Кэбээйи улууhун Куокуй нэhилиэгэр 1948 сыл олунньу ый 16 күнүгэр Yс Тамах диэн айылҕа биир кэрэ маанылаах сиригэр күн сирин көрбүтэ.
Куокуй начаалынай, Кэбээйи орто оскуолаларыгар үөрэммитэ. Армияҕа 1969 – 1971 сс. Читинскэй уобаласка сулууспалаабыта. Училищаларга үөрэнэн тракторист - машинист (Кэбээйи сэлиэнньэтигэр), сир оңоhуутун уонна уу хаhаайыстыбатын механизатора (бульдозерист – скреперист, Хотугу Осетия Моздок куората), повар (Чита куорат), онтон да атын идэлэри баhылаан араас улэҕэ сылдьыбыта, кэлин пенсияҕа тахсыар диэри нэhилиэгэр электростанцияҕа дизелистээбитэ.
Элбэх оҕолоох улахан дьиэ - кэргэн аҕа баhылыга буолан үлэлээн - хамсаан, бултаан - алтаан дьиэ кэргэн дьонун иитээри күнүстэри - түүннэри үлэ үөhүгэр сылдьар.
Геннадий Васильевиhы кулууп сценатыттан түспэтэх киhи диэххэ сѳп, кини ыллаабатах-туойбатах концертара бука а5ыйах буолуо. Оройуоннааҕы, зональнай, республиканскай көрүүлэр фестивалларын хас да төгүллээх дипломана, лауреата.
Айар үлэ бэйэтэ туспа дьайар күүстээх, сабыдыаллаах. Бииргэ төрөөбүт быраата, музыка дьиктилээх алыбар ылларбыт олохтоох мелодист Павел Иванов убайын хоhоонноругар мелодия суруйбута. Кинилэр төрөөбүт ийэ дойдуларын кэрэ айылҕатын, үтүөкэннээх дьонун - сэргэтин туhунан сүргэлэрэ көтөҕүллэн туран ыллыыллар - туойаллар, суруйаллар - айаллар.
Геннадий Васильевич көрөөччүгэ таhаарбыт « Дорообо, саңа күн! » диэн хоhооно (1973с.) ырыаҕа хоhуллан, киэң аартыкка тахсан, республикаҕа тиийэ биллэр. Бу хоhооңңо быраата Павел Иванов 1975 с. мелодия суруйбута, онтон 1995 с. саха биллиилээх композитора Захар Константинович Степанов симфоническай оркестрга анаан музыка суруйбута. Аны, 2001сыл талааннаах мелодист Иван Иванов ̶ Иван Чагда эмиэ бу хоhооңңо мелодия суруйбута. Биир хоhооҥҥо үс тус-туhунан мелодия суруллара сэдэх түбэлтэ буолар. Итини сэргэ Павел Иванов «Ахтабын ол ааспыт дьыллары…», «Уhуктуу»; уола Гена Иванов «Оҕо сааспар тѳннѳбүн», «Учууталбар»; Алексей Калининскай – Луңха Ɵлɵксɵй «Атаараҕын бүгүн, Эн»; Петр Азаров «Күѳрэгэй», «Ньургуhун» диэн хоhоонноругар мелодия айаннар ырыа гынан көтүттүлэр.
Маны сэргэ 80 - с сыллартан саҕалаан топонимиканан дьарыктанан « Алаас аатынан, дойду сураҕынан » кинигэ ( Дьокуускай: Кѳмүѳл, 2009 с. ) биир автора буолар. Бу үлэтин республикаҕа киэңник биллэр топонимист Иванов Михаил Спиридонович – Багдарыын Сүлбэ үрдүктүк сыаналаабыта. Кини Куокуй нэhилиэгин «Куокуй» ( Дьокуускай: "Бичик", 2007 с.) уонна улуус историятын кɵрдɵрɵр «Кобяйский улус (район) РС(Я)» ( Дьокуускай, "Бичик", 2007 с.) кинигэлэргэ сир – уот ааттарыгар быhаарыылара киирбитэ. Геннадий Васильевич 2011 сыл « Дорообо, саңа күн! » диэн хоhооннорун хомуурунньуга « Дабаан » хаhыат редакциятыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. 2012 сыл Куокуй нэhилиэгин тѳрүччүтэ суруллан тахсыбыт кинигэҕэ (салайааччы С.П. Павлов) хомуйбут матырыйааллара киирбитэ. Кэлиңңи кэмңэ «Кийииттэр уонна күтүѳттэр» диэн кинигэ тахсыытыгар матырыйаал хомуйуутугар үлэлэhэ сылдьар. Геннадий Васильевич ѳссѳ да суруйа - айа сылдьар.
Нэhилиэк уонна оскуола олоҕор активнайдык кыттар, нэhилиэк сэбиэтин депутата, кырдьаҕастар сэбиэттэрин чилиэнэ. Иллэң кэмигэр сиргэ - уокка сылдьарын, бултуурун - алтыырын, балыктыырын сөбүлүүр. Айылҕа кэрэ кɵстүүлэрин, дьонун - сэргэтин хаартыскаҕа түhэриинэн утумнаахтык дьарыктанар.
Аҕыс оҕо, сэттэ сиэн киэн туттар, холобур оңостор, тапталлаах амарах аҕата, элэккэй эhэтэ, нэhилиэгин дьоно – сэргэтэ биир убаастыыр - ытыктыыр киhилэрэ буолар.
Геннадий Васильевич Иванов «За вклад в развитие народного художественного творчества РС(Я)» (2011 с.), «За заслуги перед Кобяйским улусом» ( 2012 с.) – диэн республика уонна тѳрѳѳбүт улууhун анал бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта. 2013 сыл «Кэбээйи улууhун бочуоттаах гражданина» - аат иңэрилиннэ.
Нина Егоровна Олесова,
« Угуйаан » Культура уонна сынньалаң дьиэтин директора.
1974
2014
Матырыйааллары Куокуй модельнай библиотеката ыытта.
13.3.2023 сыл
Комментарии