Алтынньы 29 күнэ - комсомол төрөөбүт күнэ. Бүтүн Союзтааҕы ыччат тэрилтэтин оскуолатыгар буспут - хаппыт, уһаарыллыбыт киһибитинэн буолар биһиги талааннаах биир дойдулаахпыт Иван Иннокентьевич Егоров - Танаринскай. “Эдэр коммунист” диэн хаһыат салаатын сэбиэдиссэйинэн, онтон эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ. Идеологияны сырдатыыга, тарҕатыыга, тиэрдиигэ, ыыччаты иитиигэ эппиэтинэстээхтик, хорутуулаахтык үлэлээбитэ. Ол туоһутунан хаһыат саһарбыт лиистэрэ, дьон үтүө ахтыыта буолаллар.
Биир дойдулаахпыт айымньылаах үлэтэ биир кинигэҕэ барыта түмүллэн, таҥыллан таҕыста. Ол курдук оҕолорго анаммыт айымньылара, пьесалара, очеркалара, кэпсээннэрэ, хоһоонноро, кини туһунан ахтыылар суруллубуттар.
Кинигэ тахсыыта иитиигэ, үөрэтиигэ улахан суолталааҕын бэлиэтээн тураммыт хомуйан оҥорбут оскуола библиотекарын Ксенья Егоровнаны, эппиэтинэстээхтик үлэлээбит И. Е. Левин аатынан Танара орто оскуолатын учууталларын уонна сыраларын ууран үлэлээбит дьоннору барыгытын истиҥник эҕэрдэлиибит.
Баҕарабыт уһун дьоллоох олоҕу, айымньылаах үлэни.
Мукучу модельнай библиотекатын, ИТ киин Мукучу коллектива
Алтынньы 29 күнэ, 2022 сыл
Мукучу
Хартыына автора - ааҕааччыбыт Варвара Софронова.
(кинигэ хаҕын ис хоһоонунан сирдэтэн оҥордо)
Comments