Инники сырдаттылыбытын курдук Мария Афанасьевна Алексеева биһиэхэ ыалдьыттаабыта. Көтөх муҥунан кинигэлэри бэлэхтээн үөртэ, фондабытын хаҥатта. Ааҕааччыларбыт сөбүлүүр автордарын, киэҥ көрүүлээх, билиилээх суруналыыс, суруйааччы Борис Павлов кинигэтин арааһыттан бэлэх уунна. Махтанабыт.
Алексеева - Арылы Дуйдаах, Мария Афанасьева.
Дьол эргиирэ / Мария Алексеева - Арылы Дуйдаах ; [сахалыыттан нууччалыыга тылбаастаатылар : Владимир Андросов уо.д.а.]. - Дьокуускай : Көмүөл, 2019. - 114 с. Текст : непосредственный.
Агенство CIP НБР Саха
Арылы Дуйдаах поэзиятыгар аныгы кэм үөррүтэ - хомолтото, түһүүтэ - тахсыыта дьол (олох) эргиирин иһинэн арыллар. Хоһһон хомуһуннаах иэйиитэ ааҕааччыны соргу тэтимигэр киллэрэр.
Хоһооннору Владимир Андросов, Евгений Каминскай, Семен Феоктистов - Сэргэх Сэмэй, Валентина Комиссарова - Күлүмүрэ тылбаастаатылар.
Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.
В памяти сердца : Николай Эверстов / составитель П.И. Захаров. - Якутск : Көмүөл, 2020. - 114 с.
Агенство CIP НБР Саха
Книга посвящается памяти выдающегося профессионала дела, основателя кардиоанестезиологической, кардиореанимационной службы республики, первого заведующего кардиореанимационным отделением Клинического центра Национального цнтра медицины, известного рок - музыканта и вокалиста Эвестова Николая Николаевича.
Книга рассчитана для широкого круга читателей.
Араҥас сулус : эдэр автордар айымньыларын хомуурунньуга ; [ред. Б.И. Павлов] - Дьокуускай : Көмүөл, 2008. - 128 с.
Агенство CIP НБР Саха
Таатта улууһугар Ытык Күөлгэ “Араҥас сулус” литературнай түмсүү саха бүгүҥҥү литературатын биир дьоһун көстүүтүнэн буолар.
Бүгүн кинилэр үһүс хомуурунньуктарын саха ааҕааччытыгар утары ууналлар.
Сулустан тохтубут хоһооннор / [авт. проекта Б.И. Павлов] - Дьокуускай : Көмүөл, 2011. - 184 с.
Агенство CIP НБР Саха
Кинигэ таһаарааччы Борис Павлов бэйэтин көрүүтүн саха поэзиятын “көҥүл тыыннаах” поэттарын айымньыларыннан оҥорбут хомуурунньугар Алампа, Арбита, Куорсуннаахх, Уххан, Сайа, Мария Алексеева уо.д.а. хоһоонноро киирдилэр.
Павлов, Борис Иванович.
Дьолуо : хоһооннор / Борис Павлов. - Дьокуускай : Көмүөл, 2017. - 84 с.
Агенство CIP НБР Саха
Павлов, Борис Иванович.
Саха сүрэҕэ : [хоһооннор, кэпсээннэр, айаннар] / Борис Павлов. - Дьокуускай : Көмүөл, 2019. - 256 с.
Агенство CIP НБР Саха
Суруналыыс, суруйааччы, айанньыт Борис Павлов суруйуалара уус - уран, хомоҕой тыллаахтарынан эрэ буолбакка, дириҥ толкуйдаахтарынан, олоҕу киэҥник көрүүлээхтэринэн уратылаахтар.
Бу кинигэ - ааптар ааҕааччыларыгар өссө биир бэлэҕэ.
Павлов, Борис Иванович.
90 - с хаҕыс тыаллаах сыллартан / Борис Павлов. - Дьокуускай : Көмүөл, 2020. - 264 с.
Агенство CIP НБР Саха
Биллиилээх суруналыыс, СР үтүөлээх суруналыыһа бэйэтин тохсус кинигэтигэр 90 - с сылларга олох, өй - санаа уларыйыытын туһунан суруйар, санаатын үллэстэр.
Кинигэ ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар.
Павлов, Борис Иванович.
Кэмҥин түһэн биэримэ : [сэһэн, кэпсээн, пьеса] / Борис Павлов. - Дьокуускай : Көмүөл, 2022. - 208 с.
Агенство CIP НБР Саха
Суруналыыс, суруйааччы, кинигэ таһаарааччы Б.И. Павлов 1996 сыллаахха “Бэйэм кэммэр командировка” диэн кинигэтин таһаарыаҕыттан ааҕааччы биһирэбилин ылбыта. Ааптар саҥа кинигэтигэр бэйэтин көлүөнэитин олоҕун уус - ураннык кэпсиир.
Comentarios