top of page
mukuchubook

Арсеньев Владимир Клавдиевич




Биллиилээх географ, суруйааччы, этнограф, чинчийээччи, байыаннай, географическай общества чилиэнэ Владимир Клавдиевич Арсеньев (1872-1930) быйыл 150 сылын туолбутун бэлиэтиибит.

"Дерсу Узала" диэн аатырбыт романнаах. Уссурийскай кыраай ураты олоҕун итэҕэтиилээхтик арыйбыт. Сирдьит Дерсу Узала мындыра, сатабыллааҕа көстөр. Киэҥ тайҕаҕа хас биирдии хардыыгыттан олоҕун тутулуктааҕын, кыыллары олоҕу салҕыыр туһуттан бултуулларын, киһи киһиэхэ көмөтүн туһунан суруйбут. Ааҕааччыны кэрэ айылҕаны, норуот үгэстэрин кытта билиһиннэрэр.

Владимир Арсеньев бу айымньыта “РФ историятын, культуратын уонна литературатын 100 бастыҥ айымньытын» иһигэр киирэн орто, үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ ааҕалларыгар туһуланар.

Суруйааччыны, кини айымньытын сырдатыы лекториумҥа буолла.


Ия Николаевна ИМ,

сэбиэдиссэй, суруналыыс.

29.11.2022 сыл

Хаартыска библиотека фондатыттан ылылынна.

13 просмотров0 комментариев

Недавние посты

Смотреть все

ДШИ

проект

Comments


bottom of page