Тупсаҕай көстүүлээх кинигэттэн маҥан сахалыы ырбаахылаах, бастыҥалаах, илин кэбиһэрдээх Далбар Хотун уҥа илиитигэр чороону, хаҥаһыгар үрүҥ дэйбиири тутан, аар айылҕатын арчылаан уһуну-киэҥи анаара турарга дылы. Бу – олохтоох ааптар, "Талбаана", "Кырдал" түмсүүлэр чилиэннэрэ, алгысчыт Валентина Кондакова-Айтыына “Олоҕум кэрдиис кэмнэрэ” диэн бастакы кинигэтэ. Аан тылы СӨ култууратын туйгуна, Мукучу нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ, суруналыыс Ия Николаевна Им суруйбут. Хомуурунньук Ю.А.Гагарин аатынан Саха Өрөспүүбүлүкэтин типографиятыгар 50 ахсаанынан 2023 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыт.
Аата да этэрин курдук, кинигэ ааптар олоҕун кыһыл оҕо эрдэҕиттэн саҕалаан саас-сааһынан наардаан сырдатар. “Окко түспүт оҥоһуум”, “Маарымчыга”, “Оскуолаҕа барыы”, “Оскуолатааҕы сылларым”, “Дьылҕам түстэммит аата” диэн ахтыылары ааҕан Валентина Ивановнаны бэйэбэр саҥалыы арыйдым, олоҕун бэлиэ кэрчигиттэн билбэтэхпин биллим. Ааптар: “Ити курдук баччаҕа тиийиэх дьолбор уу да, уот да ылбатах эбит диэн, үрдүк Айыыларым көмүскээбиттэр диэн сүгүрүйэн, махтанабын Айыыларбар,”- диэн арчылаабыт аар айылҕатыгар, үрдүк күүстэргэ махтал тылын тиэрдэр. Төрөппүт ийэ, аҕа тустарынан олус истиҥ-иһирэх ахтыылары ааҕаммын оҕо сааспын санаан кэлэбин. “Ассорти” хомпуот минньигэс амтанын сэбиэскэй кэм оҕолоро бары кэриэтэ өйдүүллэрэ буолуо. Оттон чээлэй күөх айылҕабыт кэрэтэ, өрүспүт, күөлбүт уулара ырааһа, күммүт уота күлэ-үөрэ, мичилийэ тыгара, халлааммыт чаҕылхай сырдыга – үчүгэй да этэ! Айтыына айылҕаны маннык ойуулуур: “Сарсыарда күн ойуур быыһынан оонньоһордуу сандаара тыгара, ойуур иһигэр чыычаахтар ыллыыллара, кыра халлаан күөҕэ өҥнөөх үрүмэччилэр көтөллөрө, тииҥнэр тииттэн тииккэ ыстаҥалаһаллара, олору көрө-көрө дьиэбэр тиийбитим.” (11с.) Чахчыта, кыра оҕону чуҥкутуо суох хартыына, бэйэтэ туһунан остуоруйа дойдута буоллаҕа төрөөбүт сирбит барахсан! Ааптар Маарымчыга олорбуттарын туһунан суруйбута биир туспа кэпсээн, ааҕааччыны абылыыр түгэнэ элбэх. (8-9с.) Холобур: “Араас элбэх сир астаах дойду этэ, сугун бөҕө үүнэрэ, ону куйаабылынан охсон тымтайга сугуннууллара. Дьонум сүөһү ииттэллэрэ, илиинэн оттууллара. Мин кыра буоламмын, субуллубут окко сытан дьоммун кэтиирим. От минньигэс сыта тунуйан, ону кытта күн уота сылытан утуйан хааларым.” Маны сэргэ, “күөлтэн балыктаан, хара тыаттан бултаан олорбуттара” диэн саха ыалын дьарыгын биир уратытын арыйан көрдөрөр.
“Оскуолатааҕы сылларым” диэн ахтыыны аахтаххына, ол кэмнээҕи Танара орто оскуолатын олоҕо күөстүү оргуйан олорор. Валентина Терешкова аатынан пионерскай дружина, герой пионер Валя Котик аатынан этэрээт үлэтэ-хамнаһа, юннаттар куруһуоктара, “Тыыннаах муннук”, Ленин төрөөбүт күнүгэр субуотунньук, ыам ыйын 1 күнүгэр парад, Пионерия күнэ, “Зарница” оонньуу, сайын хаппыыстаны үүннэрэр лааҕыр үлэтэ о.д.а. – олус интэриэһинэй, оҕону киэҥник хабан сайыннарар алыптаах эйгэ. Хараххар оҕо аймах тапталлаах учуутала, үтүөкэн киһи Рожин Виктор Иванович мөссүөнэ тиллэн кэлэр.
Оттон ааптар Валентина уонна Полина диэн икки ааттана сылдьыбыта туһунан устуоруйалаах эбит. Эмиэ биир дьикти түгэни ааҕан сонньуйаҕын эрэ. Ити курдук Айтыына оскуоланы бүтэрэн олох киэҥ аартыгар үктэммит кэмин, ыал буолбутун, бухгалтер идэтигэр үөрэммитин, “Мукучу” сопхуоска, онтон Танара орто оскуолатыгар үлэлээбитин судургу, тиийимтиэ тылынан сэһэргиир. “Европа устун айан”, “Олоҕум аргыһа – тапталлаах доҕорум”, “Сөбүлээн сылдьар түмсүүлэрим”, “Үүнээйи биир сөбүлүүр дьарыгым” диэн бэрт сэргэх ахтыылартан Айтыына олоххо таптала, үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыыта күүстээҕэ көстөр.
Валентина Кондакова-Айтыына айар үлэтин сэгэтэн көрдөххө, кустук араас өҥүнэн толбоннура оонньуур. Ол курдук, ааптар уус-уран литература араас жанрыгар (ахтыы, кэпсээн, хоһоон) холонон көрөрүн сэргээтим. Айтыына оҕолорго аналлаах “Киса”, “Бэлэх”, “Кини уонна уот”, “Тостубут яблоня” диэн кэпсээннэрэ өйдөнүмтүө, лоп-бааччы тылынан суруллубут буоланнар оҕо аймах сөбүлээн ааҕыа дии саныыбын. Ааптар айымньылара хамсыыр харамайга, дьиэ кыылыгар, окко-маска харысхаллаахтык сыһыаннаһарга, тыынар тыыннааҕы аһынарга-харыһыйарга, уоттан сэрэхтээх буоларга иитэр-үөрэтэр тосхоллоохтор. Оттон көрдөөх-күлүүлээх кэпсээннэрэ: “Тойон ыҥырыа”, “Оҕолор саҥалара”, “Крапива туһунан”, “Кулуупка” уо.д.а. киһи сүрэҕин сымнаталлар, санаатын көнньүөрдэллэр. Ааҕа олорон саҥа таһааран күлэн, ис-искиттэн сырдаан кэлэҕин. Маны этэн эрдэхтэрэ көр-күлүү (юмор) дьайар күүһэ диэн. Ол эрээри ааптар кэпсээннэр тылларын сорох сиргэ өссө кылгатан, нарылаан биэрэрэ буоллар диэн көрдүм. Бэлиэтээн эттэххэ, прозаик Николай Габышев саха литературатыгар кыра кээмэйдээх, ытыс саҕа көрдөөх кэпсээн маастарын быһыытынан биллэр. Оттон Айтыына маннык сэдэх жанрга холоммута – сонун, кэрэхсэбиллээх.
Салгыы “Хоһооннор” түһүмэҕи арыйбыппар, санаабар, хомуурунньуктан сайыҥҥы намыын киэһэлии сылаас салгын илгийэргэ, үөһэттэн сып-сырдык күн утаҕа кутуллан киирэргэ дылы буолар. Саха дьахтарын сайаҕас саҥата иһиллэр, кырыымпа кылыҥкай ойор, хомус дьүрүһүйэр, ырыа дуорайар... Ол курдук, түһүмэх төрөөбүт дойдуга муҥутуур тапталы, киэн туттууну арыйан көрдөрөр “Мин дьолум уйата – Мукучу”, “Ырыа – олох ыллыга” диэн Роман Степанов матыыбыгар айыллыбыт ырыа буолбут хоһооннорунан саҕаланар.
Кэбээйим кэрэ да сиригэр,
Унаардаах эбэкэм күөнүгэр
Кэскиллээх Мукучу киэркэйэр,
Сайылык өтөҕүн киэргэтэр.
Эрэлбит эстибэт анала –
Мин дьолум уйата – Мукучу
Маны сэргэ, Петр Азаров матыыбыгар “Оҕо сааһым оскуолата” диэн ырыа, “Дойдуга ахтылҕан”, “Мин түөлбэм”, “Дойдубар Лүүчүҥҥэ”, “Көрүстэ ахтыбыт мин дойдум”, “Үчүгэйиэн дойдубут” хоһооннорго төрөөбүт төрүт сир, оҕо саас ахтылҕана, дойдуга таптал иһирэхтик хоһуйуллар.
Хомуурунньукка күн күбэй ийэҕэ, төрөппүт аҕаҕа, дьиэ кэргэҥҥэ таптал, айылҕа туһунан хоһооннор биир сүрүн миэстэни ылаллар. Ылан көрүөҕүҥ, анабыл хоһооннору: “Күндүкэй ийэбин ахтабын”, “Эбээм күндү киһим”, “Махтанабын ийэбэр, аҕабар”, “Ийэ барахсан”, “Күндү ийэбэр махтал”, “Мин аҕам”, “Аҕа мичээрэ”, “Ийэ сүрэҕэ”, “Доҕорбор”, “Сиэннэрим”, “Сүрэҕим сорҕото” о.д.а..
Айымньы иэйээччитигэр дьоллоох оҕо сааһа ийэ, аҕа тапталынан угуттанан, үйэ саас тухары умнуллубат өйдөбүл буолар, олоҕун устата иннин диэки дьулуһарга иитэр-такайар. Кырдьыга, хайаан умнуохпутуй, “оһох уота үөрэн таһыргыырын, алаадьы сыта дыргыйарын.” Бу – үгүс көлүөнэ ыччат киирбэт күннээх оҕо сааһын арыалдьыттара. Ааптар төрөппүттэрин чорботон улахан буукубаттан суруйара тоҕоостоох:
Күн сирин кэрэтин көрдөрбүт,
Бүөбэйдээн, олоххо атаарбыт,
Сүрэхпэр чугастык санаабыт
Мин күндү дьоннорум Ийэм, Аҕам.
(“Махтанабын ийэбэр, аҕабар”)
Айтыына аҕата “сылгыларын кэрийэн, ахсым атын кытары алаастарга тиийэрин”, “тиритэ-хорута үлэлээн, отун бүтэрбит үөрүүтүн”, “бултуур күүһүн, абылаҥын”, “олох суолугар ыйан, үлэҕэ үөрэппит күннэрин” өрүүтүн өйдөөн, ахта-саныы сылдьарын туһунан суруйар. Холобур, “Мин аҕам”:
Олус суохтуур эбиппин
Аҕам үөрбүт дьүһүнүн,
Аламаҕай бэйэтин,
Истиҥ, сылаас сыһыанын.
Күҥҥэ көрбүт күндүттэн күндү киһибит – ийэ. Ийэ илгэлээх эмиийин үүтүн иһэн киһи-хара буолан, сүрэҕин тэбиитигэр бигэнэн, илиитин сылааһыгар угуттанан бэйэҥ эмиэ ийэ буоларыҥ – улуу дьол. Күн күбэй ийэ барахсан оҕотугар күүстээх тапталын, кыһамньытын ааптар маннык хоһуйар:
Хараҕыҥ харатыныы
Харыстаан, бүөбэйдээн,
Көрбүтүҥ, харайбытыҥ,
Ханнык да күндүгэ
Ханыылыы көрбөтүм,
Сүрэхпэр саһыардым.
(“Күндүкэй ийэбин ахтабын”)
Айымньы иэйээччитэ ахтар-саныыр, таптыыр кэргэнигэр, күндүттэн күндү оҕолоругар, сиэннэригэр, чугас дьонугар арчылыыр алгыhынан, тапталынан, махталынан, ыллыктаах ыратынан томточчу туолбут хоһооннорун ис сүрэхтэн аныыр. Холобур, “Олоҕум доҕоругар”:
Мин күндү сэгэрим
Тыыннаах тапталын
Тырымныыр туоһулара,
Ыччаттарбыт үөрэр
Көрдөөх күлүүлэрэ –
Бу барыта кини,
Мин доҕорбунаан
Үйэлээх олохпут
Умнуллубат үтүөтэ.
Маны сэргэ ааптар аат тылга кыратытар-атаахтатар, эйэргиир дэгэттээх итиэннэ тардыылаах аат сыһыарыыларын туттан сиэннэригэр истиҥтэн истиҥ сыһыанын арыйан көрдөрөр:
Сиэннэрим, минньигэс бэйэлээхтэрим,
Олохпун салгыыр эрэлчээннэрим,
Сардаҥалыы сырдыыр кыымчааннарым.
(“Сиэннэрим”)
Көстөрүн курдук, “Хоһооннор” түһүмэххэ оптимистыы тыыннаах хоһооннор хото киирбиттэр. Айтыына хоһооннорун хабар тиэмэлэрэ киэҥ өрүттээх, айылҕата араас өҥнөөх кырааскалаахтар, олоҕу көрүүтэ тус кырдьыктаахтар. Аар айылҕа көстүүлэрин, дьыл кэмин уларыйыыларын айар дьоҕурдаах, чараас куттаах буолан, бэлиэтии таба көрөн хоһуйар. Ылан көрүөҕүҥ, хоһооннор эҥинэ бэйэлээх ааттарын: “Сайыҥҥы сарсыарда”, “Сибэккилэр”, “Күн сардаҥата”, “Айылҕа уута”, “Буурҕа”, “Сыккыс уута”, “Туман түстэ”, “Улуу Өлүөнэ”, “Ньургуһун”, “Айылҕа бэлэҕэ – бэс”, “Күһүн”, “Ыйдаҥалаах түүн”, “Кырыа” уо.д.а.
Мин ааҕааччы быһыытынан, ордук дьиҥ саха олоҕун арыйар тиэмэҕэ суруйалларын өрүүтүн чугастык ылынабын. Ол курдук, Айтыына “Сахам ата”, “Ыһыах”, “Ийэ тылым – сахам тыла”, “Сахам лэппиэскэтэ”, “Муҥха”, “Кырыымпа”, “Хомоҕой сахам тыла”, “Тыл – сүдү күүс”, “Саха хомуһа”, “Сахаҕа хоһуйуу” хоһоонноругар санаатын хотоойутук этэр. Харахпар дьөһөгөй оҕотун уобараһа тиллэн кэлэр:
Чигди суолга соноҕос
Сиэлэн-хааман чырбайда.
Аллаах атым Чиги-чик
Хонолдьуйа дьырбайда.
Саха хомуһун сүдү күүһэ:
Аптаах, эмтээх хомус тыаһа,
Айгыр-силик айылҕа суугуна
Аан дойдуга иһилиннэ,
Саха аатын ааттатта.
Айтыына “Ийэм үүтүнэн бэриллибит ийэ тылым – төрүт тылым”, “Ийэ кутум – төрүт тылбар, иэйэр-куойар тойукпар” диэн этэрэ тоҕоостоох. Саха тыла омукпут сайдыыта, кэнчээри ыччаппыт кэскилэ буолар. Тыл сүтүүтэ норуот омук быһыытынан эстиитэ буоларын өйдүөхтээхпит. Төрөөбүт тылбыт сүтэн-симэлийэн хаалбатын туһугар, күн бүгүн хас биирдии саха киһитэ кыһаллыахтаах. Ол биһиги ытык иэспит.
Хомуурунньук түмүктүүр түһүмэҕэр Айтыынаҕа анаммыт ис сүрэхтэн тахсар төрөппүт оҕолорун, аймахтарын-урууларын, дьүөгэлэрин, бииргэ алтыһар, үлэлиир бар дьонун истиҥ иэйиилээх ахтыылара киирбиттэр. Кинигэ ис хоһоонун кэнники сирэйгэ анаан бэчээттэммит сүбэ-ама тыллар, ону тэҥэ өҥнөөх сиэдэрэй хаартыскалар ситэрэн-хоторон биэрэллэр.
Мин “Кэрэ киһи” диэн ахтыыбар: “Валентина Ивановна-Айтыына Танара орто оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, дириҥ билиилээх-көрүүлээх саха тылын учуутала Дьяконов Егор Иванович салайар литературнай куруһуогар дьарыктаммыта, төрөөбүт төрүт тыл сүмэтин иҥэринэн хоһоон суруйарга уһуйуллубута. Онон айар үлэҕэ оскуолаҕа үөрэнэр эрдэҕиттэн холонор. Кини хоһоонноро уурбут-туппут курдук уу сахалыы тыыннаахтар, дьон болҕомтотун тардар уйан куттаахтар,” – диэн бэлиэтээн турабын.
Түмүкпэр, Айтыынаҕа ааҕааччыларгар ɵссɵ даҕаны инникитин хомоҕой хоhооннору, кэрэ кэпсээннэри, сонун ахтыылары бэлэхтээн айа-суруйа тур, дьоллоох -соргулаах буол диэн алгыспын аныыбын.
Светлана Самсонова-Сиибиктэ, Мукучу
2023 сыл, ахсынньы
--
コメント