Постников, Александр Федорович
Тааттам сайар салгына [хоһооннор, кэпсээннэр] / Сындыыс ; хаартыскалар А. Постников - Дьокуускай : Көмүөл, 2019. - 184 с. - Текст непосредственный.
Төрөөбүт дойду ахтылҕана, таптал кустуга, санаа кулута - Александр Постников - Сындыыс сүрэҕэр тыллыбыт поэзиятыгар, прозатыгар.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
Киэн туттар үөлээннээхпит
1977 - 1978 сс. 9 кылааска Тааттаттан биһигини кытта үөрэнэ кэлбитэ. Олус кыһаллара, наар 4, 5 сыанаҕа үөрэнэрэ. Наһаа сэмэй, көрсүө уол мүчүк гынан күлэ - күлэ сылдьара. Суруйааччы буолуо диэн санаабат да этибит. Кэлин истэн соһуйбуппут. 10 кылааһы бары олус үчүгэйдик үөрэнэн бүтэрэн ким үөрэххэ, ким фермаҕа үлэлии тарҕаспыппыт. Кини тута үөрэнэ барбыта. Ол кэнииттэн өр сылларга сүтэрсэн, билсиспэт да этибит. Хойут, 25 сылбытыгар кэлэ сылдьыбыта. Онно онмнуо суруйааччы аатын ылбыт Сындыыс дэнэн сылдьар кэмэ этэ.
Биһиги өйдүүр киһибититтэн олох атын көрүүлээх - истиилээх буолбут этэ. Хоһооннорун, кэпсээннэрин билиһиннэрбитэ, аахпыта.
Киэн туттар үөлээннээхпит этэҥҥэ сылдьан өссө да айа - тута сылдьаргар баҕарабыт.
Гоголева Евдокия Васильевна,
Танара орто оскуолатын учуутала
1.11.2022 сыл
Кинигэни Сысоева А.И. бэлэхтээбитэ.
Comments