Дьоруой төрөөбүт өтөҕөр Чолбоохойго
Герой Н.С.Степановка.
Арыылаах алаастаах, Чолбоохой эбэлээх, Хампа күөх кырыстаах Өргүөтуҥ сиригэр Күн сирин көрбүтүҥ Ньукулай барахсан!
Үөрэҕи- сырдыны батыһа Үрдүккэ тардыһар ыралаах, Үлэҕэ-түбүккэ эриллэн Эдэр төлөн сүрэхтээх, Эр бэрдэ, уол оҕо Улаата сиппитиҥ.
Өстөөҕү утары көрсүһэн Имири эһэрдии кыргыһар, Эн бэйэҥ эдэркээн олоххун Толук да биэрэртэн чаҕыйбат, Кэннинэн кэхтибэт санаалаах Уот - кутаа сэриигэ Аттанан барбытыҥ.
Саха саллаат буойуна, Алаас сэмэй оҕото Улуу өрүстэри туораан, Хайалары уҥуордаан Киэҥ сири тэлэҥҥин, Кыргыһыы өргүөстээх силлиэтин, Суостаах сибиниэс ардаҕын Ортотунан ааспытыҥ Эккинэн-хааҥҥынан билбитиҥ.
Сытыы мындыр өйгүнэн, Хотой хорсун сүрэххинэн Эрдээхтик охсуһан, Өстөөххүн кыргаҥҥын Дьоруойга үүммүтүҥ, Хойутаан да буоллар, Дьоруойуҥ Сулуһун Илиигэр туппутуҥ, Түөскэр эн кэппитиҥ!
Дьон-аймах умнубат Кыайыыны аҕалбыт саллааты, Киэн тутта ааттыыр Саха чулуу уолун - Ньукулай Саабыһы!
Алексеева Г А. - Сайылык Кыыһа. 17.2 - 2022 с.
Талааннаах биир дойдулаахпытын Галина Алексеевнаны эҕэрдэлиибит.
Хаалыктаах хаамыы. "Чэбдигирии" түмсүү
Дьоруой скверигэр
Автор ыыппыт хаартыскалара
Comments