фотографию предоставил Павлуцкий А.М.
Кулун тутар 1 күнүгэр библиотека үлэтин туһунан улуустааҕы семинар суол суоҕунан сибээстээн онлайн форматынан ыытылынна. Директор Ионова А. Г. киирии тылы эттэ, 2022 сыл түмүгүнэн үчүгэй көрдөрүүлээх, үлэлээх библиотекаларга: 1000 - тан үөһээ нэһилиэнньэлээх библиотекаларга Мукучуга, 500 тахса нэһилиэнньэлээхтэргэ Куокуйга, кыра нэһилиэнньэлээхтэргэ 1 Лүүчүҥҥэ 1 миэстэлээхтэргэ Бочуотунай грамоталары уонна өҥнөөх принтердары анаата.
Методист Иванова Е. М. 2022 сыллаах библиотека үлэтин анализтаата. Комплектование салаатын сэбиэдиссэйэ Петухова Х. Г. сыллааҕы отчет түмүгүнэн докуменнар фондаларын учеттаһыыҥҥа баар проблемалары быһаарда. Культура салалтатын специалиһа Спиридинова А. Д. социальнай проект оҥорорго сүбэ биэрдэ. Программист Павлуцскай А.М. цифровой эйгэҕэ практикум - тренинг оҥордо.
Салҕыы аһаҕас микрофоҥҥа семинар кыттааччылара араас этиилэри киллэрдилэр, баар проблемалары этиннилэр, ону быһаарар суолу тобулуу, сүбэлэһии буолла.
Им И.Н.,
Мукучу библиотекатын сэбиэдиссэйэ.
1.3.2023 сыл
Comments