Бүгүн П.Ойуунускай аатынан литературнай музейга ытыктыыр учууталбыт, суруйааччы, поэт, драматург И.Н.Левин саңа кинигэтин сүрэхтэниитигэр Чурапчы библиотекардарын щделегациятыгар киирэн С.Е. Протодьяконова, үөлээннээзэ учуутал П.Е.Сокольникова, үөрэнээччитэ Е. И.Попова уонна биир дойдулаахпыт мелодист, ырыаһыт К.Мохначевскай буолан кыттыыны ыллыбыт. Иннокентий Левин туһунан Кэбээйилэр тэрийбит тэрээһиннэрин үрдүктүк сыаналаатыбыт, элбэх ахтыыны иһиттибит, үгүс саңаны биллибит. Хоһоонноро ырыа бөзө буолан тахсыбыттар. Тэрээһиңңэ Кэбээйи улууһун баһылыга И.И.Левин, саха суруйааччылара Н.Лугинов, С.Тумат, мелодист Луңха Өлөксөйө кыттыыны ыллылар. Кыргыттара Татьяна, Туйаара дьиэ кэргэнинээн тэрийистилэр. Бу дьоро күнү иилээн-сазалаан Кэбээйи улууһун Мукучу модельнай библиотеката, литературнай музей ыыттылар. Кэбээйи улууһун дьаһалтата үбүлээбит. Кэбээйи уонна Алазар нэһилиэгэ ыкса дозордоһуулара 2010 сыллаахха Н.В. Максимов сазаттан сазаламмыта, ону Нь.П.Попов салзаан хардарыта билсэ-көрсө олорбуппут диэн хаста да тоһозолоон бэлиэтээтилэр уонна эзэрдэлэрин ыыттылар. Саңа баһылык бу дьыаланы салзыырыгар бэлэмнэрин тиэртилэр. Нэһилиэк библиотекатыгар кинигэлэри бэлэх ууннулар. Иннокентий Левин бэчээккэ тахса илик айымньылара өссө да бааллар эбит. Онон эмиэ саңа кинигэ хаһан эмэ тахсарын күүтэбит. К.Мохначевскай “Дьүрүһүй, хомуһум”, “Эйиэхэ”, “Дөлүһүөн сибэкки”, “Айхал эйиэхэ, Ветеран киһиэхэ”, о.д.а ырыалара И.Левин тылларыгар суруллубуттар. Ф.Гоголев ырыалардаах. Онон, республика таһымнаах киэң толкуйдаах, дириң ис хоһоонноох тэрээһиңңэ Чыаппара аата истиңник ахтыллыбытыттан, биһиги, сылдьыбыт дьон олус астынныбыт👏
С.Протодьяконова, Е.Попова.
Литературнай музей матырыйааллара
Кэбээйитээҕи кинигэ сүрэхтэниитин хаартыскаларын сигэтэ
Comments