Оҕо дьоҕурун сайыннарар тэрилтэ "Дьулуур" сайыҥҥы лааҕыр үлэтин номнуо саҕалаата. Салайааччы - опыттаах, өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлиир Саввинова М. И. уонна иитээччи - айымньылаахтык үлэлиир эбии үөрэхтээһин педагога Софронова В. А.
Пушкин күнүн бэлиэтээтибит. Оҕо сааһын уонна интэриэһинэй түгэннэрин туһунан бэрт сэргээн иһиттилэр. “Няня” хоһоону дорҕоонноохтук ааҕыы буолла. Кинигэлэрин, араас жанрдаах кинигэлэрин билистилэр.
Саша Пушкин ааҕарын олус сөбүлүүрэ. Мукучубут оҕолоро ааҕарга дьулуһаллара уонна “Ааҕар киһи билиилээх, үөрэхтээх, сайдыылаах буолар”, - диэн өйдөбүллээхтэрэ үөрдэр.
Им И.Н.,
Мукучу модельнай библиотекатын
сэбиэдиссэйэ, суруналыыс
7.6.2023 сыл
Comentários