top of page
mukuchubook

"МУКУЧУ айар талаан туоната" диэн 2022 сыллаахха тахсыбыт уонна биһирэмнэрэ буолбут кинигэлэр




Павлова Анна Николаевна

Хомуйан оҥордулар : Павлов Степан Степанович, Егорова Александра Степановна.

Бу кинигэҕэ Бочуот Знага уордьан кавалера, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Мукучу нэһилиэгин , Кэбээйи улууһун бочуоттаах олохтооҕо Павлова Анна Николаевна олоҕо, үлэтэ, төрүччүтэ хомуллан киирдэ.

Кинигэ биһирэмэ Танара орто оскуолатын үбүлүөйүгэр буолбута.


Алыһардаах Аана / хомуйан оҥордулар : М. П. Григорьев, А. А. Павлов. – Дьокуускай : Айар, 2022. – 240 с. – ( Айылҕаттан айдарыылаахтар).

Бу аан бастаан тахсар кинигэҕэ уһулуччу дьоҕурдаах, норуотун туһугар олоҕун бүтүннүүтүн анаабыт улуу удаҕан, эмчит Анна Дмитриевна Иванова-Павлова-Алыһардаах Аана туһунан архыып матырыйаалларыгар, сирэй көрсүбүт, анаан кэпсэппит, эмтэнэн үтүөрбүт дьон ахтыыларыгар олоҕуран сурулунна.

Айылҕаттан айдарыылаах улуу эдьиийбит төрөөбүтэ 175 сылын көрсө кини түҥ былыргылыы эмтиир ньымаларын, сүппүт дьону булар дьоҕурун, инники олоҕу өтө көрөр ийэ айылгытын туһунан кэрэхсэбиллээхтик кэпсэнэр.

Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.



Ааспыт санааларым , эппэтэх тылларым [ хоһооннор ] / Егор Ядреев. – Дьокуускай : “ Якутия ” медиа-холдинг , 2021. – 24 с.

Ааптар бастакы кинигэтигэр таптал сырдык иэйиитин, олох туһунан санааларын, төрөөбүт дойдутугар тапталын уустаан-ураннаан хоһуйар. Олох мөкү өрүттэрин көр-күлүү гынан саралыыр. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.



Танара орто оскуолата – дьол уйата : [ ахтыылар ] / хомуйан оҥордо Галина Алексеева , редактор Ия Им – Дьокуускай : ( издательство ) , 2022. – 141 с. , фотоил. 54 с.

1971 сыллаахха бүтэрбит выпустар таһаарбыт кинигэлэрэ. Выпустар серия салҕаан таһааралларыгар ыҥырыы оҥорбуттара.





Олох суола : кэпсээннэр , хоһооннор / В.Г.Григорьева – Нарыйа Элясова. – Дьокуускай : Айар , 2022. – 144 с.

Бу кинигэҕэ былыр Кэбээйи улууһун Киччэҥ бөһүөлэгэр олорон , бултаан-алтаан ааспыт дьон олоҕо кэпсэнэр. В.Г.Григорьева-Нарыйа Элясова кэпсээннэрэ , хоһоонноро ыччакка төрөөбүт дойдуга , ийэ сиргэ тапталы иҥэрэр сыаллаахтар.



В.Г.Григорьева-Нарыйа Элясова – Благословение священной березы

Благословение священной березы : рассказы , стихи / В.Г.Григорьева – Нарыйа Элясова . – Якутск : Айар , 2022. – 64 с.

В книгу вошли рассказы и стихи В.Г.Григорьевой – Нарыйы Элясовой. Автор посвящает свою книгу молодому поколению. Учит любить природу , жизнь и Родину , свято чтить обычаи предков.



Григорьева Валентина Григорьевна - Оҕо саас остуоруйалара сказки детсва.

Оҕо саас остуоруйалара = Сказки детсва / В.Г.Григорьева-Нарыйа Элясова. – Дьокуускай Айар, 2022. – 24 с.

В книгу вошли сказки В.Г.Григорьева-Нарыйа Элясовой на якутском и русском языках. Автор посвящает свою книгу детям младшего и среднего возраста.



Кычкин Афанасий Афанасьевич – Олоҕум түгэннэрэ

Олоҕум түгэннэрэ. Кычкин Афанасий Афанасьевич / [ Хомуйан оҥордо : КЫЧКИНА Л.А. ]. – Дьокуускай : ХИФУ издательскай дьиэтэ , 2022. – 108 с.

Бу кинигэҕэ түмүллэн киирдилэр : аҕабыт бэйэтин олоҕун туһунан кэпсээннэрэ уонна үйэтин тухары бииргэ алтыспыт , үлэлээбит бар дьоно кинини киһи уонна үлэһит быһыытынан ахтан-санаан ааспыт ахтыылара.

Кэлэр көлүөнэ оҕолорбутугар, ыччаттарга, олохтоохторго сэрии кэмин ыарахаттарын, Сайылыкпыт сэлиэнньэтэ тэриллиитин, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин сайыннарыы кэмнэрин туһунан чахчылаах кэпсээннэри аахтыннар, биллиннэр, урукку дьон үлэлэрин, олохторун сыаналаатыннар, ытыктаатыннар диэн киэҥ араҥа ааҕааччыларга таһаарабыт.



Үлэ . Дьылҕа . Дьол : ахтыылар , корреспонденциялар , ыстатыйалара / [ хомуйан оҥордулар : Р. С. Маркова – Жиркова , М. Н. Николаева , Н. Н. Колодезников , В. С. Малгин ; эрэдээктэрдэр : Г. М. Артемьев , А. К. Посельская ]. – Ытык Күөл : “ Таатта “ хаһыат редакцията , 2022. – 220 с. 40 иллюс.

Ааспыт ХХ үйэ уларыйыыларын, ситиһиитин туоһутунан РФ, СР үтүөлээх агронома, тыыл бэтэрээнэ, “Ленин” , “Октябрьскай революция “ , “Үлэ Кыһыл знамя” , “Хотугу Сулус” уордьаннар кавалердара, Кэбээйи, Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо ЖИРКОВ Семен Гаврильевич буолар. Кинигэ С.Г.Жирков төрөөбүтэ 100 сылыгар ананар.

Кинигэҕэ төрөппүт оҕолорун, аймахтарын, доҕотторун, бииргэ үлэлээбит коллегаларын истиҥ, иһирэх ахтыылара киирдилэр.

Кинигэҕэ Семен Гаврильевич ситиһиилээх үлэтин таһынан кинини аҕа, сүбэһит, мындыр хаһаайын, булчут саха норуотун үгэһинэн, сиэрин туомун тарҕатааччы быһыытынан билсиэхпит уонна аатын үйэтигэр өйдөбүнньүк быһыытынан НВК Саха фондатыттан видеолар хомуллан Gr-кодунан сыһыарылыннылар. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Биһирэмэ Мукучуга сэтинньигэ буолбута.



Иван ЕГОРОВ – Айымньылар

Айымньылар / [хомуйан оҥордо К. Е. Новикова ] : - Дьокуускай : Сайдам, 2022. – 512 с.

Бу кинигэҕэ литература бары жанрыгар таһаарыылаахтык үлэлээбит суруналыыыс, суруйааччы Иван Иннокентьевич Егоров төрөөбүтэ 85 сылын көрсө айымньылара, хаһыаттарга, сурунаалларга бэчээттэммит ыстатыйалара түмүллэн киирдилэр. Ону тэҥэ кини туһунан чугас дьонун, бииргэ үөрэммит , үлэлээбит үөлээннээхтэрин истиҥ-иһирэх тыллаах ахтыылара хомулуннулар.

Кинигэбитин Сайылык сэлиэнньэтэ 70, Кэбээйибит улууһа 85 сыллаах үбүлүөйдэринэн бар дьоммутугар бэлэх уунабыт.

Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Бочуот кинигэтин олохтоох администрация таһаарбыта. Егорова Мария Григорьевна идеята.


Айар кинигэ кыһата 2022 сыл түмүгүнэн “Саамай ааҕыллыбыт уус - уран кинигэлэр” диэн күрэҕэр “Тумаҥҥа симэлийбиттэр” диэн биир дойдулаахпыт Иван Андросов - Айанньыт айымньыта киирбитэ бу ситиһии бэлиэтэ буолар.

Ити курдук, Мукучубут дьоно айар, тутар, сайдар.

21.01.2023


17 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page