top of page

"Кэтит сир Кэбээйи..." диэн хаартысканан дьүһүйүү аахсыйата

Обновлено: 2 июн. 2022 г.


"Кэтит сир Кэбээйи систэригэр

Кэрэбит кэлэрин билэбин,

Сотору дэлэгэй иэннэргэр

Соргу-дьол үрдүк диэн этэбин.

Эйиэхэ нууччалар, эбээннэр

Элбэх уон омуктар туоллуннар,

Кэнэҕэс кэмэ суох кэлэннэр

Кэргэннии, доҕордуу буоллуннар!

Селолар, куораттар турдуннар

Синньэ күөх чэлгийэр кырдалгар,

Хоһоонньут оҕолор туойдуннар

Хотугу халлааныҥ анныгар."

 

1939 сыл,

Кэбээйи оройуона 

Винокуров Ф.Г. - Даадар 

 

Саха бэйиэтэ Федор Григорьевич Винокуров - Даадар төрөөбүтэ 110 сылыгар уонна төрөөбүт тыл, сурук-бичик декадатыгар аналлаах Мукучу модельнай библиотекатын, И. Е. Левин аатын сүгэр Танара орто оскуолатын холбоһуктаах тэрийэр хамыыһыйата «Кэтит сир Кэбээйи...» диэн Мукучу нэһилиэгин олохтоохторугар хаартысканан дьүһүйүү кылгас болдьохтоох аахсыйатын биллэрэр.

Буолар кэмэ: Олунньу 3-13 (13 түмүктэнэр) 2021 сыл.

Кыттааччылар: төрөппүттэр оҕолорунаан

бэйиэт биһиги дойдубут туһунан хоһоонугар олоҕуран, Даадар уонна Кэбээйи ыкса ситимин, киэҥ Кэбээйибит ис кэрэтин арыйарга дьулуһуу. Биир бастыҥ хаачыстыбалаах хаартыскаҕытын талан ыытаргытыгар. Хаһан, ханна түһэриллибитэ бэлиэтэнэр.

Кыттааччы аатын толору суруйар, олорор сирин, сааһын ыйар.

Билсэр телефоҥҥут 89627313795, mukuchubook@mail.ru

Үлэлэр ситим нөҥүө сырдатыллыахтара, тэрилтэлэр фондаларыгар хараллыахтара.

Көхтөөхтүк кыттыаххыт диэн эрэнэбит.

Каарта ойуута http://yandex.ru/clck/jsredir?from=yandex.ru%3Bimages%2Ftouch%2Fsearch%3Bimages%3B%3B&text=&etext=9171.ZvrdpuHelVolRUIKyciVc7HbSXkNBlNWRRMgtS_7LGzs5m5Gm4S79b_Vu-a567E-LDyeUp8V8S9IQ6Kks8snyg.12f402fb002c70e14fd9782f406af16a122d6536&uuid=&state=-4d_U4Ms4lJ2hkwm1656-SywRR6lJlSz3_YE9VVfJmVv5NURpiZ0Yh8CRMZr9X3GhBXJt6fQSKLD7r7M4BbfMrzupHg4FjltFiHaX_eyo4Z6_vz5bH7ztw,,&data=eEwyM2lDYU9Gd1VROE1ZMXhZYkJTYmV3UTV2TEcxNUNsSWhSRzNnT1JwbE9SLWw3c09QWUdtRHpieC1XVlNxWmU1STRHLTRseVlzcUcxNDIxT1ZqSFJKY3NPTm5EeXZpeElSQm5mdmk2V0ctdl9KdGxYdVFpZyws&sign=7b814885b09a6a30eef1cb376dc6eaf1&keyno=IMGS_0&b64e=2&l10n=ru ылылынна.

https://www.instagram.com/p/CKyHZpLM71r/?igshid=aqxp1l2el7mp

37 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

Comments


bottom of page