История кэрэһэлииринэн "Ленинец" хаһыат эйгэтигэр тохсунньу 30 күнүгэр 1964 сыллаахха Чагдаттан төрүттээх, талааннаах биир идэлээхпит, дьарыктаахпыт Григорий Константинович Эверстов-Тыыппалаах аан бастаан үлэлии киирбитиҥ. Эн төрөөбүт оройуоҥҥуттан куорсун анньынан Нам улууһун хаһыатыгар редактор солбуйааччытынан айымньылаахтык үлэлээбитиҥ.
Өр сыллаах таһаарыылаах үлэҕин үрдүктүк сыаналааннар "Саха Республикатын үтүөлээх журналиһа” диэн Сахабыт сиригэр журналистикаҕа саамай кылаан наҕараада анаммытынан истиҥник эҕэрдэлиибит.
"Дабаан" редакциятыгар үлэлии сылдьар биир идэлээхтэриҥ,
Россия суруналыыстарын сойууһун
Кэбээйи улууһун бастакы сүһүөх тэрилтэтэ
25.4.2023 сыл
コメント