top of page
mukuchubook

«Бэйэтин кэмин Геройа”

Күн - дьыл, хонук аастаҕын аайы документальнай матырыйааллар, киинэлэр күндүтүйэн иһэллэр, ааҕааччылар интэриэстэрин тардаллар. Мукучу гимназиятын көрөөччүлэрин бөлөҕө санаатын үллэстибитин билиһиннэрэбин.




«Бэйэтин кэмин Геройа”


Саввинова Елена Львовна, МГ история, обществознание учуутала: «Бүгүн, алтынньы 3 күнүгэр Мукучу модельнай библиотекатыгар С. Г. Жирков туһунан устуулары көрдүбүт. Дьылҕа хаан ыйааҕынан тулаайах хаалан хаалбыт уолчаан олох араас эриирин тулуйан, буһан - хатан бар дьонун ааттатан биллиилээх агроном буолбут. Таатта оройуонугар П. Алексеев аатынан совхозка олус элбэх үлэни ыытан, маардары, кута сирдэри оһордон суол - иис таһаарбыт, бааһыналары оҥорбут. Бу дьиҥ Патриот, дойдутун - дьонун туһугар туох баар күүһүн ууран туран үлэлээбит киһи! Кини туһунан кэнчээри ыччат хайаан да билиэхтээх, киэн туттуохтаах!”

А. П.: “С. Г. Жирков улуу үлэһит киһи, кини Сахабыт сиригэр элбэх үчүгэй туһалааҕы оҥорбут. Дьон үлэтин чэпчэтэн арааһы оҥорбут. Уһун үйэлээх киһи”.

А.А.: “Семен Гаврильевич 1922 сыллаахха Кэбээйи улууһугар төрөөн баран тулаайах хаалбыт, онтон сылтаан тостон хаалбатах, элбэх үтүө дьону көрсөн, кырдьыар диэри дылы Саха сиригэр көмөлөспүт. Мукучуга итинник талааннаах киһи төрөөбүтүнэн киэн туттабын. 90 сааһын ааһыар дылы олорбут. Саха сирин патриота буолар”.

А.А.: “Жирков С. Г. улуу киһи, уһун олохтоох эбит, кини Герой, итинник үлэһит киһи биирдэ эмит баар буолар, төрүүр, ити сэдэх көстүү. Патриот. Биһиги биир дойдулаахпытын ис сүрэхпититтэн убаастыыбыт”.

К. С.: “Мин санаабар, Семен Гаврильевич талааннаах, сүдү үлэһит киһи. Саха сиригэр олус элбэх көмөнү киллэрбит. Бириэмэттэн бириэмэтигэр саҥа сүүрээннэри киллэртээбит, эксперименнэри оҥортообут. Кэбээйи, Таатта улуустарын Ытык Киһитэ буолар. Мукучуга төрөөбүтүнэн олус киэн туттабын”.

Г.Г.: “Жирков С. Г. туһунан үчүгэй киинэни көрдүбүт. Кини олоҕун, дьыалатын билэн киһи убаастыыр киһитэ буолар. Ол иһин кини үбүлүөйэ биһиэхэ уонна барыбытыгар улахан суолталаах. Кининэн киэн туттабын, мэтээллэрэ, сертификаттара элбэҕэ сөхтөрөр. Мин эмиэ кырдьарбар итинник элбэх үтүө дьыаланы оҥорон мэтээллэрдээх уонна куруук холобур ылар киһилэрэ буолуохпун баҕарабын”.

П.А.: “С. Г. Жирков олох уһун уонна үчүгэй олоҕу олорбут. Мин санаабар, кини олус биллиилээх уонна убаастанар киһи, тоҕо диэтэххэ талааннаах агроном буолар”.

В. А.: “Семен Гаврильевич олоҕо үчүгэй уонна олус интэриэһинэй. Кини олоҕун улахан аҥара тыа сирин дьонугар чугаһа үөрдэр. Кини бэйэтэ мин дойдубуттан Мукучубуттан төрүттээҕэ наһаа үчүгэй. Былыргы бириэмэҕэ төрөөбүт буолан олоҕор син биир ыарахаттары көрсүбүт, ону мин үчүгэйдик өйдүүбүн. Олус убаастыы - хайҕыы көрөбүн. Кини элбэх дьоҥҥо, ордук ыччакка үтүө холобур буолар, элбэҕи үөрэниэххэ, арааһы билиэххэ сөп. Кини Патриот олоҕунан олорбут”.

П. Б.: “Жирков С. Г. олоҕун, үлэтин туһунан киинэ көрдүбүт, сөбүлээтим. Улаханнык убаастанар киһи буолар. Семен Гаврильевич өр сылларга ханна да хамсаабакка биир сиргэ Тааттаҕа Петр Алексеев аатынан совхозка тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктаммыт. Дьаныардаах үлэһит, бөдөҥ талааннаах салайааччы, үтүөкэннээх киһи туһунан өйдөбүл Саха сирин хас биирдии тыа олохтоохторун өйүгэр - санаатыгар иҥэн хаалыа диэн бигэ эрэллээхпин”.

В. С.: “Жирков С. Г. олоҕун туһунан киинэ көрөн баран киһи дьиктиргиир. Убаастанар биир дойдулаахпыт билиҥҥи үйэ дьонугар улахан холобур буолар диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ кини оҕо сааһыгар ыарахан дьылҕаҕа түбэспит, онтон улаатан баран сүдү үлэни ыытан бааһынай хаһаайыстыбаны өрө көтөҕөн, дьон олоҕун чэпчэппит дьиҥнээх улуу киһинэн буолар. Улахан суолталаах үлэни ыыппыт, үтүө быһыылаах - майгылаах киһи буолар”.

Г. С.: “Жирков С.Г. олус үчүгэй киһи. Бэйэтин дойдутун наһаа убаастыыр, харыстыыр, саныыр. Кинини элбэх дьон убаастыыр. Киинэ интэриэһинэй. Бары саныы, убаастыы сылдьыахха”.

Ф. А.: “Жирков С. Г. биһиги Мукучубутугар төрөөбүт талааннаах биир дойдулаахпыт буолар. Мукучу киэн туттар киһитэ буолар. Кини бииргэ төрөөбүттэр сэттэлэр, соҕотох тулаайах хаалан хаалбыт, сүдү үлэһит буола үүммүт”

Егорова Людмила Иосифовна, МГ библиотекара: “С. Г. Жирков туһунан киинэни, НВК көстүбүт биэриини көрөн баран олус астынным. Чахчы Семен Гаврильевич баай ис хоһоонноох олоҕун көрдөрөр архыып матырыйааллара туһаныллыбыттар. Биһиги биир дойдулаахпыт Таатта сиригэр тиийэн хайдах курдук тыа сирин оҥорон таһаарыылаахтык, сатабыллаахтык үлэлээбитий, табыгастаах усулуобуйаны тэрийбитий! Илии ыарахан үлэтин чэпчэтэр механизация киллэрбитин киһи сөҕөр эрэ. Чахчы даҕаны бэйэтин кэмин Геройа буолар. Саха сиригэр бэриниилээх салайааччы диэммин олус киэн туттабын”.





82 просмотра0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page