Мукучу нэһилиэгэр олунньу 4 күнүгэр «Дайан» культура киинигэр А. Д. Макарова аатынан Дьокуускайдааҕы культура уонна искусство колледжын үһүс куурсун студенката Саввина Раиса Дмитриевна практикатын кэмигэр, баҕалаахтарга хомус дьүрүскэн эйгэтигэр кыһамньылаахтык үөрэттэ, бэйэтин билиитин, көрүүтүн итэҕэтиилээхтик тириэртэ.
"Айыыһыты атаарыы "сиэрин туомун ыытыы диэн тэттик сценканы, олоҥхоттон быһа тардыылары Раиса Дмитриевна, «Дэриэбинэчээн» режиссерын Иванова Саргылана Егоровналыын сүбэлэһэн сатабыллаахтык туруордулар.
Айыыһыты атаарыы сиэригэр-туомугар оонньоон кытыннылар: Оҕо көтөҕөөччү эмээхсин - Валентина Кондакова, төрөөбүт дьахтар-Александра Кычкина. Кэтириис-Саввина Рая, Алааппыйа-Сахая Белолюбская, Даайыс-Сибиэтэ, Күбэйэ-Настя, Чөмчүүнэ- Рада.
Антонина Каримова туойда. «Ньургун Боотур» олоҥхотуттан көрдөрүүгэ кытыннылар: Ньургун Боотур-Марк Егоров, Туйаарыма Куо-Раиса Саввина, Симэхсин эмээхсин-Ульяна Гаврильева. Абааһы кыыһа-Саргылана Афанасьева, Абааһы уола- Сергей Гаврильев. Айыы умсуур удаҕан-Саргылана Иванова, Сорук Боллур-Сахая Белолюбская.
Олоҥхо дириҥ киэҥ олоҕуттан көрдөрүү сонун көстүү буолла. "Талбаана" хомусчуттар түмсүүтэ, культура киинин үлэһиттэрэ хомус дьикти дьүрүскэн тыаһын, дьүрүһүтэ тартылар. Чыыбы-чаабы чабырҕаҕынан Рая Саввина, Каролина Кудрина сэргэхситтилэр. Сахая Белолюбская кэрэ куолаһынан ыллаан эҕэрдэлээтэ.
Бүтүүтүгэр сахалыы сиэринэн алаадьынан, үөлүллүбүт балыгынан кэлбит дьону күндүлээһин буолла. Раиса Саввина дьиҥ сахалыы үтүө киэһэни бэлэхтээтэ.
Мукучу нэһилиэгин олохтоохторо эдэр кыыска истиҥ тылларынан алҕаан, үөрэҕэр, айар үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Айтыына.
6.2.2023 сыл
Хаартыскалар, видео “Дайан” СК фондатыттан ылылыннылар.
Comments