх арааһа баар. Үөрүүлээх, хомойуулаах, хараҥа, маҥан өҥнөөх. Кинигэлэр элбэх билиини, үөрүүнү биэрэллэр». С. Ю. : «Кинигэни эн хаһан баҕар, ханнык баҕарар тылынан суруллубуту ааҕыаххын сөп. Араас остуоруйалар уонна кырдьыгы кэпсиир кинигэлэр бааллар. Ханнык баҕар кинигэни аах, син биир ытыаҕыҥ, күлүөҕүҥ, үөрүөҕүҥ, кыыһырыаҕыҥ, соһуйуоҕуҥ, куттаныаҕыҥ. Бу сиргэ наһаа элбэх кинигэ баар, араас тыллаах, ойуулаах, кутталлаах, үөрэх кинигэтэ. Хас сыл уонна үйэ аайы кинигэ уларыйан иһэр». Ким доҕордоох - ол дьоллоох И. Э. : «Мин аҕам доҕордоох, кини доҕорун кытта Мукучуга бааллар. Доҕоро биһиэхэ килиэп биэрэр, саҥа дьиэни оҥорорго көмөлөспүтэ. Ийэбэр үчүгэй баҕайы мас уонна араас сибэкки сиэмэлэрин биэрбитэ. Аҕам доҕорун аата Уйсиэн диэн, кини биһиэхэ минньигэс астары, оонньуурдары бэлэхтиир. Биһиги киниэхэ көмөлөһөөччүбүт. Саҥа дьиэҕэ олорор, биһигини бэйэтин дьиэтигэр олордубута. Массыынабытын оҥорон биэрбитэ, өссө биһигини массыынанан, мотоциклынан хатааһылатааччы. Мин аҕам доҕордоох - ол аата дьоллоох». Е. А. : «Доҕор баара наһаа үчүгэй! Арай эн хомойбут буоллаххына доҕоруҥ кэлэн эйигин үөрдэр, күллэрэр, настарыаньаҕын көтөҕөр. Ыалдьыбыт буоллаххына кэлэн ыйытар. Кыһын каникулларга мин дьүөгэбин А. кытта таһырдьа тахсан хаампыппыт, күлбүппүт. Дэриэбинэбитигэр сыырга баран наһаа үчүгэйдик бириэмэни атаарбыппыт. Онтон А. дьиэтигэр кэлбиппит уонна кэпсэппиппит, күлбүппүт уонна суотабайга баар оонньууну оонньоон баран мин дьиэбэр барбытым. Дьиэбэр тиийэн баран суунан, аһаан бараммын утуйбутум. Сарсыҥҥытыгар А. кэлбитигэр эмиэ оонньоон, кэпсэтэн баран тарҕасппыппыт. Доҕордоох киһи үөрүүнэн сылдьар. Ким доҕордоох - ол дьоллоох». П. Д. : «Доҕоро суох киһи бэйэтэ сылдьар. Доҕордоох киһи доҕорун кытары күүлэйдиир, аһыыр, көрсөр, бииргэ сылдьаллар, оонньууллар, ыалдьыттаһаллар, маҕаһыыҥҥа бараллар, уруок ааҕаллар, көмөлөсүһэллэр. Мин доҕорум аата С. Доҕордоох буолар үчүгэй. Мин кинини оҕо саадыгар көрсүбүтүм. Билигин даҕаны доҕордоһо сылдьабыт». Э. Л. : «Доҕордоох киһи дьоллоохтук онтон доҕоро суох куһаҕаннык олорор. Мин доҕорум аата Л. диэн, кинини кытта наһаа үчүгэйдик доҕордоһобун, оонньуубун. Бастакы кылаастан билсэбит, билигин кини гимназияҕа, мин оскуолаҕа үөрэнэбит, ол иһин наар төлөпүөн нөҥүө кэпсэтэбит. алта сыл буолла доҕордоспуппут, наар тэрээһиннэргэ кыттааччыбыт. Сайын таһырдьа оонньооччубут, маҕаһыыҥҥа барааччыбыт. Маннык дьоллоохтук олоробун». И. С. : «Доҕор эйиэхэ көмөлөһүөҕэ, доҕоро суох киһиэхэ куһаҕан. Доҕор соҕотох буоллаххына харыстыаҕа. Доҕору кытта күүлэйдиигин, оонньуугун. Иккиэн бииргэ сылдьаҕын. Эйигин өйдүүр, сэкириэккин этэҕин. Мин доҕорум Д. Биһиги ааппытын булкуйаллар. Биһиги доҕордоспуппут сэттэ сыл буолла, билигин даҕаны доҕордоһобут. Мин доҕорбун хаһан да бырахпаппын». Төрөөбүт тыл - норуот сайдар кэскилэ И. Д. : «Төрөөбүт тылын умнар омук омук буолан бүтэр. Хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт тылын билиэхтээх, тылга таптал ийэтин үүтүн кытта иҥиэхтээх. Биһиги сахабыт тылын хас да үйэ тухары умнуо суохтаахпыт. Бэйэбит омук быһыытынан сүтэн - симэлийэн хаалбаппыт туһугар төрөөбүт тылбытынан сахалар саҥара, кэпсэтэ сылдьыахтаахпыт. Саха тыла сайда турарын туһугар кыһаллыахтаахпыт». Л. М. : «Сахалар төрөөбүт тылларын син биир умнуо суохтара. Кинилэр оҕолорун саха тылыгар үөрэтиэхтэрэ. Оннук саха тыла салҕаныа. Өссө оскуолаҕа үөрэтиэхтэрэ. Сахалар хаһан да сүтүө суохтара. Төрөөбүт тыл үйэттэн үйэҕэ салҕаныа. Саха тыла баай уонна быдан ыарахан тыл. Буукубатынан, тылынан уонна саҥатынан баай. Холобур, уорҕа, ойуур, дьиэ, өтүө, тыа ... Сахабыт тыла тиллиэ ...». Я. Н. : «Төрөөбүт тылы билэр олус наадалаах. Саха тыла баай, улуу, уһун остуоруйалаах тыл. Хас биирдии киһи бэйэтин тылын төрүөҕүттэн билиэхтээх. Саха киһитэ оҕотун аан бастаан саха тылыгар үөрэтиэхтээх, атын тылы үөрэттэҕинэ саха тылын билиэ суоҕа. Хас биирдии киһи төрөөбүт тыла төрүөн иннинэ этигэр - хааныгар иҥэ сылдьар» И. А. : «Саха тыла элбэх араас өйдөбүллээх. Төрөөбүт төрүт тылбытыгар сорох оҕолор нуучча тылын кыбытан саҥараллар. Сорох тыллары умнан нуучча өттүгэр сайдаллар. Оннук гынан төрөөбүт тылбыт умнуллар. Ол иһин сахабыт тылын сайыннаран умнуллубут, өбүгэлэрбит тылларын санаан саҥарыахха. Төрөөбүт тылбыт умуллан истэҕинэ норуоппут эмиэ сүтэн иһэр. Онон кыра оҕо төрүөҕүттэн сахабыт тылын үөрэтэн элбэхтик саҥарыан наада дии саныыбын. Тоҕо диэтэххэ, сахабыт тыла өссө сайдарын туһугар. Төрөөбүт тылгытын умнумаҥ, харыстааҥ!» Н. В. : «Биһиги сахалар төрөөбүт тылбыт олус баай. Ол гынан баран сорох саха оҕолоро бэйэлэрин тылларын олох даҕаны билбэттэр. Нуучча тылыгар сорохтор көспүттэр. Сахалар бэйэбит тылбытын өрө туппатахпытына ким өрө тутуой? Сахабыт тыла олох сүтэн эрэр, нууччалыы, сыыс тыллары киллэрдибит аҕай. Сүппэтин туһугар элбэх сахалыы кинигэлэри ааҕан, оҕолору кытта кыра эрдэхтэриттэн сөпкө саҥарарга угуйан, иитэн таһаарыахха. Сахабыт тыла сүттэҕинэ норуоппут эстэр». Дьэ, ити курдук оҕолор бэйэлэрин санааларын тус олохторугар, чугас уонна атын дьоннор холобурдарыгар олоҕуран суруйбуттар. Үүнэр көлүөнэ ааҕаарын сөбүлүүрэ, доҕордоох буоларын ордороро, төрөөбүт тылбыт симэлийбэтин туһугар долгуйара кэрэхсэбиллээх.


PS: аныгы ирдэбилинэн оҕолор ааттара толору суруллубата, ааҕыллыбата.

Им И.Н., Мукучу модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ 15.02.2022 сыл

449 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

Comments


bottom of page